Марвел дуу, Олоҥхо дуу?
Олоҥхо театрын артыыската Анастасия Алексеева 5 сааһыттан олоҥхолуур. 2015 сылга бэйэтэ «Ураты ураанай дьылҕалаах кыргыһыыга көлүйэр кыыһар кыһыл аттаах Кыыс Урсун удаҕан» диэн олоҥхотун суруйбута. 2020 с. Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун кыһыл дипломунан бүтэрбитэ.
— Анастасия, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ.
— Мин Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгиттэн сылдьабын. Олоҥхо толорооччубун уонна Олоҥхо театрын артыыһабын.
— Олоҥхо алыптаах эйгэтин кытта аан бастаан ким билиһиннэрбитэй? Кынаттаабыт, угуйбут дьонунан кимнээҕи ааҕаҕыный?
— Олоҥхону биэс сааспыттан толоробун. Бу эйгэҕэ миигин ийэм Зинаида Николаевна уонна эбэм Анастасия Васильевна Алексеева угуйбуттара. 5 саастаахпар дэриэбинэбитигэр түөлбэ кэнсиэрэ буолбутугар, эбэм Настаа уонна эдьиийим Наакка саҥа ырбаахы тигэн, баттахпын куударалыы эрийэн, сирэйбин кырааскалаан, сыанаҕа аан бастаан сүрэхтээбиттэрэ. Онно Эдьиий Марыына «Үчүгэй, үчүгэй» диэн ырыатын пародиялаан ыллаабыппын өйдүүбүн. Дьон-сэргэ астыммыта, соһуйбута. Ити кэннэ кулууп дириэктэрэ Вера Иннокентьевна Оконешникова ийэбин уонна миигин ыҥырын, 15 илиистээх Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ суруйбут «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотун үөрэтиҥ диэн туттаран кэбиспитэ. Онно тоҕо эрэ соһуйбатахпыт, ыарырҕаппатахпыт. Миигин, сатаан аахпат оҕону, ийэм күн аайы биирдии илииһинэн үөрэппитэ. Онтон Вера Иннокентьевна тойуктарын уонна ырыаларын үөрэппитэ. Маҥнайгы учууталым Татьяна Ивановна Адамова эмиэ икки-үс сыл дьарыктыы сылдьыбыта. Оттон ийэм куруук салайааччы быһыытынан батыһыннара сылдьан күрэхтэһиилэргэ кытыннарар этэ.
— Олоҥхобутун сайыннарарга, эн санааҕар, эбии туох үлэ ыытыллыахтааҕый?
— Олоҥхо сайдарыгар, мин санаабар, хас биирдии саха киһитэ бэйэтэ сайдыан, улаатыан, үүнүөн наада. Холобур, үгүс киһи, олоҥхо диэни истээт, ыарырҕата саныыр. Тыла уустук, туойуктара өйдөммөт диэн толлоллор быһыылаах. Дьиҥэр, куттаммакка, толлубакка эрэ ааҕыахха, биитэр араадьыйа курдук истэ сылдьыахха наада дии саныыбын. Гаврил Колесов да буоллун, атын да записьтар бааллар. Былыргы сахалар онон эрэ аралдьыйан олордохторо дии, олоҥхоһуттары ыҥыран истэн. Артыыс киһи быһыытынан, дьон олоҥхо туһунан ыйыттаҕына, биллэн турар, Олоҥхом тыйаатырыгар ыҥырар идэлээхпин. Истэри ыарырҕатар буоллаххытына, кэлэҥҥит олоҥхо-испэктээҕи көрүҥ диэн көҕүлүүбүн. Олоҥхо диэн олус дьикти дойду. Ити аныгы ыччат көрөр «Марвел» дьоруойдарынааҕар ураты күүстээх бухатыырдардаах. Олоҥхо диэн философия. Онон дьон тардыһыан, олоҥхону истэ үөрэниэн наада. Бу сааскыттан «Культура Якутии» диэн айар бөлөҕү салайар Татьяна Павлованы уонна Сардаана Сыромятникова диэн блогер кыыһы кытта Олоҥхо киэһэлэрин ыытан саҕалаатыбыт. Саха үгэһинэн балаҕаҥҥа мустан, көмүлүөк уотугар олорон олоҥхо истэбит, ол кэннэ ырытабыт, ис хоһоонун кэпсэтэбит. Бэйэм олоҥхолуубун. Араас эйгэлээх дьон кэлэр. Хаһан да истибэтэх дьон кэлэн, дуоһуйан бараллар. Хаһан да туойбатах дьону кылыһахтарын таһааран, тойуктатан көрөбүт. Бары наһаа астыналлар, санаалыын сынньанныбыт дииллэр. Итинник киэһэлэр, мустан олорон истиилэр наадалар. Истии эйгэтин оҥоро сылдьабыт.
— Билиҥҥи ыччат олоҥхону ааҕар, толорор дуо?
— Билиҥҥи ыччат, бэйэм көрөрбүнэн, олоҥхону толороро элбэх. Итиннэ “Олоҥхо дойдутун оҕотобун”, “Муҥха олоҥхото”, “Куйуур олоҥхото” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэр улахан өҥөлөөхтөр. Кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ олоҥхолуур буоллулар. Ол үөрүүлээх суол. Итэҕэһэ диэн, кинилэр ити олоҥхолорун сайын Олоҥхо ыһыаҕыгар уонна ити бэстибээллэргэ эрэ толороллор. Оттон сылы быһа эргитэ сылдьан толорор балаһааккалара суох.
— Анастасия, бэйэҥ олоҥхоҥ туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.
— 2015 сыллаахха төрөөбүт, үөскээбит төрүт дойдубар Чурапчыга ыытыллыбыт тохсус Олоҥхо ыһыаҕар анаан Олоҥхону кытта доҕордоспутум 11 сылынан бэйэм сирбэр олоҥхо айан, ыһыахха толоруохпун, сүрэхтиэхпин наада диэн сыал-сорук туруоруммутум уонна бэс ыйын 1 күнүттэн бэй ыйын 12 күнүгэр диэри олорон суруйбутум.
— Дьикти, ураты куоластаах эбиккин. Марыына Попова аймаҕыҥ буолаарай?
— Ити ыллаабыт видеом ватсап устун тарҕаммытын көрбүт быһыылааххын (көрбүтүм – аапт.). Эдьиий Марыына саха норуотун бары эдьиийэ буоллаҕа дии. Ол гынан баран мин аймаҕым буолбатах. Ити, дьиҥэр, мин ис санаабыттан, иэйэн-куойан, астынан туран ыллыырбыттан тахсар хамсаныылар. Кими даҕаны үтүктэн буолбатах. Ону элбэх баҕайы киһи Эдьиий Марыынаны үтүктэр, киниэхэ майгынныыр, эдьиий Марыына сиэнэ үһү эгин диэбиттэрин истэн күлэ санаабытым.
— Төрүттэргин билэҕин дуо?
— Төрүттэрбэр олоҥхоһуттар, оһуохайдьыттар, ойууттар да бааллара үһү. Ол гынан баран ис-иһигэр киирэн, дириҥэтэн хаһа, билсэ, үөрэтэ иликпин. Оттон бэйэм 11 оҕолоох Герой Ийэ Ньукуу Настаа сиэнэбин. Ийэлээхпин, бииргэ төрөөбүт балтылаахпын.
— Бэйэҥ сааскар дьоһун киһигин. Хайдах ииппиттэрэй?
— Сахалыы, тыа оҕотун иитэр курдук, хайдах сатыылларынан, тугу саныылларын ииттэхтэрэ буолуо. Кыра эрдэхпинэ эбэбин, таайбын Болуодьаны, ийэбин уонна балтыбын Сайаананы кытта саха балаҕаныгар олорбуппут. Балаҕаҥҥа улааппытым, балаҕаҥҥа олорон олоҥхо үөрэппитим. Эбэм Настаа толору аатын миэхэ иҥэрбитэ, онон Алексеева Анастасия Васильевна диэн эбэм аатын сүгэ сылдьабын. Хамсанарбынан эбэбэр майгынныыбын быһыылаах. Онтон дьүһүммүнэн, ийэм этэринэн, аҕабар алыс майгынныыр үһүбүн.
— Оттон ырыаҕа ким дьарыктаата?
— Ол балаҕаҥҥа олорор эрдэхпитинэ таайым Болуодьа биһиэхэ, кыра оҕолорго, дьиэбитигэр соҕотох хааллахпытына, кэнсиэр көрдөрөр этэ. Валерий Ноев ырыаларын ыллыы-ыллыы. Ийэм магнитофоҥҥа сахалыы ырыалары холбоон кэбиһэр этэ, эбэм саха араадьыйатын истэрэ. Ийэбит күн аайы кэриэтэ ыллатар, үҥкүүлэтэр буолара. Күнүс утуйумаары, оронум үрдүгэр туран дьоммор кэнсиэр көрдөрөр идэлээҕим. Ийэм кыра эрдэхпититтэн саха төрүт култууратын бары көрүҥэр – олоҥхоҕо, тойукка, чабырҕахха, хомуска, норуот ырыатыгар, оһуохайга дьарыктаабыта. Улаатан баран гитараҕа оонньуурга үөрэммитим, ийэм гитара атыылаһан биэрбитэ. Онтон ыла бэйэм ырыа суруйар буолбутум. Айбыт ырыабын маҥнай ийэбэр иһитиннэрэбин. Кини сөбүлээтэҕинэ, ол аата үчүгэй диэн испэр үөрэбин. Ол гынан баран биир да ырыаны записьтыы иликпин. Билигин бэйэбин эрэ кытта олороллор.
— Иэйии эйиэхэ хайдах киирэрий?
— Иэйии туохтан эрэ олус күүскэ үөрдэхпинэ, биитэр олус күүскэ хомойдохпуна киирэр. Гитарабын талкыйа олорон матыыптан сиэттэрэн таһаарабын. Эбэтэр ханнык эрэ тыллартан ситимнэнэн төрөөн тахсар.
— Олоҥхо театрын артыыһын уратыта тугуй?
— Биһиги тыйаатырбытын улаханнык убаастыыр дьоммут Андрей Саввич уонна Степанида Ильинична Борисовтар төрүттээбиттэрэ. Олоҥхо театра саха норуотун театра. Кини быыһаныыта, кини өлбөт мэҥэ уута. Уратыта диэн тойугар сырыттаҕа дии. Тойук барахсан үрүҥ сөлөгөй курдук үөһээ үрдүк халлаантан кылыһах кыбыныылаах кылыгыраан түстэҕинэ, саха киһи барахсан нохтолоох тойон сүрэҕэ хайдах долгуйбат буолуоҕай?!
— Сыанаҕа ханнык оруоллары толороҕун?
— Тыйаатырга аан маҥнай үһүс кууруска үлэҕэ киирэн баран, Матрена Корнилова туруорбут «Дьырыбына Дьырылыатта» испэктээгэр Уйуллаан Куо удаҕан диэн Өксөкү кыыл оруолун оонньообутум. Декретка барбыт кыыс оннугар киирэн биэрбитим уонна тута Санкт-Петербург куоракка Аан дойдутааҕы Театральнай Олимпиадаҕа кыттыбыппыт. Дьиктитэ диэн, маҥнайгы олоҥхолообут олоҥхобор оруолга тиксибитим. Ол кэннэ «Таптал талыыта» диэн Степанида Борисова туруоруутугар испэктээккэ Орбой удаҕан оруолун толорбутум, «Ала Булкун» Гаврил Менкяров режиссердаах маҥнайгы комедийнай испэктээккэ олоҥхо-хор оруолун толоробун. «Үс күн» диэн Роман Дорофеев испэктээгэр Ийэ уонна доҕуһуолдьут оруолун толорбутум. Онтон тус бэйэм оҥорон, төрөтөн таһаарбыт оруолбунан Андрей Борисов «Ойуун түүлэ» испэктээгэр сүрэхтэммитим. Онно Сир Ийэ Хатыҥ оруолун оонньообутум. Олус долгутуулаах этэ. Ити кэннэ Степанида Борисова «Кыыс Дэбилийэ» испэктээгэр сүрүн оруолга иккис састаабынан туруорбута. Бу сэтинньи ый 25 күнүгэр саҥа премьера буолаары турар. Шараборин-Кумаарап «Улуу Даарын» олоҥхото Мария Маркова туруоруутугар тахсаары сылдьар. Онно Улуу Даарын балтын Кыыс Кырынаастайы оонньуубун.
— Анастасия, олоххо тутуһар, сыал-сорук оҥостор санааҥ тугуй?
— Биирдэ бэриллибит олохпор туттумахтаан хаалыахпын баҕарабын. Эдэр-чэгиэн эрдэххэ олох кэрэтин билиэххэ дии саныыбын. Аан дойдуну кэрийиэхпин, араас дьону кытта билсиэхпин, туох эмэ саҥаны айан-тутан хаалларыахпын толкуйдуубун. Онтон олохпор тутуһар санаам: “Дьон дьолуттан үөҕүмэ, дьон соруттан үөрүмэ”,- диэн этиини ханна эрэ, хаһан эрэ сэргии истибитим. Бэйэҥ олоххунан олоруоххун наада, ким да туора дьон олоҕор орооспокко, кими да сиилээбэккэ, үөхпэккэ, ордук санаабакка. Оччоҕуна толору дьоллоох, киэҥ көҕүстээх, дириҥ толкуйдаах киһи буолаҕын. Онтон атын дьон ордугар ымсыыран ону ырыта, кэннилэриттэн үөҕэ, атын дьон олоҕун толкуйдуу сырыттаххына, эн бэйэҥ олоҕуҥ ааһан хаалыаҕа…
Кэпсэттэ Айталина Софронова, «Киин куорат» хаһыат кэрэспэдьиэнэ