ОЛОҤХОҺУТ ДАРЫБЫАН - Сайт Олонхо
Главная / Статьи / ОЛОҤХОҺУТ ДАРЫБЫАН

ОЛОҤХОҺУТ ДАРЫБЫАН

Аҕа дойду сэриитин иннинээҕи аҕай дьылга, оскуола кыһыҥҥы өрөбүлүн саҕана, биһиэхэ намыһах уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх, төгүрүк маҥан сирэйдээх, саас ортолоон эрэр киһи киирэн кэлбитэ. Киирээт, ийэбэр чуо тиийэн:

-Харытыана, бу кыра оҕоҕун Дьарааһыны буой, тоҥон-тоҥон кэлэрбин кытта үрдүбэр түһэн, бу оҥордо, — диэн тириппитин көрдөрө-көрдөрө, дьиэлээх оҕонньору эмээхсинигэр үҥсүбүтэ. Дьарааһын таһырдьа сырыттаҕына, хоноһо кэлбитигэр үрдүгэр түһэн, балачча тустан мочоолоспут этилэр. Ити кырдьаҕас дьон дьиэ таһыттан тиритэн,  аҕылаһан киирбиттэрэ, омос көрдөххө, толоос да, көрүдьүөс да этэ. Дьиэлээх киһи киирээт:

-Эмээхсиэн, дьэ, байар буоллубут, көр. Дарыбыаммыт бэйэтинэн хоно кэллэ, мантыкаҥ төрүөҕэ тахсар ыалыгар хонооччу, ол иһин сарсыарда үөрэр хааһым кыһыйбыта, чэ, олоруоҥ дуо, алаадьылаа, — диэн көр-нар кэпсэтии саҕаланан барбыта.

Икки ахтыспыт кырдьаҕас дьон ити курдук көрсүһэн, ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ. Киэһэ аһылык кэнниттэн чугастааҕы икки ыалга биһигини, икки кыра уолу, дьон хомуйтара ыыттылар. Уолаттар ыаллар ааннарын тэлэйэ баттаат: “Биһиэхэ Дарыбыан баар, барар үһүгүт!” — диэт, киирбэккэ эрэ ааннарын саба быраҕаат, тэбинэр быһыылаах этибит. Эр  дьон үөрдэ-үөрдүбүтүнэн, дьахталлар сорохторо оҕолорун көтөхпүтүнэн кииртэлээн истилэр.

“Кэлэр киһи бүттэ, хайа доҕоор, сэксээлэҕэр олоруоҥ дуу”-диэн буолла.

 Дарыбыан тас ырбаахытын уста биэрээт, уот кытыытыгар тардыллыбыт остуол таһыгар талах олоппоско олоро биэрдэ, киһи сирэйэ ойуулаах таас хамсатын ууран, атахтарын оллооннуу ууран, хаҥас илиитин өттүк баттанан, уҥатынан сыҥаах баттанан, бастаан саас-сааһынан намылыччы, онтон улам күөрэччи эттэр этэн, тыынан кэбилитэн истэ эбээт. Киниэхэ бастайааннай «ноо!” диэччи Мэхээлэ эбээһинэһин лоп-бааччы толорбутунан барда.

“…Уолукка астахха, уһуутаан уһуктар, уолуйан туран, улугун төрдүгэр сытар ынах ханнын саҕа сымара таас куртахтаах, улуутуйар улуу-дьаалы Улахан Куохтуйа аҕалаах, санныттан арбаҕаһын араарбатах, атаҕыттан адаҕатын устубатах, арсыын тиистээх, Арсан Дуолай аан-дьааһын, аппах-буурай, атара-бөтүөхтэй Буор Маҥалай оҕонньор улахан кыыһа, амсайбахтыыр ап салбакы Ала Дугуйдаан хотун ийэлээх, таас сиргэ даадаллан туран, даамын биэрбэтэх таҥнары Таас Даадар бухатыыр диэн абааһы бииһин алдьархайдаах атамаанын кытта орто дойду дуолан бухатыыра дьурулуйар Ньургун Боотур бухатыыр күөн көрсөн, күрэс былдьаһан, чэгиэн эт сэймэктэһэн, чэй хаан тохсуһан, ыйаахтаах ыйааһын курдук ылсан, харахтаах хаантаар курдук ылсан киирэн бардахтарына”, —диэн олоҥхоһут этэн дьиэрэһитэн барда. Били «ноо” диэх буолбут киһилэрэ таһы умнан, быалаах мончуук баалга мөхсөрүн курдук холоруктуу өҥдөҥөлүү, эбиитин уһуутаталыы олорор буолара. Ол курдук олоҥхону истээччилэр бары даҕаны, бу дьиэлэрин иһигэр буола турар кыа хааннаах кыргыһыыны көрөр курдук, дууһалыын долгуйан, саҥа аллайталыыллара. Олоҥхоһут буоллаҕына, этэр тылын хомуһуннаах илбиһигэр таттаран, түһүмэх-түһүмэх түһэрэн, сорох түгэннэргэ унаарытан сыыйбахтаан ыла-ыла, этэн дьалыһыта олорорун өйдүүбүн.

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар, ким оҕото, ким аҕата биитэр кэргэнэ кыргыһыы хонуутугар охтубутун туһунан ынырыктаах сурах колхоз дьонугар ыар дьаҥ курдук тарҕаммыт кэмигэр, хара дьайдаах фашизмҥа дьон аймах кырыктаахтык өстүйэн, кыһыыга-абаҕа олордохторуна, Дарыбыан хоно кэлэр киэһэтэ улахан дьоро киэһэ буолара. Ол киэһэ баар-суох ас тардыллан, ааттаах олоҥхо иһиллэн, дьон бэркэ сэргэхсийэн, дьэгдьийэн хаалаллара.

Илларион Михайлович Давыдов олоҥхо ырыаларын бары дэгиттэрин толору баһылаабыт киһи этэ. Айыы аймаҕа, күн улууһа уонна араас иччилэр, абааһы аймахтара барыта уонтан тахса суол мелодиянан, тус-туһунан мимикалаан толоруллар элбэх өрүттээх ырыаларын уон араас куолаһынан толороро. Холобур, «Көстүбэт бөҕө көй боллох ыар дьайын күн дьонун бииһиттэн көлбөрүттэҕим буоллун, хойутун даҕаны көмүскэстээх күн өркөн улууһун, көстүбэт удьуоругар күүс өттүнэн күөмчүлэтиэм эрэ суоҕа, чэй эрэ, уһуктаах сэппэр умсугуйбут оһол уола оп-солбончой, омун-охочой тойон убайым биилээх сэппэр мэнийбит илбис кыыһа эбир кутурук, хатан часкыйа алтанчаный хотун эдьиийим, уусубай хаанынан сууна оонньуоххут буоллар, кыһыл хара хаанынан илгистэ эһиэхтэниэххит буоллар, ыраах да буолларгыт чугаһаан эрэ! Баар буолларгыт кэлэ тардын, адьарай уолун сыынк-сыраан иччилээх хоолдьуктаах баһын дэбдиргэ айаатым, салама тиирдим!»- диэн бухатыыр киһи дорҕоонноох чуор куолаһынан дуораһыттаҕына, дьиэ иһинээҕи тыҥааһыннаах ыар санаа ханна да суох гына мэлийэн хаалар, оркестр спортивнай маршы оонньоотоҕуна, буоларын курдук, киһи дууһалыын чэпчээн, кута-сүрэ өрүтэ дэбдэҥнээн, тахсыах курдук чэпчээн, сырдаан кэлэр. Оччоҕо бу олоҥхо буолбакка, улуу сэрии уоттаах буурҕатыгар тиийэн, били кинилэр барбыт аҕалара, оҕолоро эбэтэр кэргэннэрэ сиэхсит Гитлери бэйэтин ыстыыкка үөлэн, өһөх хаанын сүүрүгүрдэн, сир-буор сирэйдээн мөҕүһүннэрэ туралларын санатара.

-«Һаай эбэтээ! Эн, хаан утахтаах өстөөх, син итинэнэр күннээх эбиккин  эбээт, аныгытын даҕаны биһиги албан ааттаах аармыйабыт күн дьонун көстүбэт бииһигэр күүс өттүлэринэн күөмчүлэтиэ суоҕа!»- диэн Улуу Кыайыы сырдык ыратын олоҥхонон, иэҕин аҕалан итэҕэтиилээхтик көрдөрөр-дакаастыыр буолара. Итини олоҥхоҕо баар сырдык идеяны, бэйэтин сатабылынан, маастарыстыбатынан талан, наардаан аҕалан, киһи итэҕэйэр гына түмүктүүрэ.

Дарыбыан олоҥхоһутун таһынан үтүөкэн алгысчыт этэ. Кыайыы ыһыахтарыгар алгысчыт буолара, түһүлгэ ортотугар ананан оттуллубут уокка баһыттан атаҕар тиийэ сарыы таҥастаах, аҥаар атаҕын сөһүргэстээн, бэргэһэтин сэгэччи анньынан, аҥаар илиитин чорооннох кымыстаах олорон, алгыс алҕаан намылатан барбат дуо: «Хаанымсах өстөөх хампарыйда, уодаһыннаах өстөөх урусхалынна, кыайтарары билбэтэх Кыһыл Аармыйа барахсан, киһи аймах кыр өстөөҕүн үҥүүнэн кыдыйда курдук. Саргы дьаалы салалынна, өрөгөй талаан үрдээтэ, сэттэ сэргэ анньыллан, сэлэ тоҕой тутуллан, алтан чааскы ууруллан, араҥас майдаан тардыллан, чоҥоро чүөмпэ саҕа түһүлгэни төрүттиэхпит буоллун! Чэй эрэ, илэ-чахчы Иэйэхсит хотун, сиэллээх иһэҕэй дугуй, дэбилгэ маҥан аартыккын тэлэйэ тэбэн тураҥҥын, иэдьэгэй эриэҥҥин салбырас саадьаҕайгын таҥнары кыйдаан кулу! Сир ийэ иччитэ синньэ-биил кыргыттар, от-мас иччилэрэ, оһуор-мандар уолаттар, мин диэки хайыһан, мичик-мичик гыныҥ эрэ! Күн ортубунан күөрэйэн, күлүм-салым көтүҥ эрэ, аллыр-баллыр арыылаах кымыһынан айах туттаҕым буоллун!» — диэн, кырдьыга даҕаны, биэс сыллаах алдьархайдаах сэрии кэмигэр, эмиэ атыттар курдук эмсэҕэлээбит-айгыраабыт бэйэтин, колхоһун эрэйин-муҥун эҥээринэн тэлэн кэлбит киһи, нэһилиэгин бастыҥ дьоно кыргыһыы хонуутугар бииртэн биир умсубуттарын эт кулгааҕынан истибит уонна аччыктааһын ыар дьайын тулуйбатах оҕолор, кырдьаҕастар барахсаттар уонунан бүтэһик ынчыктарын истибит киһи, Дарыбыан, ити ааспыт эрэйдэриттэн босхолонон, үөрэн-көтөн, ис-иһиттэн ылынан, сорунан туран, ити сор-муҥ үйэ саас тухары хатыламматын туһугар колхоһун кэлэр кэскилин, бүгүҥҥү дьоллоох олоҕун ыралаан алҕаабыта эмиэ омнуолаах буолуо дуо?!

Кини алгыс алҕаабыта үйэ чиэппэрэ буолбутун кэннэ «Таатта» совхоз бырдааттаһа оонньуур сыспай сиэллээҕэ сыһыы муҥунан тоҕуоруйда. Билигин төһөлөөх хороҕор муостаах халҕаһалыы устарый?! Олоҥхоһут Давыдов төрөөбүт сахатын норуотун култуурата чэчэрии сайдарыгар баҕалаах киһи этэ. Кини 1940 сыллаахха сайын “Орто дойдуга дьулуруйан үөскээбит Тойон Ньургун бухатыыр” олоҥхотун Р. А. Кулаковскайга суруйтарбыта. 1945 с. сайын «Кыһыл Күүс» колхоз ыһыаҕар ити олоҥхотун постановка оҥорон туруорбута. Ол постановка дьон болҕомтотун бэркэ тардан, ити сайын дуу, нөҥүө дьылыгар дуу, Таатта култууратын дьиэтигэр сценаҕа таһаартарбыта. Онно сүрүннээн «Кыһыл Күүс» колхоз ыччата кыттыбыта, онтон Дарыбыан бэйэтэ Сабыйа баай тойон оруолун чахчылаахтык айбыта, киниэхэ «Коммунист” хаһыат үлэһитэ Д.Тарабукин  күүс-көмө буолара.

1945 с. оройуоҥҥа Кыайыы ыһыаҕа буолбутугар, нэһилиэктэртэн 5 чулуу олоҥхоһуту ыҥыртаан, куонкурус тэрийбиттэрэ. Билиҥҥи култуура-сынньалаҥ пааркатыгар ыраах-ыраах олордон, 5 олоҥхоһуту тэҥинэн тардан кэбиспиттэрэ. Олоҥхо ортолуу баран эрдэҕинэ, Дарыбыан олоҥхото, үчүгэйдик кырааскаламмыт, табыллан анньыллыбыт мончуук көтөрү тардан ыларын курдук, бары олоҥхо истээччилэри бэйэтигэр тардан ылбыта. Олоҥхоһуту быһаарар киниэхэ уруккунан 500 солкуобай харчынан маҥнайгы бирииһи биир тыла суох  туттарбыта.

Бар дьонун үөрдэ, сэргэхситэ эрэ сылдьар, бэйэтии үйэтигэр аҥаардастыы аатырбыт Таатта талааннаах олоҥхоһута 1950 сыллаахха олунньуга өлбүтэ. Илларион Михайлович үрүҥ күн анныгар иитиллибит ийэ буорун үрдүгэр соҕотоҕун төрөөн-үөскээн ааспата. Кини аатын ааттатардаах, кэннигэр хаалар кэнчээри ыччаттаах.  Ыччаттара бары ыал буолбут дьон. Өлбүтэ биир сыл буолбутун кэннэ, олунньу 24 күнүгэр, кини улахан кыыһа Варвараттан уол оҕо төрөөбүтэ. Кыһыл уолу эһэтин туйаҕын хатаран, олоҥхоһут буолаарай диэн, эһэтин аатын иҥэрбиттэрэ. Ол эрээри көстөрүн курдук, саҥа үйэ киһитэ атын ыаһахтаах буолан биэрдэ. Кини Тойон Ньургун бухатыыр курдук омук ааттаахтарыныын күөн көрсөр, көҥүл тустууга спорт маастара , аан дойду чемпиона Илларион Федосеев диэн саха бухатыыра буолан таҕыста.

Кыра оҕо сааспар ытыктыыр, таптыыр киһим, аҕам үөлээннээҕэ, Таатта биир биллэр олоҥхоһута Илларион Михайлович Давыдов туһунан кылгас ахтыым итинник.

Түмүкмэр, биһиги оройуоҥҥа норуот бу таптыыр идэтэ төрүт умнууга хаалан эрэр, идэтийэр киһи суох. Онон оройуоннааҕы култуура салаата бу туһунан туох эрэ аартыгы тобулаарай диэн бэйэм баҕа санаабын этэбин.

Михаил Соров-II.

эдэр автордар түмсүүлэрин чилиэнэ.

(ахтыы илиинэн суруллубут куоппуйатын Дарыбыан Дабыыдап сиэнэ Галина Давыдова биэрбитин бэчээттээтибит)

Поделитесь этой страницей