Соморсуннар 500 миэтэрэ ситиини хаттылар - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Соморсуннар 500 миэтэрэ ситиини хаттылар

Соморсуннар 500 миэтэрэ ситиини хаттылар

Амма сиригэр-уотугар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллара биир ыйы кыайбат кэм хаалла. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ улуус дьоно-сэргэтэ бэлэмнэммитэ ыраатта. Хас биирдии нэһилиэккэ ситии хатыытыгар, олбох тигиитигэр түһээн түһэриллэн турар. Ол сорудахтарын хас биирдиилэрэ олус эппиэтинэстээхтик толороллор. Бу күннэргэ Соморсун олохтоохторо 500 миэтэрэ ситиини хатан, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ улахан көмөнү оҥордулар.

Трофимова Мария Егоровна – нэһилиэк иннитигэр уктар, тарбаҕар талааннаах, умсугуйан туран дьарыгырар  уран-уус маастара.

Мария Егоровна улууспутугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар анаан 400 миэтэрэни хатта. Бу хатарыгар нэһилиэкпит олохтоохторо бары түмсэн, бииргэ мустан төһүү күүс буоланнар, сиэли “тыытааһыҥҥа”  көмөлөстүлэр.

Сиэли хатыы хас да түһүмэхтээх үлэттэн турар: маҥнай матырыйаалы бэлэмнээһин, дьүһүнүнэн араарыы, “тыытааһын”, ситиини “сааһылааһын”, ол кэннэ хатыы кэлэр. Бу маны барытын оҥорорго биир киһиэхэ сүрдээх уустук, онон нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ ону өйдөөннөр, сүрэх баҕатынан кэлэннэр, бэйэлэрин кылааттарын уксубуттара улахан суолталаах.

Уонча сыл анараа өттүгэр, Мария Егоровна маҥнай саҕалыырыгар, Надежда Максимова диэн дьүөгэтин оҕотуттан ситии хатарга үөрэммит. Ити курдук, кыл-сиэл алыбар ылларан, хомуһунун таайан, араас үлэлэринэн дьону-сэргэни үөрдэр, сөхтөрөр. Кини оҥоһуктарыгар улахан сөрүө, дэйбиирдэр, паннолар, араас киэргэллэр, олбохтор о.д.а.  бааллар. Бу үлэлэринэн Мария куруутун  араас быыстапкаларга, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар, улууспут, нэһилиэкпит чиэһин ааттатар.

Билигин Мария Егоровна улууспутугар уонна нэһилиэкпитигэр 10 сылгы бас быатын, көнтөһүн уонна үүнүн оҥорон саҕалаата. Бу биһиэхэ, нэһилиэгин  дьонугар улахан, сүҥкэн бэлэх.

Баранова Эльвира Афанасьевна – Сунтаар улууһун Ыгыаттатыттан төрүттээх. Соморсуннар биир тарбахха баттанар талааннаах, туспа көрүүлээх, илбиһит-эмчит кийииппит буолар.  Эльвира Афанасьевна буолаары турар Олоҥхо ыһыаҕар бэйэтэ сүрэх баҕатынан, нэһилиэкпит, улууспут туһугар 100 миэтэрэ ситии быаны соҕотох “тыытан”, хатан, сыаналаах бэлэх уунна. Бу — сүрдээх кирдээх, ыарахан, тулууру-дьаныары эрэйэр үлэ. Бу хатар кэмигэр Эльвира илиитин ытыһын кэрэйбэккэ оҥордо.

Кини сиэлинэн маҥнай дьарыктанан саҕалыырыгар араас хаһыаттартан, сурунааллартан 2007 сыллаахтан саҕалаан бэйэтэ дьарыктанан саҕалаабыт.

Эльвира Афанасьевна араас олбохтору, сөрүөлэри, дэйбиирдэри, о.д.а. оҥоһуктары сөбүлээн оҥорор. Бэйэтэ медик үөрэхтээх буолан, кылтан-сиэлтэн оҥоһуллубут оҥоһуктар киһи доруобуйатыгар туһалаахтарын, чэбдигирдэр суолталаахтарын бигэргэтэр. Ол курдук, кыл сэлээппэни, түбүтүөйкэни, араас массажердары, киһи суунар кыл мочалкаларын, тапочкалары, стелькалары оҥорор уонна хас биирдии киһи оҥостуон тустаах диэн этэр. Бу оҥоһуктарынан сыллата араас таһымнаах международнай, республиканскай көрүү-быыстапкаларга көхтөөхтүк кыттар, улууспут, нэһилиэкпит чиэһин ааттатар.

Инникитин Эльвира Афанасьевна араас панноларга, улахан сөрүөҕэ, ону таһынан туоска бэйэтин холонон көрүөн баҕарар. Иистэнии кинини умсугутар, сааһылыыр, сүрэҕин баҕатын толорор, олоҕун биир быстыбат сорҕото буоларын билинэр, ылынар.

Талааннаах биир дойдулаахтарбыт Мария Егоровна уонна Эльвира Афанасьевна уус уран оҥоһуктарынан дьарыктаналларын таһынан, эйэҕэс Эбээлэр, истиҥ Ийэлэр, Алаһа дьиэ амарах араҥаччылара – Саха норуотун дьиҥ Кэрэ Эйгэлээх Далбар Хотуттара. Бар дьон аатыттан эһиэхэ махтанабыт.

Туйаара Белолюбская, Амма

Поделитесь этой страницей