Олоҥхону сэҥээрбэт кэмнэригэр чинчийбитэ
Оҕо суруйааччыта, фольклорист, тылбаасчыт, Арассыыйа уонна Саха Сирин суруйааччыларын, итиэннэ Арассыыйа суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, СӨ учууталларын учуутала, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Петр Никифорович Дмитриев-Туутук төрөөбүтэ 85 сылынан Ойуунускай аатынан Литература түмэлэ ахтыы киэһэтин тэрийэн ыытта.
“Петр Никифорович Дмитриев 1938 с. бэс ыйын 4 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Никифор Федорович олоҥхоһут, оттон ийэтэ Дария Павловна саха дьахталларыттан бастакынан Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт ньирэй көрөөччү этэ. Норуот ырыаларын толороро. Эбэтэ Боккуойа остуоруйа бөҕөтүн билэрэ. Дьэ, оннук уран тыл эйгэтигэр улааппыт буолан, кини олоҕун олоҥхону чинчийиигэ, оҕо литературатын сайыннарыыга анаатаҕа”, — диэн билиһиннэрииттэн саҕалаата ыытааччы, бу тэрээһини көҕүлээн тэрийбит Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой үлэһитэ Линда Иванова: – Петр Никифорович түмэлбит бастыҥ доҕоро этэ. Оннук үтүө киһибит үбүлүөйдээх күнүн хайаан да бу курдук чугас дьонун, кэллиэгэлэрин, айар үлэтинэн алтыспыт доҕотторун ыҥыран бэлиэтиэх тустаахпытын өссө сыл инниттэн былааннаабыппыт”, — диэн тоһоҕолоон этэн туран, бастакы тылы Литература түмэлин дириэктэригэр, норуодунай суруйааччы Николай Лугиновка биэрдэ:
— Суруйааччылар сойуустарыгар сэкирэтээрдиир кэммэр Петр Никифоровиһы чилиэнинэн ылбыппыт. Ити 90-с сыллар эргин этэ. Оччолорго кини номнуо хас да кинигэлээҕэ. Петр Никифорович олоҕу бары өттүнэн ситэ-хото олорон ааспыта: эдэр сааһыттан салайар үлэҕэ миккиллэн, онтон наукаҕа сыстан, олоҥхо улаханнык сэҥээриллибэт кэмигэр чинчийэн, ийэ олоҥхоһуттары үйэтитии курдук кэскиллээх дьыаланан дьарыктанан, суруйааччы быһыытынан биллэн, оҕо-уруу тэнитэн… Кэлин хаартыскаҕа, киинэҕэ устарынан умсугуйбута. Ол архыыба наарданара буоллар. Анегина Егоровна кэргэнин аатын үйэтитиигэ үлэлэһэрин иһин махтанабыт.
Анегина Ильина, П.Н. Дмитриев кэргэнэ, ССРС норуодунай артыыһа:
— Биһиги 47 сыл бииргэ олорбуппут. Бүгүн манна Петр чугастык ылынар дьоно мустубуккут. Ыарахан ыарыыга ылларан да сыттар, эһигини куруук ахтара, үлэтин саныыра. Бүтэһик күнүгэр ырыатын ыллыы-ыллыы, анараа дойдуга аттаммыта… Үнүстүүтүгэр эрийбэтэх күнэ диэн суоҕа. Дойдутун дьонугар, хараларга, эмиэ соннук. Оскуола тутуутун хаамыытын сотору-сотору эрийэн билсэрэ. Николай Алексеевич сөпкө бэлиэтээтэ, Петр Никифорович олоҥхо сэҥээриллибэт кэмигэр ийэ олоҥхоһуттары үйэтитиигэ күүскэ үлэлээбитэ. Сатыы да тиийэн устара. Бастаан илиитинэн суруйара. Кэлин магнитофоннаммыта. Суруйааччылар Күннүк Уурастыырап, Сэмэн Данилов, Суорун Омоллоон эҥин буолан кэпсэтэллэрин истэр туспа умсулҕан буолара. Сытыы өйдөөх уонна уран тыллаах дьон көрүдьүөстэрэ да кэрэхсэбиллээҕэ. Ону нууччалыы сатаан тылбаастаабаккын. Саха тыла оннук араас дэгэттээх. Биирдэ Москубаҕа “Россия” гостиницаҕа Күннүк Уурастыыраптыын бииргэ түспүппүт. Кини нүөмэрбитигэр киирэн, хойукка диэри Петялыын сэһэргэһэрэ. Итиччэ бөдөҥ-садаҥ киһи наһаа уйанын онно билбитим. Хараҕа ууланыар диэри уйадыйара, долгуйара. Сэмэн Петровичтыын “Дьулуруйар Ньургун Боотур” тахсарыгар элбэхтэ сүпсүгүрбүттэрэ. Софрон Данилов мунньахха этиилэрин, киниэхэ сыһыаннаах түгэннэри устубутун биир диискэҕэ мунньан, Софрон Петровичка бэйэтигэр үбүлүөйгэ биэрбитигэр, наһаа үөрбүтэ. Петр Никифорович дьону сөҕө-махтайа хайгыыр идэлээҕэ. Холобура, бу бүгүн кэлэн олорор Земфира Макаровна Кузьминаны. “Макар Хара уонна Анна Дьөгүөрэбэ соҕотох кыыстара маладьыаһын, улуу дьон оҕолоро эмиэ чулуу буолар эбит”, — диирэ. Суорун Омоллооннуун: “Биһиги кэргэттэрбит ырыаһыттар”, — диэн имнэнсэн мичээрдэһэллэрэ – харахпар бу баар.
Киһи олоҕо наһаа уһуна суох эбит. Оттон айар-тутар, сүүрэр-көтөр кэмэ өссө кылгас. Мин Петр Никифорович курдук үчүгэй тыыллаах буолан, айымньылаахтык үлэлээбитим. Кини үс кыыс оҕолоох аҥаардас хаалбыта. Огдообо киһиэхэ кэргэн тахсарбар, Даша, Майя, Сардаана кып-кыра этилэрэ. Бэйэм 29 саастааҕым. Хата, ийэтэ Дария Павловна көмөлөһөн, көрсөн абырыыра.
Петр Никифорович биһиккини холбообут эйгэбит – тыйаатыр. Кини дьиҥнээх театрал этэ. Биир да испэктээги, премьераны көтүппэтэ. Ол эрээри аан бастакы билсиһиибит 1967 сыллааха Майаҕа буолбута. Мин Прагаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска лауреаттаан кэлбитим. Обком сорудаҕынан Николай Баскоров, Георгий Никифоров буолан Мэҥэ Хаҥаласка кэнсиэртии тахсыбыппыт. Оччолорго Петр Никифорович хомсомуол сэкирэтээрэ. Кини көрсүөхтээҕин, биһиги ааһа көтөн, үөһэ этээскэ райкомнарга тахсан хаалбыт этибит. Онон, арааһа, сэмэлэммит быһыылааҕа. “Ол иһин соруйан УАЗ массыынаҕын биир нэһилиэккэ барарбытыгар уларсыбатаххын”, — диэн кэлин күлсэрбит. Чэ, ол оннугар үйэ аҥаарын кэриэтэ миэхэ “личнай” суоппарым буола сырыттаҕа дии. Кыргыттар төрөппүт ийэлэрин хаһан да умуннарбатахпыт. Биллэр дуобатчыт эбит. Кини туһунан өйдөбүнньүк кинигэни оҕолоро таһаараллара эбитэ буоллар. Оттон мин бу Петр Никифорович 2008 сыллаахха аҕыйах эксэмпилээринэн тахсыбыт “Айылҕаттан айдарыылаахтар” диэн ыстатыйаларын хомуурунньугун хаттаан бэчээттэттим. Ону бүгүн тэҥинэн сүрэхтиибит.
Наталья Харлампьева, норуодунай суруйааччы:
-Петр Никифорович саха норуотугар сүдү баайы хаалларда — 40 олоҥхону суруйан, үтүмэн ахтыына лиэнтэ магнитофонугар устан, кэлин устуоруйаҕа киирэр түгэннэри киинэҕэ уһулан. Ол нэһилиэстибэтин учуонайдар чинчийэн, сыа-сым курдук тутан, киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтара.
Петр Никифорович эйэргиир дьонун дьээбэлиир идэлээҕэ. Биирдэ бэйэм киирэн биэрбитим. Анегина Егоровна Альбина Борисовалыын ыллыы турдахтарына, тоҕо эбитэ буоллар, ортолоругар киирэн ылласпытым. Онтон ыла Петр Дмитриевич көрүстэҕинэ: “Бүгүн ыллыырбыт дуу?..” – диэн хаадьылыыра. Урсун кэпсиир буолара, үнүстүүттэр арыыга оттуу сырыттахтарына, биир киһилэрэ: “Миигин аны Бурдук Баһылай” диэн ааттаамаҥ””, —диэбит. Ону Петр Никифорович саҥата суох олорон баран: “Оччоҕо аны Быыпсай Бурдук Баһылай буолаҕын”, — диэн быара суох ыыппыт. Ол эрээри бэйэтин көрүдьүөстэрин санаттахха күлбэт буолара. Көннөрү: “Баара-баара”, — диирэ. Ити кини үтүө хаачыстыбата: тугу да хом саныы сылдьыбакка, барытын чэпчэкитик ылынара. Софрон Петровичтаах кинини үрдүктүк туталлара, истиҥник саныыллара. “Эрэллээх уонна биэрбит тылыгар турар киһи”, — дииллэрэ.
Сэмэн Тумат, норуодунай суруйааччы:
— Петр Никифорович кыра үтүөнү да олус суолталыыра. Биирдэ хайа эрэ кыыһа Мындаҕаайыга үлэлии барар буолбутугар, Чурапчы буоламмын, олорор сирин буларыгар көмөлөспүтүм. Ону өрүү санаан махтанара. Кини биир улахан үтүөтэ – Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун сүппүт чааһын хасыһан булбута буолар. Билэрбит курдук, 1937 сыллаахха бу олоҥхону бэчээккэ ыытаары бэлэмнээбиттэрэ. Ойуунускайы хаайбыттарыгар, корректор Петр Ефимов дьиэтигэр тиийэн кистээбитэ. Кэлин суруйааччы аата тиллибитигэр тиксэрэн, туспа кинигэнэн тахсыбыта. Ол эрээри муоста анныгар саһыаран сытыарбыт буолан, 9-с ырыатын кутуйах сиэн кэбиспит этэ. Итэҕэс чааһын Күннүк Уурастыырап ситэрэн суруйан биэрбитэ. Онтон кэлин Петр Никифорович “Ньургун Боотур” 1935 сыллаахха тахса сылдьыбытын санаан, фольклорист Новгородов архыыбыттан ону булан ылар. Тэҥнээн көрбүтэ, Күннүк Уурастыырап уонна Ойуунускай олоҥхолоро 4 эрэ тылынан араастаһаллар, уратылаахтар эбит. Ону кини: “Олоҥхону дириҥник өйдүүр дьон биирдик толкуйдууллар”, — диэн дакаастыыра. Манна даҕатан эттэххэ, Петр Никифорович Ойуунускай кыргыттарын кытта сэргэстэһэ көмүллүбүтэ. Оруобуна оннук түбэһэн хаалбыта. Кини фольклорист быһыытынан саамай тапсар киһитэ Ядрихинскай-Бэдьээлэ этэ. Ити курдук, уус-уран айымньы норуот ырыатын-тойугун кытта ситимнээх буолуутугар суруйааччылар киллэрбит кылааттарын туоһутунан П.Н. Дмитриев-Туутук буолар.
Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, тыл билимин дуоктара:
— Хомус дьүрүскэн дорҕоонугар ырыатын кытыараары, 1962-64 сс. миэхэ ансаамбылга сылдьыбыта. Наһаа үчүгэй сөҥ куоластааҕа. Мин сахалыы тылы саҥарыыны чинчийэр киһи ымсыырарым да, биирдэ иннин биэрэн уһуллубатаҕа. “Араадьыйаҕа диктордыырыҥ буоллар, саха дьонун дьоллуоҥ этэ”, — диирим. Кини олоҥхо суруллуутугар буолбакка, иһиллиитигэр улахан болҕомтотун ууран үлэлээбитин сыаналыыбын. Саҥарыы араас дэгэтин олоҥхоһуттар кэпсээбиттэринэн суруйан хаалларбыта – туохха да тэҥнэммэт баай.
Василий Илларионов, олоҥхону чинчийэр бэрэпиэссэр:
-Аспирантураҕа 1975 с. киириэхпиттэн алтыһан үлэлээн кэлбиппит. Аҕа табаарыс быһыытынан миэхэ холобур буолара. Фольклорнай экспедицияны бэрт уһуннук салайбыта. Биирдэ ахсынньыга Орто Халымаҕа хаайтаран хааллыбыт. Хата, Петр Никифорович хомсомуолга бииргэ үлэлээбит буолан, Саха Сирин авиауправлениетын салайааччытын билэр эбит. Кинини түбэһэ көрсөн кэпсэтэн, Саҥа дьыл иннинэ куораты булар дьолломмуппут. Кини ийэ олоҥхоһуттары устууга күүскэ үлэлээбитэ. Кэргэнэ Анегина Ильина соҕуруунан элбэхтэ сылдьар буолан, японскай магнитофоннааҕа. Ол иһин кини уһултарбыта үчүгэй хаачыстыбалаах буолара. Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыаттатын” сурукка түһэрэн, сэбиэскэй кэмҥэ кинигэнэн таһаартаран турардаах. Барыта 40 олоҥхону үйэтиттэ быһыылаах. Өссө ааҕыахха наада. Быйыл кини үбүлүөйдээх 85 сылыгар Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө буолар. Итинэн ситимнээн, Өймөкөөн олоҥхоһута Егор Слепцов олоҥхотун илиинэн суруйбутун архыыптан ылан, Надежда Оросиналыын “Саха боотурдара” сиэрийэҕэ бэлэмнээбиппит бэчээттэнээри сылдьар. Уопсайынан, Петр Никифорович магнитофоҥҥа устубутун оцифровкалаан, кумааҕыга түһэрэн таһаарыахха наада. Иккиһинэн, ахтыылары хомуйан, “Саха Сирин уһулуччулаах дьоно” сиэрийэҕэ киллэртэриэххэ баара.
Аита Шапошникова, суруналыыс, суруйааччы, тылбаасчыт:
— Урут “Чолбоҥҥо” үлэлиир эрдэхпинэ, Петр Никифоровиһы элбэхтэ көрөрүм. Кэлин олоҥхону тылбаастыыр буолуохпуттан кини айар үлэтин кытта ыкса билистим. Мин биир дойдулааҕым, Нам олоҥхоһута Бэдьээлэни өрө тутан, “Дьырыбына Дьырылыаттаны” норуот киэн туттар айымньыта оҥорбутугар махтанабын. Сүрүн дьоруой дьахтар буоларын билэн сөхпүтүм. Ол аата саха дьахтара хаһан да баттамматах, эр киһиттэн намыһах турбатах, былыргыттан тэҥ бырааптаах эбит. Былырыын Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар Андрей Титаров “Хардааччы Бэргэн” олоҥхото кинигэнэн тахсыбыта. Онно кюар-кодтааҕа. Төлөпүөҥҥүн даҕайдаххына, музыковед Шейкин олоҥхоһут бэйэтэ толорорун устубута иһиллэр. Петр Никифорович магнитофоҥҥа устубутун барытын итинник аныгы ньыманан үйэтиттэххэ, бүтүн аудио-пуонда баар буолуо этэ.
Наталья Попова, Тыл институтугар дириэктэрдээбитэ:
-Үнүстүүппүт тэрээһиннэрин тутаах киһитэ этэ. Хомсомуолга үлэлээбит буолан, салайар-тэрийэр дьоҕурдааҕа. Оттуу бардахпытына, булгуччу сири аһатара, “Кымыстаах чороону көтөҕөн” диэн ырыатын ыллыыра. Үлэбит биһиэнэ 3 хайысхаҕа арахсар. Онтон биирэ – экспедиция. Матырыйаалы хомуйууга Петр Дмитриевич уонна Василий Илларионовы куоһарар киһи билигин да суох.
Евдокия Избекова, учуонай, суруналыыс:
-Билэрбит курдук, Авксентий Мординов Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ тыл этэн баран, ол түүн бараахтаабыта. Ити бүтэһик мунньахха кыттыытын документальнай киинэҕэ киллэриэхпин олус баҕаран ыйыталаспытым да, хантан да булбатаҕым. Хата, Петр Никифорович: “Миэхэ баар ээ”, — диэн аҕалан үөрдүбүтэ. Соннук курдук кини устуулара сыаналаахтар.
***
Бу дьоро күн үлэлээбит үнүстүүтүттэн хас да киһи тыл эттэ, режиссер Никита Аржаков Щепкин аатынан училищеҕа Петр Никифорович кинилэри саха тылыгар уһуйбутун кэпсээтэ, А.Павлов-Дабыл оҕо хаһыатын кытта ситимин сэһэргээтэ, быраастар Пальмира Петрова, Земфира Кузьмина, ускуустуба диэйэтэлэ Лира Габышева, суруналыыс Валентина Бочонина уо.д.а. истиҥ ахтыылары оҥордулар.
Олоҥхо киинин сүрүннүүр исписэлииһэ Елена Протодьяконова этиитинэн түмүктүүбүн: “Киһи төһө уһуннук олорбутунан буолбакка, норуотугар туох туһалааҕы оҥорбутунан сыаналанар. Мин Петр Никифоровиһы кытта 10-тан тахса сылга чугастык алтыһан үлэлээн баран этэбин: киниэхэ саха эр киһитин бастыҥ хаачыстыбата барыта баара…”.
Сырдатта Анисия Иевлева