Ураты киһи Тоҥус Дайыыла
Максимов Данил Петрович-Тоҥус Дайыыла 1916 сыллаахха Чуона (Садын) оройуонун Туой Хайа нэһилиэгэр төрөөбүт. Омугунан саха аҥаардаах эбэҥки. Ийэтэ – эбэҥки.
Данил Петрович Красноярскай кыраай Тура бөһүөлэгиттэн тэйиччи, Бүлүү өрүс баранар баһын диэки, Сүлүҥдэ күөл чугаһынан тарҕанан олорбут эбэҥки аҕа уустарыттан төрүттээх. Онон кини кэлии киһинэн биллэрэ.
Ол саҕана кинилэр дойдуларыгар улахан сут дьыллар саҕаламмыттар. Бөрөлөр буулаан, кыыл табалар дьиэ табаларын илдьэ баралларыттан уонна тастан хааччыйыы мөлтөҕүттэн, айылҕа туругуттан кинилэр аҕа уустара имири эстэн киирэн барбыттар.
Дайыыла 14 саастааҕар сатыы айаннаан, биһиги өҥ буордаах Хочобут сиригэр тиийэн кэлэн, өссө салгыы Чуона диэки ааспыт. Ол туһунан элбэхтик кэпсээбэт буолан, ханна да ахтыллыбат уонна суруллубатах. Арай соҕотоҕун хайдах дьонуттан-сэргэтиттэн быстан кэлбитин туһунан туспа остуоруйалаах дииллэрин өйдөөн хаалбыппын. Онтон сурукка киирбитинэн, Туой Хайаҕа төрөөбүт диэн суруллар.
1937 сыллаахха Тыһакыыс холкуос дьоно Бочооной үрэҕэр сайын оттуу, кыһын сүөһү кыстата барбыттар. Онно Садын оройуонуттан Данил Петрович бултуу кэлэ сылдьан, Тыһакыыс кыыһа Ксения Васильевна Иванованы көрсөн, кэргэн ылар уонна хаалан олохсуйар. Данил холкуос чилиэнэ, кадровай булчут буолар.
Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар, иккис ыҥырыкка хабыллан, Уралга Молотов (уруккута Пермь) куоракка тиийэн, байыаннай үөрэххэ үөрэнэр. Таҥнарыахсыттар үлэлэрин түмүгэр элбэх киһи доруобуйалара мөлтөөн, үгүс саллаат байыаннай үөрэххэ сылдьан тулуйбаккалар өлбүттэр. Кини нэһиилэ сыккырыыр эрэ тыына хаалан, салгыы сулууспалыыр кыаҕа суох буолан, хамыыһыйаны ааспакка, дойдутугар төннөр. Сэрии сылларыгар холкуоска кэлэн, доруобуйата чөлүгэр түһэн, бултаан-алтаан, аас-туор аччык кэмҥэ дьонугар күүс-көмө буолбута диэн кэнники дьон махтанан кэпсииллэр.
Данил Петрович айылҕаттан бэлэхтэппит үчүгэй куоластаах тойуксута, бараммат-хороммот сэһэннээҕэ. Оннооҕор ордук уһуга көстүбэт түүллээх үһү. Түүлүн уус тылынан кэпсиирэ, онто остуоруйа курдук бииртэн биир салҕанан барара. Кэпсээн киирэн бардаҕына, отчуттар утуйар ууларын умнан, сэҥээрэн истэн, балаакка иһэ “ноо!” диэн сэргиир тылларынан доҕуһуолланара үһү.
50-с сыллаахха “Сталин суола” холкуос Тыһакыыһыгар орто баайыылаах үс олоҥхоһут баар эбит: Максимов Данил Петрович-Тоҥус Дайыыла, Иванов Семен Герасимович-Чыыраха Сэмэн, Яковлев Федор Ильич-Модьугу Сүөдэр.
Ол саҕанааҕы салайааччылар Роман Макарович Иванов, Захар Федорович Саввинов уонна хомсомуоллар тэрийиилэринэн үс олоҥхоһут кулуупка “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону оонньоон көрдөрбүттэр. Данил Ньургун Боотур, Чыыраха Сэмэн абааһы уола буолбут. Арыт оруолларынан, арыт салҕаан олоҥхолообуттар. Таҥастарын-саптарын бэйэлэрэ бэринэн, мас батыйа, үҥүү оҥостон, “охсуһууларын” мустубут дьон сэргээбиттэр. Куоластара да үчүгэйин, толорор талааннарын олус сөхпүттэрин кэпсииллэрэ.
Халлаан хараҥарыыта, ынах ыан киирэн, киэһээҥҥи аһылыгы аһаан бүтэн баран, олоҥхо истэргэ бэлэмнэнэн сахсыллыы буолбута. Таһынааҕы ыаллар киирэн, дьиэбит туола түстэ, бары оннубутун булунан олордубут. Хос ортотугар олоҥхоһуппут Дайыыла оллоонноон олорон саҕалаан барда. “Ньургун Боотур” олоҥхо диэн өйдөөн хаалбыппын. Ол саҕана бөһүөлэкпитигэр электрическэй уоту киэһэ 12 чааска эрэ диэри ыстаансыйа биэрэрэ. Ол кэнниттэн сорохтор ыһыырынньыгынан эбэтэр кыраһыын лаампанан сырдатынар этилэр. Онон олоҥхобутун кыраһыын лаампа имик-сабык уотугар истибиппит.
Дайыыла куолаһа улахана, олоҥхотун дьоруойдарын тойуктарын матыыба уратылара кыра оҕолор да, улахан дьон да болҕомтолорун тардар этэ. Олоҥхотун сэһэнэ киһи хараҕар ойуулаан көрөр курдук чуолкайдык иһиллэрэ. Хараҕын симэн олорон, сэһэнин кэпсиирэ уонна тойугар персонаһын уобараһын биэрэригэр сирэйин араастаан туттан сытыырхатан, киһи болҕомтотун ордук тардара. Куолаһын араастаан уларытарыттан кыыс, бухатыыр, абааһылар тойуктарын арааран истэҕин.
Мин аан бастаан олоҥхо диэни истибит кыра кыыс хас биирдии кэпсэнэр олоҥхо дьоруойдарын харахпар оҥорон көрбүтүм күн бүгүҥҥэ диэри өйбөр чаҕылхайдык умнуллубат гына хатанан хаалбыт. Кини уус-уран тылынан оһуордаан-мандардаан кэпсээбит ойор күннээх орто дойду айыллыыта, от-мас тыллан, силигилээн тахсара – оҕо санаатыгар, кутугар истиҥ иэйиини уһугуннаран, олоҥхо дойдутун курдук кэрэ айылҕалаах төрөөбүт дойдум барахсан сайынын, кэрэ айылҕатын кэрэхсиир, таптыыр, киэн туттар санаа саҕылларыгар бастакы олук буолбут буолуохтаах дии саныыбын. Айыы Умсуур удаҕан Ньургун Боотурга өлбөт мэҥэ уутун быраҕан биэрэн баран ыллыыр ырыатын матыыба өйбөр хаалан хаалбыт. Ол курдук, билигин даҕаны утуйа сытан да ыллыахпын сөп. Онно кини дьахтар нарын куолаһынан ыллаан эҥээриппитигэр, үрүҥ таҥастаах дьахтар илиитин кынат курдук далбаатанан, ыллаан иэйэрин санатар этэ. Бухатыырдар тойуктарыгар куолаһын сонотон, туойан доллоһутарын киһи эрэ сөҕөрө. Оттон Сорук Боллур уол ырыатыгар “Оһулатан-оһулатан” диэн ыксаабыт-ыгылыйбыт киһи куолаһа буолан уларыйа охсоро. Ат тойуга, “Анньаһаа! Анньаһааа!” диэн, ат айанын тэтиминэн матыыба уратытык иһиллэрэ. Абааһы кыыһа Кыыс Кыскыйдаан “Аһаабатаҕым аҕыс хонно, топпотоҕум тоҕус хонно” диэн ыһыллан-тоҕуллан ыллаан барарын кэлин улаатан баран үтүктэн, балтыларбын куттаталаан утуталыыр буоларым. Абааһы Уола Уот Уһутаакы обургу “Ыньыгыйыкпын…” диэн ылаан ыгыллан барарыгар куолаһа олох атын киһи куолаһа буолан куттаабыта. Хараҥаҕа атахпыттан харбаан ылыа диэн куттанан, олоппос үрдүгэр атахпын хомуйа туттан олорбутум уонна дурда-хахха буолар киһибэр, аҕабар, сыстан хаалбыппар, аҕам барахсан: “Оҕом куттанна!”- диэн кууһан олорбута, билигин санаатахха, күндү да эбит.
Олоҥхолуу олорор кэмигэр Дайыылаҕа ийэм итии чэй аҕалан биэрбитигэр, тохтоон ылбытыгар, ким эрэ таһырдьа чэпчэтинэн киирбитэ, дьахталлар ону-маны кэпсэтэн, сынньана түспүттэрэ быһыылаах. Оттон мин олоҥхобун ситэ истэ охсоору, күтүөм хаһан чэйин иһэн бүтэрин күүтэрим. Сылайан сынньана түһээри дуу, бэйэтэ да наҕыл, лоп-бааччы туттунуулаах буолан дуу, күүппүт санаабар бытаардыллыбыт киинэ курдук биир чааскы чэйи уһуннук да испитэ. Онтон анаан уурбут таастарыгар хаахтыы-хаахтыы, уһуннук силлиир уонна сыыҥтыыр этэ. “Тоҕо итинник гынарый?” диэн санаан хаалбыппын. Онтум куолаһын оҥостон ыраастанар быһыыта эбит. Ити курдук сиэрин барытын ситэрэн баран, салгыы кэпсээн, саҥаран-иҥэрэн, ыллаан- туойан барбыта.
Аны аҕам бэйэтэ партийнай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 1955-1956 сылларга С. Омоллоон суруйбут “Ньургун Боотур” испэктээгин тыйаатырга кытта туруора сылдьыбыттар. Онно кыыс нарын куоластаах, тас көрүҥнээх буолан, Айыы Умсуур удаҕаны уонна Аан Алахчыны оонньообут эбит. Онон ити олоҥхону тылын-өһүн билэр буолан, атыннык эппитэ дуу, ону көннөрөн биэрээччи буолан өһүргэтэн, олоҥхобут тохтоон хаалла.
Дайыылабыт өһүргэнэн тахсан, “тир” гынан хаалбыта. Истээччилэрбит сирэй-сирэйдэрин көрсөн баран: “Тоҥус буолан өһүргэнэн баран хаалла”, – эрэ дэһэн хааллылар. Ийэм: “Эмиэ тоҕо өһүргэттиҥ?”- диэн, күтүөтүн көмүскэһэн, аҕабын хоморуйбута. Олоҥхону ситэри истибэтибит диэн, атаах кыыс мин муҥхаалланным, аҕабар кыыһырдым, өссө ытааһыннаахпын эҥин быһыылааҕа. Ону аҕам улахан убайдарбын Петрдаах Леняны “таһараа ыалтан Бочуктартан (Бочугуров Алексей Даниловичтаах) сылгылаан киллэриҥ” диэбитигэр, уолаттар бэрт улгумнук тилир гынан хааллылар. Аҕыйах мүнүүтэ буолан баран, уолаттар кэннилэриттэн күтүөм барахсан киирэн кэллэ. Мин ыал улахан атаах, күүтүүлээх кыыһа буолан, тылбын быһа гыммат этилэрэ. Онон төһө да өһүргэннэр, оҕолор барахсаттар киирэн турдахтарына аккаастаммакка, хос киирэн салҕаатаҕа дии.
Арааһа, биир эрэ күн буолбакка, хас да күн салҕаммыта быһыылааҕа. Тоҕо эрэ, мин олус күүппүт курдук саныыбын.
Ити курдук, өбүгэлэрбит барахсан хас эмэ үйэни уҥуордаан илдьэ кэлбит уус-уран айымньыларын чыпчаала буолбут олоҥхону иһитиннэрбит Данил Петрович Максимов-Тоҥус Дайыыла олоҥхотун эт кулгаахпынан истэн, күн бүгүҥҥэ диэри өйдүү сылдьан, кини олоҥхоһут буоларын бигэргэппит киһи буоларбынан киэн туттабын.
Д.П. Максимов-Тоҥус Дайыыла “Тамайар буур табалаах Тамалакаан хоһуун” диэн бэйэтэ айбыт олоҥхолооҕо. Ол олоҥхотугар сүрүн дьоруойа – Тоҥус Бухатыыра. Ардыгар эбэҥкилии олоҥхолоон, дьон сүргэтин көтөҕөрө үһү. Мин ону истибэтэҕим. Арай, кэнники аҕабын кытта кэпсэтэллэригэр, аҕам: “Эн хантан тоҥус үһүгүн, тылгын да билбэккин?”- диэн кыһыттаҕына, Дайыыла: “Калтаа-кальтуо сура кальду биһин дуу…”- диэн бэйэтин тылынан саҥарара. Туох диэн тыл эбитэ буолла?!
Итини таһынан ураты талааннаах күтүөм Дайыыла булт-алт, сиэри-туому тутуспатахха, сэттээх-сэлээннээх буоларын, айылҕа дьикти көстүүлэрин туһунан түүнү быһа аҕабын кытта сэһэргэһэллэрин сэргээн истэрим. Кыра эрдэхпиттэн кини сэһэнин истэ үөрэнэн, кырдьаҕас дьону кытта кэпсэтэрбин олус сөбүлүүбүн.
Уола Максимов Иннокентий Данилович “Аҕам туойарын, олоҥхолуурун өйдүүбүн. Олоҥхото уһуна, киэнэ сөхтөрөрө. Биир олоҥхону кыһыны быһа салгыы-салгыы олоҥхолуура. Бүлүүттэн тыл үөрэхтээҕэ Багдарыын Сүлбэ анаан-минээн киниэхэ хоно сытан сэһэргэспит, онтун “Хотугу Сулус” сурунаалга быһа тардан бэчээттэппитин мин ааҕан турардаахпын” диэн суруйбут.
Д.П. Максимов улахан да киһи, кыра да оҕо толло көрөр тас көрүҥнээҕэ, элбэх саҥата суох, орто уҥуохтаах, эбэҥкилии сирэйдээх-харахтаах, чэпчэки туттуулаах-хаптыылаах, үөмэн эрэр курдук тыаһа-ууһа суох хаамар киһи этэ.
Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, күн бүгүҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар сорсуннаах сонордьут, кыраҕы ытааччы, байанайдаах булчут чулуута. Бэйэтин олоҕунан, тулалыыр эйгэҕэ сыһыанынан айылҕа дьиҥнээх оҕото киһи. Удьуордара эбэҥкилэр, кинилэр айылҕа бары кубулҕаттарыгар сөп түбэспит омуктар буоллахтара.
Дайыыла олус мындыр буолан, хайа да сиргэ муммата. Булт майгытын-сигилитин үөрэппитин түмүгэр, булт айылҕа ханнык кэмигэр, ханна буолуохтааҕын чопчу билэр буолара.
Тоҥус Дайыыла, Бочук Өлөксөй, Тууйас Байбал табанан Ленскэй быыһынан Нүүйэҕэ тиийэ сымнаҕас көмүс соноругар сылдьаллара. Холкуос көлүүргэ уонна ыраах сырыыларга туһаналларыгар анаан таба үөрүн туталлар эбит, ону Дайыыла уонна Бочук Өлөксөй көрбүттэрэ быһыылааҕа. Оҕо сырыттахпына, 60-с сыллар бүтэһиктэрин кэннэ, хас да күн Бочуктар аттыларыгар наһаа элбэх табалары аҕалбыттара. Онно аан бастаан таба диэн кыылы көрбүтүм. Ити табалары эһээри, өлөртүү киллэрбиттэр эбит этэ.
Данил Петрович Максимов булдун этин сиэн улааппыт буолан, кини туһунан кэпсииллэрин сэргээн истэбин, ахтыыларын астына ааҕабын. Аҕам эдэр эрдэҕинэ күһүн биллэҕин Тоҥус Дайыыланы кытта бултаһа барар этэ. Ону хайаан умнуомуй?! Бултаан-алтаан, астынан кэлэрэ биһиэхэ эмиэ туспа түбүк, үөрүү буолара. Бултаһа барар буоллаҕына, омуннаан эттэххэ, сыл аҥаарын инниттэн таҥаһын-сабын, малын-салын, миинэр көлөтүн, ытын-куһун бэринэрэ.
Күһүн үрэххэ тахсыһыан иннинэ аҕам наҕыл бэйэтэ чэпчээн, сырыыта сыыдамсыйан, саҥата улаатан сэргэхсийэрэ. Оттон бултаан-алтаан төннөллөрө эмиэ туспа үөрүү, долгуйа кэтэһии. Кинилэр үрэхтэн киирэр күннэрэ чуолкай биллэр буолара. Ол курдук, баччаҕа кэлэбит диэн буолла да, күүтээһин… Күһүн идэһэ өлө илик буолан, хаһаас эт бүтэн, оҕо-уруу бары “хараҕа” наадыйан, кылап-халап көрүү буолабыт. Ийэбит уолаттарыгар, кыра кырбый оҕолоругар туох аһылыгы буһаран аһаталыыбын диэн толкуйга түһэрэ. Куруук эт аһылыктаах буолан, эппит бүттэ даҕаны, бары күтүөбүт Дайыыла, биир ыал курдук олорор ыалбыт аҕата Бочугуров Алексей Данилович үрэхтэн киирэллэрин кэтэһэн, күннэрин ааҕар этибит. Ити курдук мин киһини өйдүүр буолуохпуттан араас мас көтөрө, куобах, тииҥ, тайах, эһэ этин сиэппит сорсуннаах булчут күтүөм Данил Петрович буолар.
Дайыыла биһиэхэ анаан үрэхтэн тииҥ этин бурдукка буһаран кэһии гынан аҕалара. Ону кэтэһэн да биэрэрим. Кэнники кинини кытта бииргэ бултаһар доҕоро Ыппаачый (Тимофеев Иппатий): “Дайыыла үрэхтэн киирэр күнүн иннинэ Киргиэлэйэптэр оҕолоро олус сөбүлүүллэр, тииҥи бурдукка булкуйан баран, оһох иһигэр угар этэ”, — диэн кэпсиирин истэн күлбүтүм, үөрбүтүм аҕай. Кэнники тайах этин икки араас көрүҥүнүн (дьуухала диэнин эрэ өйдөөн хаалбыппын) хатаран киллэрэр этэ. Ону оҥкучахха уура сытан, таһааран сиир этибит. “Аһара элбэҕи сиэмэҥ, искит хайдан өлөн хаалыаххыт”,- дииллэрин истибэккэ, мин олус элбэҕи сиирим. Кини курдук оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэй сыһыаннаах ураты киһини кэнники көрсө да иликпин. Биһиги күн кыһалҕата суох олус минньигэстик сиир эппитин хайдах эрэйинэн сонордоһон, хас эмэ сүүһүнэн биэрэстэлээх сири хааман, атынан айаннаан бултуурун кэнники ааҕан сөҕөбүн уонна наһаа да сылаастык, олус долгуйан истиҥник саныыбын.
Дьон сэһэниттэн Иван Уаров-Уран Уйбаан “Өҥ хочо” кинигэтигэр суруйбутун сөҕө аахтым. Баҕар, кимиэхэ эмэ туһалаах буолаарай диэн киллэрдим. Онно суруйарынан, булчут Тоҥус Дайыыла бырааттыы Бочуктары (Бочугуров Алексей Данилович) кытта тыатааҕыны табыттан бултуулларын туһунан суруйбут. Онно эһэ арҕаҕын үөлэһинэн сылбырҕа оннугар үөл эттээх, олус модьу-таҕа сиэрдийэлэри кириэстии анньан баран, салгыы кырдьаҕастарын арҕах айаҕынан быгыалатаннар, хатыйа анньыллыбыт сиэрдийэлэринэн кыбытан ылаллар, онтон хамсаабат буолуор диэри умса баттаан сыһыталлар. Ол кэннэ саамай уопуттаахтара, итиэннэ эрэбил туттуулаахтара, оҥоһуу олуурга чыпчылыйбат да буола кыбыллыбыт аар тайҕа муҥур харамайын, кэҥэриитин туһунан тирээн баран, сүнньүөхтээн кэбиһиэхтээҕэ. Дьон кэпсииллэринэн, Тоҥус Дайыыла бэрт холку, хайдах эрэ, мөдөөт соҕус хамсаныылаах буолан баран, барыта орун-оннугар уонна түргэн- тарҕан туттунуулаах киһи эбитэ үһү. Ол курдук, кэлбитэ-барбыта биллибэт, ылсыбытын бүтэрбитэ эрэ баар буолан иһэр эбит. Аар тайҕа иэдээннээх харамайын арҕах ааныгар кыбытан, өрө мөҕүһүннэрэн, тыын быһаҕас түһэн, тиритэн-хорутан, саҥа мучумааннанан эрдэхтэринэ, Тоҥустара, дьэ, табаҕын уматтар, онтон аны чэпчэтинэр идэлээх буолар эбит. Ол эрэ кэннэ биирдэ: “Чэ, нохоо! Бэйи уоскуй эрэ… Бу туох айылаах буоллуҥ ээ…”- диэбитинэн, ханан да тиэтэйбит, ыксаабыт-бохсообут көрүҥэ суох, аат эрэ харата мааһаҥнаан кэлэрэ үһү. Онтон балай эмэ олоҕун оҥостон уҥа-хаҥас иҥнэҥнээн, чугуруҥнаан, хаптаҥнаан баран: “Ыл эрэ, мин диэки көр, нохоо!”- диирэ үһү. Дьоно: “Хайа, доҕоор! Хамсанан иһиий… Кыылбыт сүгүн буолумаары гынна”,- диэтэхтэринэ, тыаһаабыта эрэ баар буолар. Ол кэннэ дьонун суустаан: “Оҥкучахха хааллыбыт харамай ханна ыраатыан долгуйуохтааххытый? Син биир уйалаах сибиинньэ кэриэтэ буоллаҕа”,— дии- дии мичээрдиирэ.
Биир саас Тоҥус Дайыыла баай Байанай күндү бэлэҕин, оччолорго олох сэдэх эриэхэ эһэтин мүччү тутумуна эһэкээннэтэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр сыаллаах таба сыарҕатыгар түөһүгэр күннээх, чыскыл хара өҥнөөх аарыма эһэни төкүнүччү тиэйэн киллэрбитэ дьон кэпсэлигэр сылдьар. Улахан булчуттарга сэдэхтик түбэһэр булт дииллэрэ. Бары сиэри- туому толороннор, быраабыланы тутуһан, астаан- үөллээн ньамаласпыттар. Онно сылдьыбыт эрэ барыта сыалаах этинэн эмсэхтэммиттэр.
Оччолорго тыаһыт булт-ас бөҕөнү хоторон, байанайдатан төннүүтэ туспа сонун буолара. Ол курдук, өттүк харалаах, илии тутуурдаах этэҥҥэ дьиэҕэ-уокка төннүү биир туспа үөрүү, чугаһынан суох улахан сонун-нуомас буолан, устунан суолталаах бырааһынньыкка кубулуйара. Дьэ, оннук бырааһынньыктар биһиги түөлбэбитигэр элбэхтик буоларын оҕо эрдэхпиттэн билэр этим. Дайыыла, Бочук Өлөксөй тыаттан киирдэхтэринэ, эр дьон элбэх буолан түмсэннэр, ыалтан ыалга көһө сылдьан налыччы-хоточчу итии чэйдээх күө-дьаа сэһэргэһэн, санаа атастаһан, эт-тирии тэнийэн тарҕаһаллара. Онтон биһиги оҕолор эмиэ маппат этибит. Эт бөҕөнү сүүрэ сылдьан сиэн, минньигэһинэн тутахсыппат этилэр, ону да кыайа-хото сиир этибит.
Данил Петрович итини таһынан эмтээх оттору хомуйан, хатаран, эмп оҥорорунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Отоһуттааһын бобуулаах кэмигэр олорбут буолан, дьону эмтээһининэн дьарыгырбатах, үксүн бэйэтин уонна улаханнык ыксаабыт дьоннор көрдөстөхтөрүнэ эмтиирэ эбитэ. Уола кыра эрдэҕинэ курдуур диэн киһи олоҕор кутталлаах ыарыытыгар ыалдьыбытын, талах уутун саха быһаҕын уокка сылыта-сылыта, биһэн олус түргэнник үтүөрдүбүтүн туһунан ахтан ааһар.
И.Д. Максимов ахтыытыттан: “1975-1976 сылларга каникулбар кэлэ сылдьан көрбүтүм, оронун анныгар хараҥа кугас өҥнөөх уулаах бытыылкаларынан туолбут этэ. Кини истибэтигэр ийэм: “Аҕаҥ быар ыарыытын эмтиир”- диэбитэ. Ол саҕана Сунтаар оройуонугар быар ыарыыта үгэннээн турар кэмэ эбит. Бөһүөлэк элбэх дьоно оҕолор эмтэнэн үтүөрбүттэр.”
Ити кэмҥэ дьыссаат оҕолоро ыалдьан, биир ый харантыыҥҥа баран хаалаллар этэ. Кыра быраатым быара ыалдьыбытыгар, ийэм Иванова Екатерина Михайловна Дайыылаттан ыйыталаһан, тураах сиир отонун “тыһытын” (дьөлөҕөстөөх буолар үһү) чэй гынан көйөрөн иһэрдэн, бэйэтэ эмтээн үтүөрдүбүтэ. Өр кэмҥэ Мэҥэ Хаҥалас балыыһатыгар инфекционист бырааһынан үлэлии сылдьан, эдьийбит Вешникова Ксения Игнатьевна быара улаханнык ыалдьыбытыгар, Дайыылаттан эмп ылларан иһэн үтүөрбүтэ. Сайын уоппускатыгар анаан-минээн кэлэн, биир күн биһиэхэ Дайыыланы ыҥыттаран ылан кэпсэппиттэрэ. Оҕо сырыттахпына биир эдэр киһи үөрэнэ сылдьан, быарынан ыалдьан, ап-араҕас буолан кэлбит, олох иэдэйбит диэн кэпсэтэллэр этэ. Ону эмиэ күтүөм Дайыыла эмтээн үтүөрдүбүт.
Дайыыла бэйэтэ тыҥатынан улаханнык ыалдьара. Сэбиргэхтэппит диэн тылы онно истэр этим. Булка сылдьан, булт соноругар араас балаһыанньаларга сылдьан тымныйара ханна барыай? Эдэр эрдэҕиттэн үрэҕи бата сылдьан тымныйан, сыл ахсын балыыһаҕа киирэн эмтэнэрэ. Онон биһиэхэ анал иһиттээх буолара. Оҕолору харыстаан, биһиги иһиппититтэн олох аһаабат этэ. Балыыһаттан үчүгэй буолбакка тахсан баран, үрэххэ барара. “Онно баран өлөн хаалара буолуо”, — дииллэр этэ. “Үрэххэ тахса охсуохха”, — диирин истэр этим. Кини ыалдьан суорҕаннаах-тэллэххэ сыттаҕына, булчуттар дьиэтигэр кэлэн кэпсэтэн, үрэх баһыгар бултуу баралларыгар, ат сыарҕатыгар тиэйэн илдьэ бараллар эбит. Ойуур киһитэ диэх курдук, 1-2 ыйынан үтүөрэн, бэйэтэ ат миинэн, бултаан-алтаан, үөрэн-көтөн, доруобай киһи дьиэтигэр киирэн кэлэрэ үһү. Арааһа, бэс мастаах үрэх сир салгына, бэйэтэ оҥорбут, хатарбыт эмтээх отторунан, балыыһа кыайбатах ыарыытын кыайар эбит.
Данил Петровиһы иичээн аҥаардаах дииллэрэ. Кини иччини, абааһыны көрбүтүн аҕабар кэпсиирин быһыта-орута өйдөөн хаалбыппын. Ол курдук, хомсомуол буола сылдьан, абааһыны, иччини итэҕэйбэт буолан, ойуун уҥуоҕун тыыппыт. Онно муруку курдук кыыл тахсан кэлбит уонна кинини көрөн олорор үһү. Атын кыыл буоларын булчут киһи билэр бөҕө буоллаҕа. Ыраатан баран, сынньанан олордоҕуна, хоонньуттан мурукута түспүт уонна эмиэ кини диэки көрөн олорбут. “Абааһы илэ бэйэтинэн көстүбүтэ”, — диир этэ. Дьон кэпсээнинэн ол кэнниттэн оҕолоро турбат буолбуттар. 6 оҕоттон 4-дэ улаатан иһэн 3 саастарын диэки эмискэ өлөн испиттэр.
Кинини билэр дьон кэнники иичээн дииллэрэ, ол эбэтэр тугу барытын курдары көрөр, эрдэттэн сэрэйэр, билэр диэн ааттыыллара.
Бултуу сылдьар кэмигэр сарсыарда ахсын көрүүлэнэн, биттэнэнэн барар идэлээх эбит. “Бүгүн мас көтөрө онно бүктэ… Тайах сискэ таҕыста… Тииҥ онно көстө…”- эҥин диэн бэйэтэ-бэйэтигэр саҥара сылдьара диэн ахтар булт кистэлэҥнэригэр уһуйбут киһитэ Аввакумов Валерий Семенович. Кини “Тыһакыыс” диэн кинигэҕэ ахтыыга суруйар:
“Биирдэ мин Сунтаардаан иһэн, Чааркааннаах Даарыйа сибиэбийэтигэр көрсүһэн, бииргэ чэйдээн ааспыттаахпын. Кини Сунтаартан тахсан иһэрэ. “Бэс Үрэҕэр баччаҕа эһэ баар буолара. Тоҕо бэрдэй, мин тугу да көрбөтүм, арааһа, эн көрөрүҥ дуу”,- диэтэ, мин диэки тобулу одуулаан олорон. Мин аттаахпын, сибиэйэттэн киэһээҥҥи түөртүүртэн хоҥуннум. Бэс Үрэҕэр түүн 12 чаас саҕана тиийдим. Боруочука быыһыгар, кырдьык, суолу хардаҥ эһэ туораан иһэрин көрдүм. Маҥнай “Сылгы дуу, тоҕо соҕотох иһэрий?” дии санаатым. Төттөрү-таары хаамыталаата, онно атаҕа маадьаҕара көһүннэ, эһэтин, дьэ, биллим. Чаас аҥаара саһан туран күүппүтүм, миигин утары көрбүтүнэн сытынан кэбиспитэ. Мин туораан тахсан, үрэххэ киирэн тумнан, Сунтаардыы турбутум, туох да биллибэтэҕэ. Сарсыарда алтаҕа диэри боруочука ойоҕоһугар сытан, миигин күүппүт, ону мин кэннибиттэн айаннаан испит дьон көрбүттэр этэ”. Дьэ, итинник сэһэннэри дьон кэпсииллэрин истэрим.
Дайыыла ийэтэ кэнники сааһыран баран, кинилэргэ кэлэн олорбут. Арыт бэйэтин тылынан саҥарара үһү. “Үчүгэй майгылаах эмээхсин этэ”, — диэн ахталлар. Дайыылалаахха оҕо турбат буолан, улахан кыыһа Розалия кыра эрдэҕинэ эмээхсин кырдьаҕас тыҥыраҕынан эҥин түөскэ кэтэр харысхал оҥорон кэтэрдэр үһү. Биирдэ мин ийэм киирбитэ, кыыһа түөһүгэр кэппит харысхала кылыгырыы, тыас-уус буола сылдьар үһү. Ол саҕана абааһыны, иччини итэҕэйбэт буолан, харысхал эҥин диэни билбэттэр. Ийэ соһуйан: “Уу, бу оҕо тугу кэтэ сылдьарый?” – диэн ыйыппытыгар, эмээхсин: “Оҕом киэргэлэ, саҥарымаа!” — диир үһү. Оннук харысхаллаах буолан, эдьиийим Розалия Даниловна оҕолонон-урууланан, аҕатын аатын ааттата сылдьар ыччаттардааҕынан киэн туттабын.
Өрдөөҕүтэ Тыһакыыска олордоҕуна, бииргэ төрөөбүт убайа кэлэ сылдьыбыт үһү. Хараҥаҕа кэпсэммэт гипнозтаах киһи дииллэр этэ. Төбөтүн ылан остуолга ууран кэбиһэр үһү.
Д.П. Максимов бары өттүнэн ураты, дэгиттэр дьоҕурдаах киһи олорон ааспыта өргө диэри кэрэ кэпсээн буола сырыттын. Кини үллэр үйэтигэр адаар муостаахтары, хара тыа хаһаайынын төһөнү бултаабытын бэйэтэ эрэ биллэҕэ. Хомойуох иһин, кини ырыата-тойуга, омуннаах олоҥхото урукку кэм буолан, салгыҥҥа эрэ хааллаҕа. Иһийэн турар лиҥкиниир киэҥ тайҕата эрэ туоһу буолар. Ол эрэн, ону истибит уонна кинини билэр, алтыспыт дьон сурукка тиһэн хаалбыппыт көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэр диэн баҕа санаалаахпын.
Данил Петрович бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран, син биир таах олорботоҕо. Отчуттары кытта тахсыһан, от үлэтин быыһыгар быыс-арыт буолан, Бочооной үрэхтэригэр сылдьан, отчуттары булт этинэн аһаталаан абыраталаабыта диэн кэпсииллэр. Кэнники дойду сиргэ оттуур звеноларга ыһык таһара, хас да сыл оскуола оҕолорун сайыҥҥы лааҕырыгар настаабынньыктаабыта. Ол сылларга дьиэ таһыттан тайах бултаан, дьону- сэргэни соһуппута.
Олох кэлин дьиэҕэ олорон, станок оҥостон, кыраабыл оҥоруунан дьарыктанан, отчуттары хааччыйбыта. Бу айылҕаттан улахан талааннаах, олох үөрэппит элбэх билиилээх-көрүүлээх, олус мындыр өйдөөх киһи, кистэлэҥин ситэ арыйбакка олорон ааспыта диэн санаалаахпын. Кини 1988 с. сэтинньи 11 күнүгэр өлбүтэ.
Аатын ааттатар икки Данил-Дайыыла диэн сиэннэрдээх: Потапов Данил Алексеевич 3 оҕолоох, Максимов Данил Иннокентьевич 2 оҕолоох. Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын төһүү үлэһиттэрэ.
Алта оҕоттон икки уоллаах кыыһа ордон, Розалия Даниловна Потапова – 3 оҕо ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, биир хос сиэн хос эбээтэ, Арыылаах орто оскуолатыгар өр кэмҥэ алын кылаас учууталынан үлэлээбитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Иннокентий Данилович Максимов – 2 оҕо аҕата, тапталлаах эһээ, медик идэлээх.
Ахтыыны оҥордо: Григорьева Екатерина Афанасьевна