Кээмэйин үс өттүттэн көрөн быһаарар оруннаах
Былыр олоҥхо кээмэйин хас түүн толороллорунан көрөн быһаарар этилэр. Биир түүн толоруллары кыраларга киллэрэллэрэ. Икки түүн буоллаҕына – ортолорго. Оттон үстэн элбэх хонук олоҥхолонору — бөдөҥнөргө.
Хараҥаҕа олоҥхолоноро ордук
В.Л. Серошевскай “Сахалар” диэн кинигэтигэр И.А. Худяков информатора Манчаары: “Ый устата толоруллар олоҥхону билэбин”, — диэн этэрин ахтар.
А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй суруйарынан, кыһын сарсыардааҥҥы ууга диэри (предутренний сон) 13-14 чаас устата олоҥхолууллар эбит. “Түүҥҥү кэмҥэ ордук тахсыылаахтык толоруллар”, — диэн бэрт үгүс олоҥхоһут бэлиэтиир.
Дьааҥы олоҥхоһута А.Н. Томскай-Оһохтоох олоҥхо толоруллар кэмин туһунан бу курдук этэр: “Хараҥа бириэмэҕэ олоҥхолоноро ордук, оччоҕо туох этиллэрин хараххар илэ көрөр курдук буолаҕын. Сырдыкка ис хоһоонун, хараҥаҕа истэр курдук, ис дьиҥинэн ылыммаккын, ол иһин киэһэ арыый эрдэ аһаан баран, ол кэнниттэн истии буолар” (В.В. Илларионов. Дьааҥы олоҥхоһуттарарын үгэстэрэ. Дьокуускай: Бичик, 2006, 17 с.).
Атын түүр тыллаах омуктар суруйалларынан, холобур, хакаастар алыптыг нымахтарын эмиэ сарыардааҥҥы күн тахсыар эрэ диэри түүннэри толороллор эбит: “Согласно хонгорским традициям, алыптыг нымахи всегда исполняются ночью, с вечера до утра. Днем сказитель и душа эпического героя могут сбиться с пути и заблудиться. Если рапсода захватил рассвет, то закрывали дымовое отверствие юрты или окна дома, чтобы он мог закончить произведение.” (В.Я. Бутанаев, И.И. Бутанаева. Мир хонгорского (хакасского) фольклора. Абакан, 2008, с. 11).
Манна даҕатан этэр буоллахха, аан дойду атын да омуктара эпическэй айымньыларын, холобур, бүрээттэр улигердарын, эбэҥкилэр нимнгаканнарын, эбээннэр ньымкааннарын, долганнар олонгколорун эмиэ түүҥнү эрэ өттүгэр толорор идэлээхтэр.
Үс көлүөнэни хоһуйан
Олоҥхо кээмэйин өссө хас үйэлээх, көлүөнэлээх буоларынан быһаарыахха сөп курдук. Күн бүгүн бэчээттэммитинэн, сахаларга саамай улахана үс үйэлээх олоҥхолор бааллар: «Хаан Дьаргыстай» (И.А. Худяков сурукка киллэрбит), “Алаатыыр Ала Туйгуна” (Р.П. Алексеев).
Маннык олоҥхолорго үс көлүөнэ бухатыырдар сырыылара ойууланар. «Хаан Дьаргыстайга» Үрүҥ Уолан, онтон кини уола Күүстээх Киһи Көнчүө Бөҕө, ол кэнниттэн Көнчүө Бөҕө уола Хаан Дьаргыстай. Оттон «Алаатыыр Ала Туйгуҥҥа» Кыыс Ньургун — кини уола Ала Туйгун — Ала Туйгун уола Дьоруо Бөҕө.
Чурапчы Хадаарын олоҥхоһута Иннокентий Теплоухов-Тимофеев үтэ гынан бэрт үгүстүк олоҥхолообут «Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур» диэн олоҥхото ситэ сайдыбатах үс үйэлээх олоҥхо буолар.
Манна бастаан Кулун Куллустуур уонна Күн Толомон Ньургустай, онтон кинилэр уоллара Догуобай Торуоскалаах Босхоҥоллой Мүлгүн, кэлин Куллустуурдаах орто уоллара Ытык Суйулаа Кыыһа Айбаҥса удаҕан кэпсэнэллэр.Теплоухов-Тимофеев: “Бу олоҥхону уһатан олоҥхолоотохпуна, үс түүннээх күн толорор этим”, — диэн ахтар. Онон үс үйэлээх, ол аата үс көлүөнэлээх олоҥхо, үс түүнтэн итэҕэһэ суох толоруллар буолуон сөп курдуга тахсар. Чинчийээччилэр суруйан хаалларбыттарынан, маннык үс үйэлээх олоҥхолор былыр син балачча элбэх эбиттэр.
Аҕыс үйэлээхтэр кытта бааллар
Эбэҥкилэр “Иркисмондя бухатыыр” диэн нимнгаканнара түөрт үйэлээх эпическэй айымньы буолар. Н.Г. Трофимов нимнгаканыгар аан бастаан Иркисмондя бухатыыр, онтон кини уола Коколдон бухатыыр, онтон кэлин кини сиэнэ Хуркокчон бухатыыр хорсун-хоодуот сырыылара ойууланаллар. Онтон тиһэҕэр ааптар төрдүс көлүөнэ бухатыыр, Иркисмондя бухатыыр хос сиэнэ Денукчон бухатыыр олоҕун-дьаһаҕын, эбии суруйан биэрэр.
Хакаастарга үс үйэттэн ордоро көҥүллэммэт эбит. «Согласно традиции, сюжет алыптыг нымаха (богатырского эпоса) не должен превышать жизни трех поколений богатыря, иначе, по представлениям хакасов, исполнитель подвергает опасности свою судьбу» (В.Я. Бутанаев, И.И. Бутанаева. Мир хонгорского (хакасского) фольклора. Абакан, 2008, с. 10).
Бэрт соторутааҥҥыга диэри: “Киргиистэр «Манастара» эмиэ үс үйэлээх айымньы буолар”, — диэн этэр этибит. Айымньы бастакы чааһыгар Манас, иккиһигэр Манас уола Семетей, үсүһүгэр Манас сиэнэ Сейтек норуоттарын түмэр иһин охсуһуулара кэпсэнэрин ааҕарбыт. Кэлин биллэххэ, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Уйгурскай автономнай оройуонугар олорор балачча элбэх ахсааннаах киргиистэр ортолоругар аҕыс үйэлээх “Манас” бэрт киэҥник тарҕаммыт эбит. Киргизия сиригэр-уотугар умнууга барбыт Манас Баатыр ахсыс көлүөнэҕэ диэри ыччаттарын сырыыларын ойуулуур айымньыны улуу манааһы толорооччу Жусуп Мамай суруйан бэчээттэппит эбит. Кытай омук сиригэр.
Бу Жусуп Мамай “Манаһа” бэйэ-бэйэлэрин салҕаан иһэр “Манас”, “Семетей”, “Сейтек”, “Кененим”, “Сейит”, “Асылбача-Бекбача”, “Сомбилек”, “Чигитей” диэн аҕыс чаастан турар айымньы 16 томнаах кинигэ буолар.
Башкирдар “Урал Баатырдара” — эмиэ үс үйэлээх айымньы. Манна бастаан Янбирде уонна Янбика тустарынан кэпсэнэр, онтон кинилэр оҕолоро Шульган уонна Урал Баатыр сырыылара, ол кэнниттэн Урал оҕолоро Яйык, Нугуш уонна Идель, ону кытта Шульган уола Сакмар сырыылара ойууланар. Башкирдар эпостара “Урал Баатыр” суос-соҕотох биир эрэ барыйааннаах.
Бу айымньыны башкир кырдьаҕастара кимиэхэ даҕаны мээнэ кэпсээбэттэр эбит. «Являясь сакральным текстом, эпос был недоступен для непосвященных, воспроизводили его только в определенное время, в определенном месте и только в случаях сакральных праздников. По поводу недоступности для не посвященных сведений космогонического характера известный исследователь мифологии Л. Леви-Брюль писал, что «те кому известны наиболее значимые мифы, никогда не дают белым ни малейшего повода заподозрить существование этого огромного туземного мышления, что эти вещи остаются для белых совершенно неизвестными. Старые хранители тайных знаний сидят в селении, немые, как сфинксы, и решают, в какой мере они могут, не навлекая опасности, доверить знания предков молодому поколению и в какой именно момент эта передача тайн может оказаться наиболее благоприятной. Если эти обстоятельства не оказываются, на взгляд стариков, достаточно благоприятными, то тайны умирают вместе с ними, хотя они умирают и не без скорби, что не сумели передать свои тайные познания остающимся, так как без этих знаний племя обречено на угасание» (Л. Леви-Брюль. Первобытная мифология. Мифический мир австралийцев и папуасов. М., 2012, с. 12-13).
“Эти же закономерности работали и в случае с эпосом «Урал Батыр», который в силу сакральности содержания долгие годы оставался неизвестным, пока его не зафиксировал выдающийся собиратель башкирского фольклора М. Бурангулов. Можно сказать, что башкирам повезло, что М. Бурангулов оказался в нужное время в нужном месте и сумел внушить башкирским старикам — носителям тайного знания — доверие и те рассказали ему содержание эпоса. Этот эпос, подобно святыне всех мусульман Корану, не имеет версий, вариантов, т.е. сохранился только в одном единственном тексте. Дошедшие до нас некоторые фольклорные произведения, которые также называются «Урал Батыр» являются сказками или легендами, сохранившими определенные мифологические мотивы”. (З.Г. Аминев. Эпос «Урал батыр»: семантика образов и мотивов. Уфа: РИЦ БашГУ, 2015. — С. 5-6).
Онон «Урал Батыр» эпоһы 1910 сыллаахха фольклорист Мухаметша Бурангулов башкирдар түҥ былыргыларын үчүгэйдик билэр икки ытык кырдьаҕастан — Габит Аргынбаев (1852-1921) уонна Хамит Альмухамедов (1861-1923) – тылларынан суруйан үйэтиппит. Бу эпос суос-соҕотох барыйааныгар тугу да эбэр-сабар, уларытар-тэлэритэр ончу көҥүллэммэт эбит. “Сөҥө сылдьар кистэлэҥ билиитэ хайдах баарынан, туох да эбиитэ-көҕүрэтиитэ суох, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэх тустаах”, — дииллэр.
“Үстэн ордук үйэлээх олоҥхо былыр сахаларга баар этэ дуо?” диэн боппуруос туруордахха, “баар эбит” диэн эппиэттиэххэ сөп. Ол курдук, «Саха боотурдара» сиэрийэ «Муома олоҥхолоро» диэн 4 туомугар олоҥхоһут Иван Черов олоҥхолорун испииһэгэ баар. Онно кини «Халлаан Уола Хаарылла Мохсоҕол, Ырыа Кыыс Куоҕайдаан Балыстаах» диэн олоҥхото төрдө тоҕус үйэлээх олоҥхо этэ” диэн суруллубут. (Муома олоҥхолоро. 4 том, Дьокуускай: Бичик, 2004. — С. 237).
Бу туһунан И.С. Эверстов ахтарынан, Сартаҥ олоҥхоһута Суруурбуур Охонооһой: “Олоҥхо диэн дьиҥнээх буолбатах, кинини киһи бэйэтэ өйүттэн айар, олоҥхо бухатыырын оҕолоро улаатан, бухатыыр буолан иһэллэр. Ону төһө баҕарар ырыта туруохха сөп”, — диэн кэпсиир эбит (В.В. Илларионов. Дьааҥы олоҥхоһуттарын үгэстэрэ. Дьокуускай: Бичик, 2006, с. 19). “Дьэ, ол түмүгэр үс үйэлээх, ол аата хас да көлүөнэ бухатыырдар олохторун көрдөрөр олоҥхолор баар буолбуттара”, — диэн быһаарар эбит. Бу элбэхтэн биир быһаарыы.
Саха олоҥхото үксэ биир үйэлээх уонна биир киэһэ толоруллар олоҥхо буолар. Холобура, “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхо биир үйэлээх, 4969 хоһоонунан устуруокалаах тэттик олоҥхо.
Икки үйэлээх олоҥхолорго киириэхтэрин сөп: Бүлүү олоҥхоһута Василий Каратаев “Модун Эр Соҕотох” (Модун Эр Соҕотох уонна кини уола Көмүс Кыырыктай Бухатыыр), Г.Н. Свинобоев “Баһымньы Баатыр” (Эр Соҕотох уонна кини уола Баһымньы Баатыр) Таатта олоҥхоһута Н.Т. Абрамов “Өлбөт Бэргэн” (Оҕо Тулаайах уонна кини уола Өлбөт Бэргэн), В.Л. Приклонскай хомуйан таһаартарбыт “Эр Соҕотох” (Эр Соҕотох уонна кини уола Эйиэнтэй Бэргэн).
Онон биир үйэлээх олоҥхону кыра олоҥхо ахсааныгар киллэриэххэ сөп, икки үйэлээх олоҥхону – ортоку, үстэн ордук үйэлээхтэри бөдөҥ олоҥхолорунан ааҕыахха сөп буолан тахсар.
Хас бухатыыр олоҕо ойууланарынан
“Олоҥхобут оччо-бачча үйэлээх уонна оччо-бачча олохтоох”, — диэн этэллэрин арааран өйдүөххэ наадалаах. Сорохтор олоҕо диэн хас түүн олорон толоруллара ааттыыллар эбит.
“Тааттаҕа Ньаллыр Татаринов диэн улахан олоҥхоһут киһи олорон ааспыта. Кини «Ыҥырҕаннаах Ытык Нуоҕай» олоҥхото ордук киэҥник биллэр эбит. “Бу олоҥхо тоҕус түүннээх күн устата тохтообокко ылланар, ол аата тоҕус олоххо диэри ылланар олоҥхо этэ. Ол иһин бэрт аҕыйах киһи тулуйан истэрэ, оннук дьулаан, илбистээх тыллаах-өстөөх эбитэ үһү”. (Е.Д. Андросов. Таатта олоҥхоһуттара уонна ырыаһыттара. Бастакы чааһа. Дьокуускай: Ситим, 1993. — С. 11).
Ол эрээри олоҥхо олоҕун хас бухатыыр олоҕо ойууланарынан быһаарар ордук курдук. Ол курдук, Т.В. Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоҥхото икки олохтоох: ини-бии бухатыырдар сырыылара кэпсэнэр. Бастакы чааһыгар убай киһи Ала Булкун, иккис чааһыгар инитэ Очуллаан Чочуллаан Бухатыыр олохторо, охсуһуулара, кэргэн булан кэлиилэрэ сэһэргэнэр. Ол эбэтэр биир көлүөнэ бухатыырдар олохторо ойууланар. Ол иһин “икки үйэлээх” диэбэккэ, “икки олохтоох” диир табыгастаах.
Оччотугар долганнар Н.П. Христофоров-Мочуора “Мөрүөдэн Мэргэн Бухатыыр” диэн ырыалаах олонгкотун чинчийээччилэр этэллэрин курдук, алта үйэлээх диэбэккэ, “үс үйэлээх, алта олохтоох ырыалаах олонгко” диэн этиэххэ сөп. Бу олонгкоҕо Мөрүөдэн Мэргэн, кини уола Эрчимнээх Үөдүрмэ уонна кини түөрт сиэнин олохторо эпическэй айымньы алта тус-туһунан чаастарыгар кэпсэнэр.
Таатта Дьүлэйин олоҥхоһуттарын биллэр-көстөр олоҥхолоро “Удаҕаттар Уолумар Айгыр икки”, “Элик Боотур Ньыгыл Боотур икки” эмиэ икки олохтоох олоҥхолор ахсааннарыгар киириэхтэрин сөп. Бу олоҥхолорго аҕас-балыстыылар уонна ини-биилэр тус-туһунан дьылҕалара хомоҕойдук хоһуйуллар.
Кэлин олоҥхо улаханын-кыратын хоһоонунан устуруокатын ахсаанынан быһаарар уонна онон атын норуоттар эпостарын кытта тэҥнээн көрөр буоллулар. Олоҥхо тиэкиһин хоһоон киэбигэр киллэрии П.А. Ойуунускайтан саҕаламмыта. Маныаха, биллэн турар, тыл үөрэхтээхтэрэ быһааралларынан, олоҥхо тыла-өһө, ритмиката, тылын, сүһүөхтэрин биир тэҥ ахсаана сүрүн төрүөтүнэн буолбута. Ол иннинэ олоҥхону хомуйааччылар уонна бэчээккэ бэлэмнээччилэр сэһэргиир киэбинэн, кэпсээн-сэһэн бэрээдэгинэн сурукка киллэрбиттэрэ. Бетлингк, Худяков, Пекарскай, Ястремскай курдук чинчийээччилэргэ уонна да атын бэлитиичэскэй сыылынайдарга олохтоох сахалар олоҥхону сэһэн, остуоруйа курдук суруйан биэрэр этилэр. П.А. Ойуунускай кэнниттэн урут сурукка киирбит уонна бары кэнники суруллубут олоҥхолор тиэкистэрин хоһоон киэбигэр киллэрэн бэчээттиир буолбуттара. Онон олоҥхобутун кээмэйин атын омуктар эпическэй айымньыларын кытта бу өттүттэн көрөн тэҥнээн көрөр кыахтанныбыт.
Оччотугар ханнык эпос саамай элбэх хоһоонунан устуруокалааҕын миэстэнэн быһаардахха маннык:
Бастакыга — “Манас” (550 000). Киргиис омук фольклорун сорох чинчийээччи: “Манас” биир мөлүйүөнтэн тахса хоһоонунан устуруокалаах уонна алта ый устата да толоруллуон сөп”, — диэн этэллэр.
Иккискэ — индийскэй эпос “Махабхарата” (200 000). Онтон үһүскэ — Фирдоуси “Шахнаме” диэн поэмата (100 000).
Уус Алдан олоҥхоһута Р.П. Алексеев үс үйэлээх “Алаатыыр Ала Туйгун” олоҥхото аан дойдуга төрдүс миэстэҕэ сылдьар. Бу олоҥхо бастакы суругунан барыйааныгар 52 тыһыынча, кэнники үс кинигэ буолан тахсыбыт барыйааныгар 50209 хоһоонунан устуруокалаах. Бу айымньылар кэннилэриттэн улахан кээмэйдээх “Рамаяна” индийскэй эпос (48 000).
Тэҥнээн көрөргө, холобура, П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотура” — 36600, Д.М. Говоров “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕөтө” — 19413, эхирит-булагаттар “Гэсэрдэрэ” — 22074, “Эренсейдэрэ” — 9521, алтаайдар “Маадай Харалара” — 7738, башкирдар «Урал Баатырдара» — 4665, финнэр «Калевалалара» —16039, Гомер “Илиадата” — 15689, “Одиссеята” 12106 хоһоонунан устуруокалаах.
Олоҥхо сорох чааһа үксүгэр сэһэргиир киэбинэн бэриллэр. Оттон персонажтара ыллыыллар, ол иһин хоһоон киэбинэн суруллара судургу уонна онуоха сөп түбэһэр. Инньэ гынан, холобур, К.Г. Оруоһун “Дьулуруйар Ньургун Боотур”, И.Г. Теплоухов-Тимофеев “Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур”, Д.А. Томская “Үчүгэй Үөдьүгүйээн уонна Куһаҕан Ходьугур” диэн олоҥхолоро сорҕото сэһэргиир киэбинэн, сорҕото уонна үгүс өттө хоһоон киэбинэн суруллубут буоланнар, кээмэйдэрин хоһоон устуруокаларын ахсаанынан ааҕар бэрт уустуктардаах. Ону таһынан билигин даҕаны бэрт үгүс олоҥхо уруккутунан биир кэлим сэһэргиир бэрээдэгинэн суруллан (сплошным текстом) хараллан сытар. Итилэри барыларын учуоттаан туран, И.В. Пухов, Г.У. Эргис үлэлэригэр олоҕуран, ортотунан 5-6 тыһыынчаҕа диэри хоһоонунан устуруокалаах олоҥхолору кыра олоҥхо ахсааныгар киллэриэххэ сөп. Онтон 6-15 тыһыынчаҕа диэрилэри – ортолорго, онтон элбэх устуруокалаахтары – бөдөҥнөргө.
Олоҥхолору кээмэйдэрин бу маннык үс өттүттэн көрөн быһаарыы олохтоох. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон биэрэллэр. Биир эрэ өттүттэн олоҥхону сыаналааһын татым (аҥаардас хас түүн толороллорунан дуу, хас устуруокалааҕынан дуу, эбэтэр хас үйэлээх олонхо буоларынан дуу). Олоҥхо ис хоһооно, хаачыстыбата, суолтата, кыаҕа, дириҥэ бу үс суол өрүт ыкса ситимнээхтик, сатабыллаахтык аттарыллыбыттарыттан быһаччы тутулуктаах.
Сакральнай айымньы буолуо дуо?
Аны туран, биир манныгы бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Биһиги олоҥхоһуттарбыт, атын сорох аймахтыы омуктар (холобура, башкир, хакаас) эпоһы толорооччуларыттан биир маннык уратылаахтарын ыйар наадалаах. Билиҥҥи олоҥхону толорооччу олоҥхобутун улахан дириҥ кистэлэҥнээх билии, үөрэх, ол аата сакральнай айымньы курдук көрбөт курдук. “Олоҥхону толоруу, кини кистэлэҥ ис хоһоонун тарҕатыы сөптөөх кэмҥэ, сөптөөх миэстэҕэ, сөптөөх дьоҥҥо эрэ итэҕэйиллэн, чып кистэлэҥинэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэхтээх” диэн өйдөбүл
көстүбэт.
“Саха киһитэ оҕуһугар олордо да — олоҥхоһут, ынаҕын мииннэ да — ырыаһыт” диэн өс хоһооно сахаҕа баар. Ол эбэтэр олоҥхоһут хаһан баҕарар дьон көрдөстө, итиэннэ ыллыах-туойуох санаата кэллэ да, олоҥхолуох тустаах диэн санаанан салайтарар курдук. Дьэ, ол түмүгэр бэрт үтүмэн олоҥхо суруллан, тылбаастанан, бэчээттэнэн таҕыстаҕа, билигин даҕаны араас архыыптарга хараллан, мунньуллан сыттаҕа. Арай түҥ былыр туох эмэ буойуу-хаайыы баара эбитэ дуу, суоҕа эбитэ дуу? Ол туһунан сурукка-бичиккэ тиһэн, ким да тугу да суруйан хаалларбыта суох. Ол туһунан биллиилээх эпосоведпыт, олоҥхону чинчийээччибит И.В. Пухов эмиэ этэн турар: “Дореволюционные якуты не связывали с исполнением олонхо каких-либо обрядовых действий, придающих ему магический смысл, как произведению, имеющему какое-либо назначение, кроме художественного. Тем более этого нет у современных якутов” (П.Е.Ефремов. “Долганское олонхо”, 29 с.). Бу боппуруос чинчийээччилэр өттүлэриттэн болҕомтону эрэйэр.
Аны өссө биир боппуруоска тохтоон ааһар тоҕоостоох. Историк Семен Николаев-Сомоҕотто “Происхождение народа саха” диэн үлэтигэр бэлиэтииринэн, былыргы сахалар олоҥхолорун “сатыы олоҥхо” уонна “аттаах олоҥхо” диэн араараллар эбит. “Сатыы олоҥхо” диэн түҥ былыргы номохтору, сэһэннэри, үһүйээннэри, остуоруйалары ааттыыллар” диэн суруйар. “Сатыы олоҥхо” ылламмат, кинини кэпсииллэр, сэһэргииллэр эрэ. Оттон “аттаах олонхо” диэн бу билиҥҥи ылланар олоҥхобут.
Бу боппуруоска саха олоҥхотун атын омуктар эпическэй айымньыларын кытта тэҥнээн көрөр бэрт интэриэһинэй. Холобура, Х.И. Дуткин “Эвенский фольклор” диэн үлэтигэр суруйарынан, эбээннэр ньымкааннара эмиэ икки араастаах буолар эбит: “икэлкэн ньымкаан” (ырыалаах остуоруйа) уонна “урумкун ньымкаан” (кыыл-сүөл, олох-дьаһах туһунан кылгас остуоруйалар). “Икэлкэн ньымкааннара” сорохторо бүтүннүү ылланар, сорохторугар персонажтар диалогтара, саҥалара эрэ ылланар эбит.
П.Е. Ефремов суруйарынан, долганнар бэйэлэрин олонгколарын эмиэ “һатыы олонгко” уонна “ырыалаах олонгко” диэннэргэ араараллар. Кинилэр “һатыы олонгколоругар” кэпсэнэр эрэ остуоруйалары, оттон “ырыалаах олонгколоругар”, эмиэ сахалар курдук, дьоруойдарын диалогтара, кэпсэтиилэрэ ылланар эрэ буоллаҕына киллэрэллэр эбит. “Ырыалаах олонгкону” ким барыта толорор бырааба суох. Ытыктанар, норуот билиммит эрэ киһитэ толорор. “Һатыы олонгкону” ким барыта толороро көҥүл эбит.
Хакаастар бэйэлэрин алыптыг нымахтарын икки араастаах диэн этэллэр эбит: “аттаах нымах” (конное сказание) уонна “сатыы нымах” (пешее сказание). Бастакылара хайаан да ылланар уонна мусукаалынай үстүрүөмүөннэринэн доҕуһуолланар. Иккиһигэр айымньы ис хоһооно ырыата да, доҕуһуола суох арыллар. Бу туһунан хакаас чинчийээччилэрэ бэйэлэрэ маннык суруйаллар: «Полностью выдержанное в традиционном стиле исполнение эпоса называется аттыг нымах— буквально «конное сказание». Ухонгорцев, как и у тюрков Южной Сибири, музыкальные инструменты явно отождествлялись с ездовыми животными. Если же содержание эпоса передается без горлового пения и без сопровождения музыкальных инструментов, то такое произведение называется чазаг нымах — буквально «пешее сказание». При повествовании «по-пешему» богатырей на коней не садили. Идентичная манера исполнения бытовала среди монгольских сказителей, которые никогда не рассказывали богатырские эпопеи, а всегда пели под аккомпанемент музыкальных инструментов». (Бутанаев, Бутанаева, с. 18).
Сорох чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, Үөһээ Дьааҥы диэки олоҥхоһуттар олоҥхолорун, сытан эрэ, остуоруйа курдук ырыата суох кэпсээн толороллор үһү. Оччотугар, кырдьык да, олор “сатыы олоҥхо курдук буолан тахсаллар. Холобура, Үөһээ Дьааҥы олоҥхоһута Д.А. Томская-Чаайка толорор олонхолорун сюжеттара үксүгэр саха биллэр остуоруйаларыгар олоҕураллар: “Үчүгэй Үөдьүгүйээн, Куһаҕан Ходьугур”, “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин”, “Мэник Мэнигийээн”, о.д.а. Онон кини олоҥхолорун остуоруйа курдук кэпсээн да толоруохха сөп. Бу боппуруос инникитин салгыы үөрэтиллиэн, санаа атастаһыыта тахсыан наада.
Бу түгэннэри таһынан улуу олоҥхобутугар баар аан дойду (вселенная), куйаар (пространство), кэм-кэрдии (время), киһи, кини дьылҕата уонна да атын бөлөһүөктүү өйдөбүллэр уонна көрүүлэр тустарынан дириҥ, толору анаарыы чинчийээччилэр болҕомтолорун тардыа, саҥа саҕахтары арыйыа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
Василий Винокуров,
ХИФУ философияҕа кафедратын доцена.