Мас уустарын үс күннээх күрэҕэ - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Мас уустарын үс күннээх күрэҕэ

Мас уустарын үс күннээх күрэҕэ

 Олоҥхо ыһыаҕа буолара икки нэдиэлэни кыайбат кэм хаалла. Ону көрсө ыытыллыбыт «Олоҥхо — өбүгэ ситимэ» мас уустарын үс күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ буолан ааста.

Уустар 2 миэтэрэ үрдүктээх, 40-60 см кэтиттээх бэрэбинэттэн олоҥхо тиэмэтин арыйар, дьоруойдарын билиһиннэрэр мас скульптуралары кыһан-чочуйан оҥордулар.

Бу үлэлэр Амма И.А. Швердин аатынан пааркатыгар туруохтара,. ол курдук Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын туоһулуур биир кэрэ көстүүлээх оҥоһуктарынан буолуохтара.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, кыайыылаахха — 150 000 солк., I миэстэҕэ — 100 000 солк., II миэстэҕэ — 70 000 солк., III миэстэҕэ — 50 000 солк. уу харчыны бириэмийэ. Анал ааттары ылбыт маастардарга Амма улууһун урбаанньыттара Людмила Куприянова,  Георгий Олесов, Дмитрий Бубякин, Ариан Носов, Валерий Максимов уонна «Махтал» маҕаһыын туруорбут бириистэрэ.

Түмүккэ Амма улууһун Сэргэ Бэһиттэн сылдьар Альберт Фомин үлэтэ Гран-при аатын ылла.

Роман Петухов (Майа, Мэҥэ Хаҥалас) бастаата.

Роман Петров (Нам улууһа) иккистээтэ.

Василий Попов ( Уолба, Таатта) үһүстээтэ.

Анал ааттары ыллылар:

«Алыптаах дьүһүйүү» — Иван Мохначевскай, Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас улууһа;

«Уран уус» — Егор Яковлев, Абаҕа, Амма улууһа;

«Олоҥхо дьикти таайтарыыта» — Петр Егоров, Ытык Күөл, Таатта улууһа;

«Тобуллаҕас толкуй» — Октябрь Аянитов;

«Өбүгэ утумун салҕааччы» — Афанасий Варфоломеев, Ытык Күөл, Таатта улууһа.

Поделитесь этой страницей