Система персонажей олонхо создавалась и шлифовалась веками. Содержание олонхо отражает период разложения родового строя. Обычно во главе рода стоят патриархальные вожди, владеющие большим количеством скота. В олонхо повествуется о времени, когда еще нет государственных объединений, постоянной военной организации (поэтому герои совершают походы и ведут бои в одиночку), нет городов, частной собственности на землю (земля в олонхо ничья, она – “божья земля”). Основным охотничьим снаряжением являются лук, стрелы, силки на мелких зверей, а главными орудиями труда – незатейливые инструменты скотоводческого хозяйства. Заметное место занимают мифологические персонажи (боги, духи-иччи, мудрец Сээркээн Сэсэн, кузнец Кытай Бахсы, чудовища-абаасы и др.), связанные с общими мифологическими и религиозными представлениями якутов. Образы положительных и отрицательных героев резко контрастны. Вокруг богатырей айыы и абаасы группируются все остальные персонажи: родители, родственники, добрые и злые божества, духи-иччи, шаманы и шаманки, рабы, вестники, “стражи” разных мест, перевозчики и множество мифологических и второстепенных персонажей.
Сүрүн уобарастар
Олоҥхоҕо биис уустарынан түөлбэлээн олоруу тутула үрэллэр кэмэ ойууланар. Удьуор уус баһылыгынан элбэх сүөһүлээх-астаах киһи буолара.
Ил (судаарыстыба) олохтонуон, куораттар тутуллуохтарын, сири-уоту дьон бас билиэн (ол иһин олоҥхоҕо “айыы сирэ” дэнэр), бастайааннай байыаннай түмсүү, сэбилэниилээх аармыйа диэн үөдүйүөн (бухатыырдар соҕотохтуу кыргыһа бараллар) быдан иннинээҕи кэм кэпсэнэр. Оччолорго ох саанан, оноҕоһунан, туһаҕынан бултууллара, хаһаайыстыбаҕа туттар тэриллэрэ да бэрт судургута.
Олоҥхо персонажтарын тиһигэ хас эмэ үйэ тухары чочуллан оҥоһуллубута. Манна сүрүн миэстэни айыылар, иччилэр, абааһылар, сүр түннүгэ киһи Сээркээн Сэһэн, уус ааттааҕа Кудай Бахсы уо.д.а. курдук мифологическай персонажтар ылаллар. Балар уобарастара сахалар итэҕэллэрин кытта ыкса ситимнээх.
Биһирэмнээх уонна омсолоох дьоруойдар уобарастара олох утарылар. Олоҥхоҕо ахтыллар персонажтар бары айыы бухатыырдарын уонна абааһылары тула бөлөхтөһөллөр: ойууннар, удаҕаннар, хамначчыттар-чаҕардар, сорук боллурдар, бухатыырдар төрөппүттэрэ, ойохторо уо.д.а.
Главный герой — богатырь Айыы
Большим достижением сказителей олонхо – олонхосутов – является создание ярких, художественно совершенных образов. Образы положительных персонажей в олонхо многочисленны и разнообразны. В их судьбах, борьбе и победе воплощаются народные идеалы и чаяния.
К главным персонажам относится богатырь племени айыы аймага, представляя собой идеального человека с точки зрения людей родового общества. Для композиции олонхо характерно развитие действия в биографическом плане – от рождения героя до возвращения в родной дом после свершения всех подвигов. Жизнь героя описывается как череда подвигов, совершаемых им ради одной цели – установления мирной жизни людей его племени. По содержанию якутские олонхо представляют собой героическую повесть, поэтому образ главного героя, богатыря айыы, раскрывается в его боевых подвигах, он наделяется исключительными качествами мужчины-воина.Он обладает непомерной физической силой, телесной красотой, высокими моральными качествами. Богатырь айыы выполняет особую миссию, возложенную на него до его рождения высшими божествами, и имеет судьбу, предназначенную с рождения. Он – герой божественного происхождения, отмеченный благосклонностью верхних божеств во главе Юрюнг Аар Тойона, властителя человеческих судеб по трем мирам.
В описании портрета богатыря айыы олонхосут использует все яркие краски:
“Жилы богатыря звенят подобно натянутой тетиве лука, крик его гремит подобно грому, ростом он – выше стоящих деревьев, руки и ноги напоминают очищенные от коры лиственничные деревья. Глаза его круглы, как кольца нарядной узды, брови напоминают черных соболей” и т. д.
Энергия богатыря неистощима, воля непреклонна. Герой изображается храбрым, мужественным, бесстрашным воином. Он неутомим в походах и бою, совершает многодневные переходы без остановок, богатырская схватка продолжается в течение нескольких месяцев, а то и лет. Богатырь айыы смело вступает в бой с любым противником, не боясь опасностей. К числу его боевых качеств относятся: упорство, настойчивость, воля, проявляемые в походе и в бою, в преследовании противника. Это – суровый и беспощадный воин. Он совершает подвиги, которые не под силу обыкновенным людям. В то же время богатырь айыы, как любой воин на войне, бывает жесток, в этом плане он – выразитель своего времени. При этом он не злопамятен, легко прощает противника, проявляя благородство, свойственное сильной личности. Богатырь айыы обладает также даром перевоплощения: он может летать по Верхнему миру (по небу), обратившись сильной птицей; рыскать по Среднему миру, превратившись в хищного мифического зверя; нырять на морское дно в виде мифической рыбы-чудовища; поражать противника, превратившись – в острое копье, огненный меч и т.д.
В образах богатыря айыы народ воплотил свою веру в безграничные возможности человека, прославил его деяния во имя защиты родной земли и своего племени. Богатырь айыы всегда придерживается воинской этики, не нарушает её. Например, нельзя нападать на спящего или связанного, т.е. беззащитного противника. Осуждаются трусость, нарушение данного под клятвой слова, нарушение правил гостеприимства, отказ от защиты пострадавших. Он никогда сам первым не нападает на врагов, как правило, его призывают на помощь соплеменники, подвергшиеся нападению обитателей Нижнего мира. Главный герой не забирает в плен, не грабит. Подвиги героев заканчиваются установлением мирной и счастливой жизни людей Среднего мира. Действия богатыря айыы, как главного защитника, показаны в олонхо как оборонительные, справедливые. То есть он выступает как защитник и патриот своей родины, всех племен и родов “айыы аймага” (людского племени), родной Средней земли от притеснений внешних врагов. Он выделяется среди своих соплеменников физическими и моральными качествами. Главный герой олонхо – знатный родоначальник, вождь, но не хан или феодал. Богатырь защищает своих соплеменников, не извлекая материальной выгоды. В олонхо отсутствует понятие государства, державы, иной власти, кроме родоплеменного обычая и воинского долга. Исход его схватки с богатырем Нижнего мира важен для всего племени, весть об его поражении печалит всех, его победа – радость и ликование всего племени. В честь его победы устраивается большой праздник – ысыах (“Саргы ыһыаҕа”).
Образ главного героя является обобщенным, собирательным образом людей поздней стадии родового общества. Но некоторым персонажам присущи индивидуальные черты характера. Например, Эр Соготох – первый человек на земле, демиург, культурный герой, зачинатель жизни и трудовой, хозяйственной деятельности в ранних, архаических сюжетах. Популярен в народе образ Нюргун Боотура как защитника рода и племени в более поздних сюжетах. Так же индивидуален образ отверженного героя Мюлджю, рожденного калекой или уродом, впоследствии становящегося могущественным богатырем и защитником всех племен Среднего мира. Имеет черты индивидуальности и характер строптивого богатыря Кулун Куллустуура, он одинок, как и Эр Соготох, горд, своенравен и независим. Кулун Куллустуур представляет образ богатыря, протестующего против установленных норм морали и устоев эпического общества.
Айыы бухатыыра – сүрүн дьоруой
Олоҥхоһуттар биир улахан кэрэхсэнэр ситиһиилэрэ — уус-уран өттүнэн чаҕылхай уобарастары айаллара.
Биһирэмнээх дьоруойдар уобарастара хатыламмат уратылаахтар. Кинилэр килбиэннээх олохторугар, хорсун киирсиилэригэр, кыайыыга дьулуурдарыгар норуот эрэлэ уонна баҕа санаата көстөр.
Олоҥхо героическай айымньы буолан, сүрүн дьоруойбут – эт-хаан өттүнэн толору сайдыылаах, олус күүстээх уонна уҕараабат эрчимнээх бухатыыр. Ол күүрэр күүһүн үчүгэй сыалга-сорукка туһанар. Ол курдук, кини күн айыы аймаҕа туох да куттала-баттала суох дьоллоохтук олорорун туһугар туруулаһар.
Майгыта-сигилитэ хабыр хапсыһыыларга толору арыллар: тулуура, дьулуура, хорсуна, модун санаалааҕа, көнө сүрүннээҕэ, дьонугар, дойдутугар бэриниилээҕэ. Кини ис санаатынан эрэ үтүөкэн буолбатах, көстөр дьүһүнүнэн эмиэ кырасыабай эр бэрдэ. Онуоха тас көстүүтүн ойуулуурга бэртээхэй тэҥнэбиллэри туһаналлар: “Ох саа тардыллыбыт кирсин курдук күүрбүт иҥиирдээх, этиҥ этэринии сатарыыр сөҥ саҥалаах, мас муҥутуур мутугуттан үрдүк уҥуохтаах, хастаабыт тиит курдук харылаах, суллаабыт тиит курдук сотолоох, аҕыс былас дарайар сарыннаах, биэс былас биэкэйэр бииллээх, куллугур моойдоох, тоҕус мастаах хойуук оҥочону туруору туппут курдук, буу-хаан көҕүстээх, сэттэ мастаах лип-хаан халҕаны тиэрэ кэбэн кээспит курдук, кэтит нанаҕар түөстээх, бөҕө мөссүөннээх, хара саһыл кыылы хайыта-тырыта бысталаан, харах-хаас оҥорбут курдук, халбалдьыгас хара көмүс хаастаах-харахтаах”.
Эҥкилэ суох үтүө бухатыырбыт олоҕо, төрүөҕүттэн саҕалаан кэпсэнэн, сындылҕаннаах сырыылара сырдатыллан, биис ууһун баһылыга буоларыгар тиийэ ойууланар. Кини айыылартан айдарыылаах, онон дьылҕатын Үрүҥ Аар Тойон айыылары кытта түстүүр уонна олоҕун суолун тухары айыылар кинини арыаллыыллар.
Саалаахтан самныбат, охтоохтон охтубат эр санаалаах боотурбут көннөрү киһи кыайан санаммат хорсун быһыыларыгар холонор уонна хотор. Хабыр майгытын киллэрэн, аһынар диэни умнан туран, ыйы быһа, ону ааһан хастыы эмэ сылы быһа тохтоло суох сылайбакка киирсиэн сөп.
Айыы бухатыыра атааннаах-мөҥүөннээх аан дойду былыргы былдьаһыктаах-быһыылааннаах дьылын киһитэ буолан, тура төрөөбүт сэрииһит. Онон кыһыйдаҕына кырыктаныан да сөп эрээри, кини өһүөмньүтэ суох. Киэҥ-куоҥ көҕүстээх буолан, өстөөҕүн да бырастыы гынар үтүө өрүттээх. Аны, дьүһүн кубулуйар, уларыйар дьоҕурдаах: чыычаах буолан, кый ыраах Үөһээ дойдуга көтүөн, адьырҕа кыыл буолан, Орто дойдуну кэрийэ сүүрүөн, көмүс хатырыктаах буолан, уу түгэҕэр умсуон, сытыы үҥүү, уоттаах батыйа буолан, өстөөҕүн соһутуон сөп.
Норуот айыы бухатыырын уобараһынан киһи муҥура суох кыаҕын көрдөрөр. Кини төрөөбүт төрүт сирин-уотун, удьуорун ууһун көмүскүүр, харыстыыр, араҥаччылыыр үтүөтүн-өҥөтүн уруйдууллар уонна киэн тутта кэпсииллэр.
Айыы бухатыыра хайдахтаах да балаһыанньаҕа түбэстэр, сэрииһит сиэрин кэспэт. Холобура, утуйа сытар киһиэхэ уоран саба түспэт. Олоҥхоҕо куттанан куоппуту омнуолууллар, андаҕайбыт тылын туппатаҕы сиилииллэр, ыалдьытымсах буолууну тутуспатаҕы сүөргүлүүллэр, эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөспөтөҕү сэмэлииллэр.
Бухатыыр хаһан да бастакынан кыргыһыыны саҕалаабат, атааннаһыыны күөдьүппэт. Аллараа дойду адьарайдара аймаатахтарына, Орто дойду олохтоохторо көмүскэһэргэ көрдөстөхтөрүнэ, дьэ, оччоҕо эрэ кини саа-саадах тутан, охсуһууга турунар. Кими да билиэҥҥэ ылбат, уорбат-талаабат.
Кини бу албаннаах хорсун быһыытынан-сырыытынан Орто дойдуга дьоллоох уонна эйэлээх олоҕу түстүүр.
Бухатыырбыт киһи аймах бииһин ууһуттан бары өттүнэн үрдүк хаачыстыбаларынан чорбойор: айыы аймаҕын араҥаччылыыр буойун, Орто дойдуну иэдээнтэн быыһыыр бэриниилээх ботуруйуот. Онон кини киирсиилэрэ оруннаахтар.
Олоҥхоҕо сүрүн дьоруой феодал да, хан да буолбатах. Кини – сирдьит, биис ууһун баһылыга. Тугу эрэ барыһыраары дуу, суон сурахтанаары дуу айыы аймаҕын көмүскэһэр буолбатах. Ис сүрэҕиттэн баҕаран, сирдээҕи дьол туһугар туруулаһар.
Олоҥхоҕо судаарыстыба, держава, салалта былааһа эҥин диэн суох. Манна биис уус үгэһин уонна сэрииһит сиэрин тутуһуу баар.
Бухатыыр Аллараа дойду адьарайдарын кытта киирсиитэ тугунан түмүктэнэрэ дьонун-сэргэтин олус долгутар. Хоттороору гыннаҕына, санаарҕаан саппаҕыраллар, кыайдаҕына – үөрэн өрөгөйдүүллэр. Кыайыытын уруйдаан, Саргы ыһыаҕын ыһаллар.
Сүрүн дьоруой уобараһа хомуур суолталаах. Удьуорунан олоруу кэминээҕи дьону кининэн сиэрэйдээн көрдөрөллөр.
Сорох персонажтар хатыламмат ураты уобарастаахтар. Холобура, Эр Соҕотох – саҥаны айар култуурунай дьоруой. Хаһаайыстыбаны тэриниини түстээччи, олоҕу тупсарар үлэни саҕалааччы буолар. Оттон биэс былас биэкэйэр бииллээх, алта былас дараҕар сарыннаах Ньургун Боотур сырдык уобараһын дьон-сэргэ олус биһириир. Итэҕэстээх төрөөбүт оккураҥ Мүлдьү Бөҕө кэлин Орто дойдуну көмүскүүр сүдү күүстээх бухатыыр буолар. Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур, эмиэ Эр Соҕотох курдук, киэмсик, бэйэтэ туспа көрүүлээх, кимтэн да тутулуга суох. Ол айылгытынан кини Орто дойдуга олоҕурбут өйдөбүллэри, тутаах төрүттэрин утары барар.
Образы врагов племени Айыы
Главными противниками богатыря айыы являются эпические чудовища, богатыри абаасы из племени адьарай. Они обитают в Нижнем мире и являются исконными врагами людей племени айыы. Их внешний вид отвратителен: они одноглазы, одноруки и одноноги. Они очень сильны и бессмертны. Они похищают девушек и женщин племени айыы, пожирают скот, разоряют страну, уводят в плен людей и их скот. Абаасы олицетворяют все злое и враждебное человеку. Их образы даются однопланово, только с негативной стороны. Они хвастливы, не очень умны, простоваты наивны и доверчивы, несмотря на физическую мощь и коварство. Происхождение образа абаасы в олонхо теряется в глубине веков, это сложные, архаические образы. В основе их образов лежат древние мифологические представления предков якутов о реально существовавших враждебных племенах, с которыми они воевали в ходе долгого исторического пути своего развития. Вначале абаасы олицетворяли враждебные стихийные силы, которые люди были не в силах преодолеть. С развитием производительных сил образ абаасы меняется, принимая индивидуальные черты и исторические контуры. Образы абаасы, первоначально зародившись как фантастическое отображение враждебных стихийных сил природы, позже переплелись с образами чужих по вере и культуре племен, с которыми сталкивались предки якутов в далеком прошлом на своей южной прародине. Это типичное изображение врага в виде чудовищ, характерное для всего тюрко-монгольского эпоса: у монголов – многоголовые мангусы, бурят – мангуты, шулмусы и др., у тюрок – чудовища, приобретающие разные фантастические виды.
Айыы аймаҕын өстөөхтөрө
Айыы бухатыырдарын саамай кыр өстөөхтөрө – Аллараа дойду адьарайдара, абааһы бухатыырдара. Кинилэр сир алларатыгар олороллор уонна айыы хаан аймаҕын кыргыттарын, дьахталларын уораллар. Сүөһүлэрин сиэн-эһэн, Орто дойдуну урусхаллаан, барытын бэйэлэрэ эрэ баһылыахтарын баҕараллар.
Ынырык мара дьүһүннээхтэр: биир оҥойор харахтаахтар, биир такыйбыт илиилээхтэр, биир мадьайбыт атахтаахтар. Ол иһин наһаа улахан күүһэ суохтар эрээри, өлбөт үөннэр.
Абааһыларынан сирэйдээн, сир үрдүгэр баар туох баар куһаҕаны түмэн көрдөрөллөр. Кинилэр мөкү эрэ өрүттээхтэр. Төһө да уодаһыннаахтарын, киһиргэстэрин иһин, мантыкаларыҥ аны кэнэннэр, итэҕэйимтиэлэр, өс киирбэхтэр.
Абааһылар уобарастара хаһан айыллыбыттара биллибэт, олус былыр буолаллара сэрэйиллэр. Сахалар бу мифологическай уобарастарга түҥ былыр кинилэри кытта атааннаспыт биис уустарын сигилилэрин дьүһүйбүттэр. Олору кытта унньуктаах уһун кэм устата киирсибиттэр.
Ол эрээри бастаан абааһылар уобарастарынан айылҕа алдьатыылаах күүһүн көрдөрбүттэр эбит. Онтон сыыйа соҕуруу олорон атааннаспыт биистэрин уустарыгар майгыннатан ойуулаан, абааһыларын чопчу быһыылаах-таһаалаах, хараактардаах уобарастарга кубулуппуттар.
Түүр-монгуол эпостарыгар маннык күтүрдэр үгүстүк көстөллөр: монгуолларга – элбэх төбөлөөх мангустар, бүрээттэргэ – мангуттар, шулмустар, түүрдэргэ — абааһылар.
Образ таежного богатыря
Во многих сюжетах эпизодически появляется таежный богатырь Арджамаан-Джарджамаан (Ардьамаан-Дьардьамаан) как противник главного героя айыы. В отличие от образа абаасы его образ наделен реальными чертами: изображается стариком, ходит в оленьей дохе, на лыжах или ездит на олене. Он часто похищает женщин и скрывается. Этот образ имеет свои исторические корни. Прибывшие с юга предки якутов постепенно вытеснили аборигенные племена с насиженных мест в долине Средней Лены, что не могло не вызвать военных столкновений с ними. Уже в 17 в. якуты продвигались вдоль рек по Алдан, Вилюй и Олёкма, крупных притоков могучей реки Лены. Происходили эти военные столкновения между отдельными группами, и носили характер кратковременных/небольших стычек. По историческим документам, “бывали нападения тунгусов (эвенков) и на отдельных якутских поселенцев, с похищением у них женщин и разграблением имущества. Более редкими были случаи нападения якутов на тунгусов. Якутско-тунгусские столкновения нашли отражение в исторических преданиях якутов и эвенков. С течением времени между якутами и тунгусами произошли тесные экономические связи, обмен продуктами, развивались родственные связи. Якуты женились на эвенкийских женщинах, а эвенки брали якуток”. Но в древние времена женщин всегда было мало, и их часто похищали или насильно угоняли. В поздних сюжетах таежный богатырь изображен как положительный персонаж, друг и советчик главного героя (“Эр Соготох” М. Неустроева, “Кюн Нюргун” П.Н. Соловьева и др.). Таким образом, Арджамаан-Джарджамаан – это собирательный образ богатырей таежных племен, с которыми встречались предки якутов на новой родине.
Тайҕа бухатыырын уобараһа
Элбэх олоҥхоҕо айыы боотурун утары Ардьамаан-Дьардьамаан диэн тайҕа бухатыыра киирсэрэ ойууланар.
Ардьамаан-Дьардьамаан, абааһылартан атына диэн, кини дьүһүнэ-бодото, олоҕо-дьаһаҕа киһи киэнин курдук: бэйэтэ оҕонньор курдук, таба тириитэ саҕынньахтаах, туут хайыһарынан сылдьар, ардыгар табанан көтүтэр. Бу киһи дьахталлары уоран барар кыдьыктаах.
Тустаах уобараһы устуоруйа чахчыларын кытта ыкса ситимнээтэххэ, XVII үйэҕэ сахалар Өлүөнэ улахан салааларын устун устан, Бүлүүнэн, Алланынан, Өлүөхүмэнэн тарҕанан, Орто Өлүөнэ хочолорун баһылаан, ууһаан-тэнийэн, киэҥ сирдэринэн олохсуйан бараллар. Онуоха манна төрүт олохтоох тоҥустар, хоту үтүрүллэн эрэллэрин өйдөөн, утарылаһа сатыыллар. Ол эрээри ити киирсиилэр уһаабаттар эбит, түргэнник тохтууллара. Итиэннэ кэккэ бөлөхтөрүнэн эрэ күөдьүйэн ылбыттар. Докумуоннарга сурулларынан, сүрүннээн эбэҥкилэр сахаларга саба түһэллэр эбит. Дьахталларын уораллар уонна баайдарын-дуолларын халыыллар. Сахалар да итинник гынар түбэлтэлэрэ, сэдэхтик да буоллар, син буолуталыыр эбит. Саха-тоҥус атааннаһыытын туһунан номохтор эбэҥкилэргэ да, сахаларга да бааллар.
Ол эрээри кэм-кэрдии уҕарытар, сааһылыыр, бэрээдэктиир аналлаах. Сыыйа биир тылы буланнар, бастаан экэнэмиичэскэй сибээһи олохтоон, ас-таҥас атастаһар буолбуттар. Онтон хардарыта кэргэн тахсан, уруулуу-аймахтыы буолбуттар. Ол эрээри былыр дьахтар ахсаана аҕыйаҕынан, уһун суһуохтааҕы уоруу биитэр күүстэринэн күһэйэн илдьии олус элбэҕэ.
М.Неустроев “Эр Соҕотох”, П.Н. Соловьев “Күн Ньургун” олоҥхолоругар тайҕа бухатыыра биһирэмнээх персонаж быһыытынан кэпсэнэр.
Онон Ардьамаан-Дьардьамаан диэн төрүт олохтоох тайҕа дьонун көрдөрөр хомуур уобарас буолар.
Женские образы
Женские образы в большинстве своем изображаются пассивными, не считая образы женщины-богатырки или суженой богатыря айыы. Невеста героя обладает превосходными физическими и духовными качествами. Она наделена неземной красотой, умом, мудростью, покорностью, предстает как достойная спутница богатыря, хранительница домашнего очага, традиционной семьи, мира и спокойствия на земле. Женщины-богатырки из ранних типов олонхо – это самодостаточные личности, активные, сильные физически и морально, сражаются с врагом наравне с женихом, совершают подвиги во имя защиты своей родины и семьи. Этот образ богатырки-женщины наделен еще магическими (шаманскими) способностями, которые прививаются ей, как и богатырю айыы в Верхнем мире. Удаганки-богатырки как эпические образы выступают на защиту семьи, за создание своей семьи, за утверждение лучшей жизни в Среднем мире. Они вступают в поединок с богатырями абаасы, реже – с богатырями айыы, обладают даром перевоплощения, хитростью и коварством. Богатырки-удаганки имеют параллели у многих народов, у которых сохранились сказания о воинственных девах, напр., в алтайском эпосе о богатырской деве Алтан Тууди, узбекской поэме “Сорок девушек”, легенды об амазонках в Малой Азии и др.
Дьахталлар уобарастара
Бухатыыр дьахталлартан уонна айыы бухатыырын ойоҕуттан ураты дьахталлар уобарастара олоҥхоҕо улаханнык арыллыбаттар.
Сүрүн дьоруой сэгэрэ, бэйэтин курдук, тас көстүүтүнэн уонна ис дууһатынан кэрэ киһи. Кырасыабай дьүһүннээх, өйдөөх, муударай. Кэргэнигэр бэриниилээх. Алаһа дьиэтин араҥаччылыыр, иитэр сүөһүнү иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр ытык аналын толору толорор. Кини бухатыырга тэҥнээх доҕор, дьоһун кэргэн.
Эрдэтээҥҥи олоҥхолорго ойууланар бухатыыр дьахталлар бэйэлэрин иннилэрин көрүнэллэр, бэйэ кыаҕар толору эрэллээхтэр. Майгы-сигили, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн күүстээхтэр, эрдэриттэн хаалсыбакка киирсэллэр, төрөөбүт дойдуларын уонна дьиэ кэргэттэрин көмүскээри, хорсун быһыылары оҥороллор.
Удаҕан бухатыырдар орто дойдуга дьол-соргу тосхойорун, хас биирдии дьиэ кэргэн дьоллоохтук олорорун туһугар туруулаһаллар. Оҕуруктаах өйдөөхтөр, дьүһүн кубулуйар кыахтаахтар, киитэрэйдэр. Ол иһин абааһы бухатыырын кытта тэҥҥэ аахсаллар, ардыгар айыы бухатыырын кытта киирсэллэр.
Маннык удаҕан бухатыырдар элбэх норуокка бааллар. Алтаайдар Алтан Тууди диэн кыыс ньургун туһунан эпостаахтар, узбектар “Түөрт уон кыыс” диэн поэмалаахтар, Аччыгай Азияҕа амазонкалар туһунан номох тарҕаммыт.