Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр
Быйыл сайын Олоҥхо ыһыаҕа Кыыс Аммаҕа ыһыллар буолан, тэрээһин үлэ күөстүү оргуйар.
Бу күннэргэ Олоҥхо институтун научнай үлэһитэ, аммалар бэйэлэрин уоллара Юрий Борисов, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Феврония Шишигина, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта Ньургуйаана Илларионова Олоҥхо институтугар көрсөн, кулун тутар 21-22 күннэригэр, Аммаҕа ыытыллыахтаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ торумун дьүүллэстилэр. Ол курдук, Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээн…» тосхолго олоҕуруоҕа. Суолталаах тэрээһин кэмпириэнсийэ 14 түһүмэхтээх, 7 маастар-кылаастаах, 3 «төгүрүк остуоллаах» буолуоҕа. Бу туһунан Амма улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаала иһитиннэрдэ.
Хаартыска — Амма улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаала
Елена Потоцкая