Сибирякова Прасковья Дмитриевна
Прасковья Дмитриевна ханна төрөөбүтэ чуолкайа биллибэт. Кинини Ойуун Эмээхсинэ диэн ааттыыллар. Кини кэргэнэ Ойуун Дьэппириэн (Сибиряков Ефрем Михайлович) сааһын тухары Кэниэдэ төрдүгэр Кэрэхтээххэ олорбута. Кинини кыра мэнэрик
ойуун дииллэр эбит. Советскай былаас буолтун кэннэ хойут холкуостааһын кэмигэр оччотооҕу Сэбиэт председателэ, комсомол ыччаттар күүс өттүнэн өттөйөн, сүөһүтүн холкуоска тутан ылбыттара үһү, онтон сылтаан сотору өлбүт. Бороскуобуйа эмээхсин 90-нун лаппа тахсан баран өлбµтэ. Кини сорох остуоруйалара, үһүйээннэрэ кинигэҕэ киирбиттэр, сүүстэн тахса остуоруйаны билэрэ дииллэр. Тойугу, олоҥхону да билэр эбит.
И.И. Собакин /Чурапчы олоҥхоһуттара, Дьокуускай : Алаас. -2015.
Поделитесь этой страницей