Аммаҕа Олоҥхо сыла биллэрилиннэ
Тохсунньу 31 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Ф. Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр ааспыт 2023 сыл түмүктэрин таһаарар уонна үүммүт 2024 сылы Амма улууһугар Олоҥхо сылынан биллэрэр тэрээһин үөрүүлээхтик ааста.
Бу күн Олоҥхо сылын дьарылыгын сүрэхтээтилэр. Гиэрбэ ааптара – биллэр поэт, суруналыыс Зинаида Архипова.
Көрөргүт курдук, дьаралык ортотугар олоҥхоһут олоонноон олорор, кини кэннигэр Аал Луук маспыт сириэдийэ-чэчирии үүнэ турар. Дьарылыгы оһуордаах эргимтэ иилии төгүрүйбүт – бу Күн. “Олоҥхо сыла” диэн сурук сардаана сибэкки өҥүн курдук дьүһүҥҥэ суруллубут. Оттон халлаан күөҕэ, биллэн турар, Кыыс Амма ыраас уутун кэрэһилиир.
Бу дьарылык быйыл аммалары улахан ыһыаҕы үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыталларыгар туһаайыа, биир сомоҕо гына түмүө, көдьүүстээх үлэҕэ күөртүө, ситиһиигэ сирдиэ.
Поделитесь этой страницей