Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр сүрүн үлэлэр түмүктэнэллэрэ чугаһаата - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр сүрүн үлэлэр түмүктэнэллэрэ чугаһаата

Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр сүрүн үлэлэр түмүктэнэллэрэ чугаһаата

 Ыыам ыйын 17 күнүгэр Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт мунньахтаата. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ыһыах ыһыллар сирин, тутууну, бырагырааманы көрдө-иһиттэ.

Сергей Местников: «Бүгүн биһиги Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыыттыбыт. Манна күн бастакы аҥаарыгар ыһыах түһүлгэтигэр тутулла турар үлэ хаамыытын билистибит. Маны ортотунан сыаналаатахха, 70 бырыһыан туолбут. Билигин бу хаалбыт кэмҥэ ситэриллэн, Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллыаҕа. Улахан мэһэйдэр, ыарахаттар суохтар. Бэс ыйын 10-с чыыһылаларыгар улахан үлэ-хамнас бүтүөҕэ.

Хаартыска: Култуура министиэристибэтэ.

Хаартыска: Култуура министиэристибэтэ.

 

 

Поделитесь этой страницей