Уус Таатта Луукуннара — удьуор утум олоҥхоһуттар
Амма улууhугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар бөлөҕүнэн олоҥхону толоруу күрэҕэр биир чаҕылхай кыттааччыларынан Таатта улууһуттан удьуор утум Луукуннар этэ.
«Бу ыалга түөрт көлүөнэ олоҥхону толорор, онон Таатта улууһун ытык-мааны ыалын Луукуннары хайгыы көрдүм. Хос эбэлэриттэн саҕалаан, оҕолоругар тиийэ норуоппут баайын тиэрдэн, угуйан, уһуйан, иҥэрэн улаатыннараллара олус үөрдэр. Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылларыгар аналлаах бырайыакка анаан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ устан, таҥан таһаарар» СӨ Култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.
Поделитесь этой страницей