Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии күүһүрэр - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии күүһүрэр

Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии күүһүрэр

Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийии боппуруостарынан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Ыһыах буолара чугаһаан, тэрээһин боппуруостара сытыырхайдылар.

 

Билигин «Амма», «Бөтүҥ» суолларга өрөмүөн ыытыллар. Суолларга быылы аҕыйатыы үлэтэ былааннанар. Тырааныспар хамыыһыйата Амма сэлиэнньэтигэр массыыналар, оптуобустар тохтуур сирдэрин, айанныахтаах суолларын, о.д.а. көрдө-иһиттэ. Ыһыах кэмигэр суоллары сабыы буолуон сөп. Хамыыһыйа көрөн-истэн баран, этиилэрин киллэрдэ.

Кыттааччылары түһэрэргэ 32 социальнай эбийиэк бэлэмнэнэр. 10 тыһыынча миэстэлээх балаакканан түһүү тэриллиэҕэ. Маны тэҥэ, хорчуоппа, атыы-эргиэн туочукалара баар буолуохтара.

Сергей Местников ыам ыйын 17 күнүгэр диэри волонтердары талыыны, үөрэтиини түмүктүүргэ сорудахтаата. Ас-үөл, атыы, тиэйии-таһыы, түһэрии, куттала суох буолууну хааччыйыы боппуруостарыгар этиилэрин киллэрдэ.

Сардааналаах Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолуоҕа. Сабаҕалааһын быһыытынан, 10 тыһыынчаттан тахса киһи кэлэн, кыттыаҕа, көрүөҕэ-истиэҕэ.

Олоҥхо Ыһыаҕа 2006 сылтан ыытыллар. Бу култуурунай, духуобунай бырааһынньыгы көрсө, улуустарга саҥа социальнай эбийиэктэр тутуллаллар, култуура тэрилтэлэрин матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй баазалара тупсарыллар, суол-иис оҥоһуллар. 2025 сылга Олоҥхо Ыһыаҕа Нерюнгри оройуонугар ыытыллыаҕа.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Поделитесь этой страницей