Архивы Исполнение - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Исполнение

Исполнение / Толоруу

Эрилик Эристиин «Айыы Дьөһүөл» олоҥхотуттан

Толороллор Элэгэнтээс Адаамап сыдьааннара: эбээлэрэ Татьяна Ивановна Адамова, сиэнэ Өркөн Адамов, Евгений Викторович Павлов, кэргэнэ Татьяна Михайловна, кыргыттара Туйгууна, Чэмэлиинэ, Нарыйаана (Чакыр, Чурапчы ).

“Олоҥхоһуттар: Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” аһаҕас уруок

Амма улууһун А.А. Черемных аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрин методическай үлэҕэ солбуйааччы, фортепианоҕа уһуйааччы, искусствоведение билимин хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Виктория Георгиевна Григорьева биир дойдулаах олоҥхоһуттара Т.В. Захаров-Чээбий, У.Г. Нохсоров-Үстүүн Нохсоороп, В.М Новиков-Күннүк Уурастыырап, Е.Е. Иванова, А.Г. Агапов уонна да атыттар ыллыыр уратыларын, сатабылларын, ньымаларын өр сыл устата дьаныһан үөрэппитэ, наука хараҕынан чинчийбитэ.

2016 сыллаахха «Оллоон» фольклорнай бөлөх (Бөтүҥ) оччотооҕу салайааччыта А.Д. Софроновалыын, Үстүүн Нохсоороп ырыаларыгар тирэҕирэн, норуот ырыаларын толорууга практикум-сэминээри Дьокуускайга кэлэн, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыыппыттара. Виктория Георгиевна өрөспүүбүлүкэ муусукаҕа уһуйааччыларыгар уонна АГИКИ устудьуоннарыгар сиэр-туом уонна эпическэй айымньы ырыаларын толоруу туһунан лиэксийэлэри ааҕар.

        2017 сыллаахха «Эпические и песенные традиции саха в творческом наследии У.Г. Нохсорова» диэн диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээн, искусствоведение билимин хандьыдаата буолбута. Кини хас да сыллаах чинчийиитин түмүгүнэн саха фольклорун уһулуччулаах утумнааччыта, тута хоһуйуу маастара Үстүүн Нохсоороп саха национальнай оператын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах олоҥхоһут буолара бигэргэммитэ.

2021 сыллаахха В.Г. Григорьева «Интонационно-ритмические, тембровые упражнения на основе обрядовых и эпических песнопений (по образцам исполнительского искусства У.Г. Нохсорова» кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.

Виктория Георгиевна 2012-2014 сылларга Аммаҕа Олоҥхо ассоциациятын салайбыта. Кини көҕүлээһининэн «Ньургун Боотур» уонна «Көмүскэс санаалаах Күн Айыы киһитэ – Кэскил бухатыыр» олоҥхо-испэктээктэр Аммаҕа турбуттара.

Итинник билиһиннэрэн туран, «Олоҥхолоох айан: ноо!» бырайыак чэрчитинэн, Бэрэсидьиэн гранын өйөбүлүнэн уһуллубут “Олоҥхоһуттар: Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” диэн аһаҕас уруогун көрүҥ, туһаныҥ.

«Күндүл сиртэн күлүмүрдээн көстөр күөл маҥан аттаах Көлүйэчээн бухатыыр» олоҥхоттон

Толорор ааптар Дария Томская-Чаайка (1913-2008), Үөһээ Дьааҥы улууһа.

«Күүстээх-уохтаах ыас хара аттаах Толлуман бухатыыр» олоҥхоттон толороллор Шамаевтар аймах

«Хомуур олоҥхо»

Таатта улууһун фольклорга исписэлииһэ  Майя Егорова бырайыагынан, «Иис. Уус. Ас. Фест» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн «Хомуур олоҥхо» диэн куолаан толоруу түһүлгэтэ түстэммитэ.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыыны 7 олоҥхоһут толорбута: Тааттаттан Афанасий Попов, Алексей Николаев, Александр Багардынов, Намтан дьүһүннүүн, куоластыын, кэпсиирдиин кэрэ Яна Ньургусова, Мэҥэ Хаҥаластан ыччакка бастаабыт Виталий Никифоров, Чурапчыттан чулуулар Сусанна Лазарева, Анатолий Христофоров.

Ол тэрээһинтэн устууну көрүҥ.

«Үчүгэй Үөдьүгүйээн, Куһаҕан Ходьугур» олоҥхо

Толорор ааптар Дария Томская-Чаайка (1913-2008), Үөһээ Дьааҥы улууһа

Лөкөчөөн «Хабыр Киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотун толорорун көрүҥ

Бу дьыл олунньу 22 күнүгэр олоҥхоһут, алгысчыт, мас оҥоһуктарга норуот маастара, чэпчэки атлетикаҕа Саха АССР 29 төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна рекордсмена, марафонец, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина, «Душа России» национальнай бириэмийэ лауреата, Саха Сирин ытык кырдьаҕаһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Кирилл Никонович Никифоров-Лөкөчөөн 86 сааһыгар олохтон туораата.

Кини Айах Ууһа диэн ааттанар удьуор ойууттар, алгысчыттар, олоҥхоһуттар утумнарын салҕааччы этэ. Эбээтэ Оппуруоса эмээхсин, кини инилэрэ Петр Кириллович Иванов, Марк Гаврильевич Иванов-Табаһыт олоҥхолорун истэ улааппыт буолан, устар ууну сомоҕолуур уран тыллааҕа, сахалыы ырыаны-тойугу бэркэ билэрэ, айар дьоҕура күүскэ сайдыбыт этэ. Өссө кини Т.П. Гоголев, А.Д. Ксенофонтов – Аманааскы Өлөксөй курдук олоҥхоһуттары эт кулгааҕынан истибит дьоллоох. Ол билиитин барытын аныгы кэм ыччатыгар ыллаан-туойан иһитиннэрбитэ, олоҥхобутун сэбиэскэй да кэмҥэ өрө тутан, өлбөт тыыннаабыта махталлаах.


«Хабыр Киирсиилээх Хабытта Бэргэн» диэн бастакы олоҥхотун толорорун көрүҥ.

“Көр Буурай  бухатыыр” олоҥхоттон толорор Егор Никифоров

Үөһээ Бүлүү олоҥхоһута Никита Александров-Ынта Микиитэ “Көр Буурай  бухатыыр” олоҥхотуттан толорор Егор Трофимов.

Егор Трофимович Никифоров — Амма улууһун Бөтүҥ Н.Е. Иванов аатынан оскуолатыгар историяны үөрэтэр учуутал. Кинилиин «Олоҥхолоох айан: ноо!» бырайыак чэрчитинэн сылдьан билсибиппит уонна олус сэҥээрбиппит.

Бастатан туран, Егор  төрүкү куорат ыччата эбит. Уонна бэйэтэ баҕаран туран, тыа сиригэр үлэлии тахсыбыта хайҕаллаах.

Иккиһинэн, 13 сааһыгар диэри сахалыы саҥарбатах. Дьокуускайга нуучча дьыссаатыгар, кылааһыгар уһуйуллубут. Онтон сэттиһи бүтэрбитин кэннэ, сайын аймахтарыгар Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр сайылата ыыппыттар. “Күһүн Кэнтиктэн уу саха буолан кэлбитим”. – диир. Таайдара киниэхэ Чап уустарын удьуора, Кэнтик бастакы кинээһэ Боччойо сыдьаана буоларын кэпсээн, өбүгэтинэн киэн туттуу кыымын сахпыттар уонна төрүт тылын билэр баҕатын күөртээн уһугуннарбыттар. Ол билиитин “бар, кэл, тур” диэн көннөрү кэпсэтии эрэ тылынан хаҥатар кыратын өйдөөн, аны олоҥхо тылынан саҥарарга холоноору, “Кыыс Дэбилийэни” үстэ аахпыт.

 Үсүһүнэн, “булгуччу маннык буолуохтаах” диэн хааччахха киирэ илигэ сэҥээртэ: истээччитин кытта биир долгуҥҥа буолаары, кинилэр төһө ылына олороллоруттан сирдэтиннэрэн, олоҥхотун ол тэтиминэн ааҕар-ыллыыр. Ол иһин арыт куолаһа улаатан кэлэр, арыт ырыатын араастаан уһатан-кэҥэтэн дьиэрэтэр. Дьиҥэр, оннук да буолуохтаах буоллаҕа дии. Умнубатарбын эрэ ханнык диэн, бэйэҕэр ботугуруу олордоххо, ким сэҥээриэй? Онон Егор Трофимович абылыыр айылгытынан, ол эбэтэр харизматынан, истэ олорор дьонун кытта ситими олохтуура уонна ону бүтэһигэр диэри тутара кэрэхсэбиллээх.

Кини олоҥхоҕо кэлиитэ да уратылаах. Эбээтэ Александра Макаровна Никифорова хомус тарда үөрэппит эбит. Сахалыы кута уһуктубут кэмигэр, ахсыска үөрэнэ сылдьан, Альбина Дягтерева “Айархаан” бөлөҕө тэрийбит 10 хонуктаах дьарыгар сылдьыбыт. Кылгас кэмҥэ биллэ эбиллибит уонна, ол сатабылын көрдөрө, уол Дубайга норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска тиийэн кыттыбыт, соһуйуоххут иһин, Гран-при буолбут.

Ытыс саҕа ымыыта кинини аны олоҥхоҕо сирдээбит. 2021 с. Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар хомустуу тиийэн баран, Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыры кытта билсэн, кини салайар “Күн сандаар” бөлөҕөр киирэн, аны олоҥхону толоруу абылаҥар куустарбыт.

“Олоҥхолуур буолуохпуттан ыла бэйэбин буллум. Урут наар туох эрэ тиийбэт, туохха эрэ ыксыыр курдугум. Билигин холкубун, сыалбын-сорукпун чопчу билэбин”, — диир Егор Трофимович.

Кини дэйбиирин кытта бэйэтэ оҥосторун истэн сөхтүм. Ити курдук дэгиттэр дьоҕура арыллан истин диэн, эдэр киһиэхэ баҕа санаабытын этэбит.

«Икки күлүк харахтаах Эрили Бэргэн» олоҥхоттон Марк Уйбануоп (1929-2012), Бүлүү улууһа

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон толорор «Кылыһах» норуодунай ансаамбыл

“Кылыһах” норуодунай фольклорнай ансаамбыл 1987 сыллаахха тэриллибит. Оччолортон фольклор бары көрүҥнэригэр холоноллор: олоҥхоҕо, тойукка, хомуска, чабырҕахха, норуот ырыатыгар, оһуохайга.

Ансаамбылы Сунхалырова Екатерина Николаевна төрүттээбит. Онтон 28 сыл устата (1988-2016 сс.) СӨ култууратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Кэнчээри Ивановна Собакина салайан үлэлэппит. 2019 сылтан  бөлөҕү Марина Федоровна Говорова салайар.

«Кылыһахтар» олоҥхону куолаан толоруунан 2018 сылтан ыла утумнаахтык дьарыктаналлар. Хайҕаллааҕа диэн, нэһилиэк салайааччылара, ыччакка бэйэлэринэн холобур буолан, көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо бэһис ырыатыттан быһан тардан толороллорун устарбытыгар, нэһилиэк баһылыга Турнин Прокопий Прокопьевич Кырынаас, оттон оскуола дириэктэрэ Полускин Петр Васильевич Бохсоҕоллой Боотур оруолларын ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр. Сэһэнньит – Полускина Галина Ивановна, Л.Н.Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Ньургун Боотур – Белин Игнат Игнатьевич, НАДь оператора, Айталыына Куо – Сабарайкина Гея Сергеевна, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын психолог-педагога, Эмээхсин – Иванова Анна Евстафьевна, Оҕонньор – Собакин Степан Тарасович (иккиэн «Кылыһах» солистара). Бу олоҥхолорунан сайын Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Олоҥхо тылын ууһа” анал ааты ылбыттар.

Ситиһиилэрэ итинэн эрэ бүппэт, 2019 сыллаахха Аан дойдутааҕы фольклориадаҕа анаммыт “Соблюдая народные традиции – сохраним культуру и историю народа!” бэстибээлгэ,  “Дайыла алгыстаах аартыга” улуустааҕы күрэххэ, Нам Хатырыгар ыытыллыбыт “Олоҥхо уобарастарын арыйыы” аһаҕас куонкуруска кыттыбыттар, сэртипикээттэринэн бэлиэтэммиттэр.

П.Е. Решетников-Көһөҥө Бүөтүр “Айыы Дьураҕастай бухатыыр” олоҥхотун үөрэтэн, Ийэ олоҥхоһут төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт 5 түһүмэхтээх “Үс саха олоҥхото, тойуга сайыннын..!” күөн күрэскэ бастаабыттар. Мария Андросова-Ионова төрөөбүтэ 155 сылыгар анаммыт “Ондуруоһап эмээхсин курдук онолуйа туойдахпына…” күрэххэ үһүстээбиттэр. Онно Галина Полускина “Түөлбэ олоҥхотун салҕааччы” анал ааты ылбыт, оттон Өлүөхүмэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар «Истээччи биһирэбилэ» буолбут.

Пятая глава олонхо Платона Ойунского «Нюргун Боотур Стремительный» (фрагмент). Исполняет народный ансамбль «Кылысах», Кыйы, Таттинский улус. Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

Исполнители: Галина Полускина (Сэһэнньит) Игнат Белин (Ньургун Боотур) Анна Иванова (Эмээхсин) Степан Собакин (Оҕонньор) Прокопий Турнин ( Кырынаас) Петр Полускин (Бохсоҕоллой Боотур) Гея Сабарайкина (Айталыын Куо).

«Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхоттон «Күбэйэ» фольклорнай бөлөх

Чөркөөхтөр урут-уруккуттан уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтөр уонна түмсүүлээхтэр. Ол иһин Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгин иһинэн элбэх куруһуок, ансаамбыл, түмсүү айымньылаахтык үлэлиир.

СӨ култууратын туйгуна, бу эйгэҕэ сааһын тухары эҥкилэ суох үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Розалия Николаевна Филатова, Чөркөөх эбээлэрин түмэн, «Күбэйэ» фольклорнай бөлөҕү тэрийэн, ырыаҕа-тойукка уһуйан, билигин дьоһун-мааны далбар хотуттар олоҥхотугар тиийэ фольклор араас жанрдарын барытын сатабыллаахтык толороллор.

«Күбэйэлэр» электроннай пуондаҕа анаан биир дойдулаахтара, Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Сүүрэр сулус сырыыта сырыылаах Сыыйылла Хара Сүүрүк аттаах, аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардан толордулар.

Сэһэнньит — Светлана Захаровна НИКИТИНА;
Үрүҥ Аар тойон — Розалия Николаевна ФИЛАТОВА;
Саха Саарын тойон уонна Абааһы уола Уот Суорун — Александра Михайловна САВВИНА;
Айталыына Куо — Мария Михайловна САБАРАЙКИНА;
Айыы Дьураҕастай бухатыыр — Валентина Николаевна ПЕТРОВА;

Сүүрүк ат ырыата -Татьяна Егоровна СТЕПАНОВА.

Аан Алахчын ХотунЛюбовь Сергеевна НИКОЛАЕВА;

Олонхо Петра Решетникова «Милосердный Богатырь Айи Джюрагастай» (фрагмент). Исполняет фольклорная группа «Күбэйэ», художественный руководитель — Розалия Филатова. Село Черкех, Октябрьский наслег, Таттинский улус.

Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

«Оҕо Ньургун» олоҥхоттон Сергей Кладкин

Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин олохтооҕо Сергей Федорович Кладкин биир дойдулааҕа Сэмэн Собакин-Сэмэтэй “Оҕо Ньургун” олоҥхотуттан быһа тардан толорорун истиҥ.

Сергей Кладкин сааһын тухары сопхуоска үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Дьарыга элбэх. Нэһилиэк устуоруйатын үөрэтэр, үйэтитиигэ үлэлэһэр. Уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа. Уйбаан Унаарга уһуйуллуоҕуттан ыла ыҥырыыга сылдьар алгысчыт буолла.

Кэнники сылларга аны олоҥхону толорууга холонон эрэр. Эдэр сылдьан сопхуоска бииргэ үлэлээбит ытыктыыр киһитэ Сэмэн Собакин-Сэмэтэй “Оҕо Ньургунун” толорор.

“Сэмэтэй олоҥхолуурун үстэ истэн турардаахпын. Окко биригэдьиирбит этэ. Сылаалаах үлэ кэнниттэн киэһэ отууга олорон, түүннэри олоҥхолуура. Сылайбата, төттөрүтүн, уутугар-хаарыгар киирэн, өссө эрчимирэн биэрэрэ. Илэ кулгаахпынан хайдах толорулларын истибит буоламмын, ырыатын-тойугун матыыбын үтүгүннэрэн таһаарабын”, — диэн кэпсиир.

Олонхо Семена Собакина «Оҕо Ньургун» (фрагмент). Исполняет Сергей Кладкин, Таттинский улус.

Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан «Таатта удьурҕайа» этно-бөлөх

Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун ахсыс ырыатыттан толорор «Таатта удьурҕайа» этно-бөлөх, уус-уран салайааччы — Мария Тарабукина. Ытык Күөл, Таатта улууһа. Видео Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын өйөбүлүнэн оҥоһулунна.

Восьмая глава олонхо Платона Ойунского «Нюргун Боотур Стремительный» (фрагмент). Исполняет этно-группа «Таатта удьурхайа», художественный руководитель — Мария Тарабукина. С.Ытык-Куель, Таттинский улус. Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

Толорооччулар/Исполнители: Анастасия Бурнашева (Сэһэнньит) Николай Дьячковскай (Ньургун Боотур) Мария Егорова (Туйаарыма Куо) Альберт Шестаков (Уот Уһуму Тоҥ Дуурай, Оҕо Тулаайах) Тамара Слепцова (Иэйэхсит) Марианна Уранаева (Буруо саҥата) Мария Тарабукина (Айыы кыргыттара) Татьяна Слепцова (Кыталык ырыата) Клара Читаева (Айыы Умсуур удаҕан).

«Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхоттон Розалия Докторова

Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Сүүрэр сулус сырыыта сырыылаах Сыыйылла Хара Сүүрүк аттаах, аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхотуттан толорор Розалия Докторова (Ытык Күөл, Таатта улууһа).

Розалия Петровна ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр төрөппүт кыыһа буолар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри эмтиир эйгэҕэ үлэлээбитэ. Таатта улууһун, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот уус-уран айымньытын, Саха Сиригэр идэлээх сойуустар хамсааһыннарын, СӨ идэлээх сойуустарын федерациятын, Таатта улууһун доруобуйатын харыстабылын сайыннарыыга кылаатын иһин анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Аҕыйах сылтан бэттэх олоҥхону толоруунан утумнаахтык дьарыктанан эрэр. Л.Цой салайар «Дьолуо» этно-бөлөҕөр сылдьар. 2022 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар саҥа саҕалааччыларга бастаабыта, былырыын Өймөкөөҥҥө анал аакка тиксибитэ. Кини тойуга былыргылыы матыыптааҕынан уратылаах.

Олонхо Петра Решетникова «Милосердный Богатырь Айи Джюрагастай» (фрагмент). Исполняет Розалия Докторова, с.Ытык-Кюель, Таттинский улус.

Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

Ааптар Станислав Иванов толоруутугар «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхо

“Олоҥхо-баттл” телевизионнай күрэх кыайыылааҕа Станислав Иванов бэйэтэ айбыт-суруйбут “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан толорорун сэргээн истиҥ.

 Бу олоҥхотун СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ аудио сыһыарыылаах электроннай кинигэ быһыытынан таһаарда. Олоҥхо тиэкиһин онлайн ааҕаргытыгар https://new.nlrs.ru/open/101838, оттон ааптар толорорун истэргитигэр  https://new.nlrs.ru/open/101832 сигэлэринэн киирэҕит. Ааҕааччы билиэтэ суохтар, бастаан бибилэтиэкэ саайтыгар https://new.nlrs.ru\ регистрацияны ааһаҕыт.

Станислав бэйэтэ Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх.  Икки өттүттэн эһээлэрэ Харлампьев Дмитрий Михайлович уонна Иванов Платон Васильевич дойдуларыгар биллэр оһуохайдьыттар эбит. Ону утумнаабыт буолуохтаах диэн сэрэйэн, кырачаан уолу Дария Егоровна Алексеева ырыаҕа-тойукка уһуйбут.

Оскуола кэнниттэн Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн бүтэрэн, ыал буолан, билигин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олохсуйан олорор, култуура уонна духуобунай сайдыы улуустааҕы салалтатыгар методиһынан үлэлиир. Станислав дьарыга элбэх. Оһуохайдьыт быһыытынан эмиэ сүҥкэн ситиһиилээх, “Дархан этээччи” диэн үрдүк ааты ылбыта.

Оттон бу “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотун 2017 сылтан суруйан саҕалаабыт.

-Бастаан тутулун, туох уратылаах буолуохтааҕын торумнаабытым. Суруйан истэҕим аайы ол толкуйдарым харахпар көстөн кэлэн испиттэрэ. Оннук бэйэ-бэйэлэриттэн ситимнэһэн, сааһыланан барбыттара. Олоҥхом хас биирдии түгэнин таайтарыылаах, киһиэхэ сырдык санааны саҕар кистэлэҥнээх гына суруйа сатаатым. Дьоруойдарым ааттарын толкуйдуур уустук этэ. Тылын-өһүн хос-хос ааҕа-ааҕа, хаста да көннөрбүтүм, хас сырыы ахсын тупсаран испитим. Кэлин түмүктээн баран ааҕарбар, тус олохпор буолбут үөрүүлэр уонна хомолтолор суруллан тахсыбыт курдуктар эбит, — диэн санаатын үллэстэр Станислав Иванов.

Олонхо о храбром Хатан Боотуре.

Исполняет автор Станислав Иванов, Мегино-Кангаласский улус.

Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

«Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара» олоҥхоттон Татьяна Слепцова

Таатта биллэр олоҥхоһута, быйыл төрөөбүтэ 160 сылын туолар фольклорист, наукаҕа киллэрбит кылааттаах Мария Андросова-Ионова «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара» олоҥхотуттан толорор Татьяна Слепцова.

Кини 68 саастаах.  Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр олорор. Олоҥхонон кэлин утумнаахтык дьарыктанан эрэр. 2023 с. Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар “Кылыһахтаах ырыалаах олоҥхоһут” ааты ылбыта. Ол иннинэ 2021 с. улуустааҕы күрэххэ лауреат буолбута.

Татьяна Егоровна  “Норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн 2022 с. наҕараадаламмыта.

Видео Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын өйөбүлүнэн оҥоһулунна.

Олонхо Марии Андросовой-Ионовой «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара» (фрагмент). Исполняет Татьяна Слепцова, с.Ытык-Кюель, Таттинский улус. Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон Клара Читаева

Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун төрдүс ырыатыттан толорор Клара Читаева, Ытык Күөл, Таатта улууһа.

Клара Илларионовна олох-дьаһах сулууспатын туйгуна, «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин», «Тааттыныскай нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин», «Инбэлииттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын сайдыытыгар кылаатын иһин», «Таатта улууһугар уопсастыбаннай хамсааһын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Норуот маастара.

Олоҥхону толорооччу быһыытынан Клара Читаева олоҥхоһут, тойуксут Данил Максимов-Дайыла төрөөбүтэ 65 сылыгар «Дайыла алгыстаах аартыга» күрэххэ (Уус Таатта) иккис, «Нохтоолоох сүрэхтэн долгуйан: «НОО!» -дэтэн чоргуйан» күөн күрэскэ (Кытаанах) иккис миэстэ, Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо дьоруойдарын биирдиилээн толорууга Кылаан чыпчаал (Чөркөөх) буолуталаабыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Уруйдан, Улуу олоҥхобут!» куонкуруска кыттыбыт.

Видео Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын өйөбүлүнэн оҥоһулунна.

Четвертая глава олонхо Платона Ойунского «Нюргун Боотур Стремительный». Исполняет Клара Читаева, с.Ытык-Кюель, Таттинский улус. Видео создано при поддержке Президентского фонда культурных инициатив.

Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толоруу кыайыылаахтара -Лукиннар

Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрүт ситим”  күрэх кыайыылаахтара – Уус Тааттаттан Лукиннар.

Олорор бэрээдэктэринэн билиһиннэрдэххэ, сэһэнньит – уоллара Никита Лукин. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар  биирдиилээн толорууга оҕолорго II миэстэ буолбута уонна “Истээччи биһирэбилэ” ааты ылбыта.

Эбээлэрэ Христина Михайловна Лукина сааһын тухары сүөһү көрүүтүгэр үлэлээтэ. Куоластаах мааныта. Улуус уус-уран самодеятельноһын бастыҥ ырыаһыта.

Үһүс олорооччу – Лукиннар кыыстара Анастасия.

Аҕалара Федот Лукин  — Таатта улууһун “Ырыа Бэргэнэ”.  Кини аттыгар сиэнэ Диана Рязанская.

Ыал ийэтэ Надежда Гаврильевна култуура үөрэхтээх, үҥкүүгэ уһуйааччы. Киниэхэ сэргэстэһэ олорор уоллара  Андрей.

Үс көлүөнэ Лукиннар Бүөтүр Оҕотоойоп «Эһэ хара аттаах Элэс Боотур» олоҥхону толороллорун истиҥ.

Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун ахсыс ырыатыттан

Толорор Иван Слепцов, Харбалаах, Таатта улууһа.

«Үрүҥ Айыы Тойон ылгын уола, сир-халлаан ыпсыытыгар сүрэхтэммит Дьиэрэстимэй бухатыыр» олоҥхоттон

«Үрүҥ Айыы Тойон ылгын уола, сир-халлаан ыпсыытыгар сүрэхтэммит Дьиэрэстимэй бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардыы. Толорор ааптар Дмитрий Томскай (1920-2011), Үөһээ Дьааҥы улууһа.

«Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхо

«Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхо. Толорор ааптар Юрий Борисов.

«Күн Эрили» олоҥхоттон быһа тардыы

Толорор Ийэ олоҥхоһут Николай Тарасов, Чурапчы улууһа.

Самая первая запись якутского олонхо 1902 г.

Автор: Bry9j-z8yio

Первая фонографическая запись якутского пения была сделана в 1902 году. В.И. Иохельсон записал фрагменты олонхо «Оҕо Тулаайах» — «Дитя-Сиротина», героического эпоса якутов. Запись была произведена в урочище Родчево вблизи Среднеколымска. Исполнял олонхо Иван Петров. Четыре валика записей отрывков олонхо хранятся в архиве «Пушкинского дома» в Санкт-Петербурге. Состояние валиков неудовлетворительное, звук прослушивается с большим трудом. Песни из этого олонхо были распознаны и переложены на ноты якутским музыковедом Эдуардом Ефимовичем Алексеевым в 1965 году. Тексты выверены Петром Никифоровичем Поповым и Дмитрием Кононовичем Сивцевым — Суорун Омоллоном. Нотные записи с текстами были опубликованы в книге Алексеев Э.Е., Николаева Н.Н. «Образцы якутского песенного фольклора» Якутск. 1981. Данная публикация видео посвящена памяти Эдуарда Ефимовича, недавно скончавшегося (10 марта с.г.) в Бостоне (США)

«Мөҥүрүүр Бөҕө» олоҥхоттон

Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик Дьүөгэ Ааныстыырап оскуолатын иһинэн Олоҥхо оскуолата хаһыс да сылын ситиһиилээхтик үлэлиир. Салайааччы —  СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Барҕарыы» пуонда лауреата, үрдүк категориялаах фольклорист Мойтохонова Айталина Михайловна-Сахаайта.

Кини уһуйуутунан элбэх оҕо олоҥхону толорор буолла. Бүгүн истиҥ Андреева Ариана «Мөҥүрүүр Бөҕө» олоҥхоттон быһа тардан олоҥхолуурун.

«Баһымньы баатыр Эрбэхчэй Бэргэн икки» олоҥхоттон

Николай Абрамов «Баһымньы баатыр Эрбэхчэй бэргэн икки» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Альберт Шестаков, Таатта улууһа.

«Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхоттон

Николай Шамаев-Чопчухаан «Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Софья Федотова, Ньурба улууһа.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон

П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Анатолий Захаров, Чурапчы улууһа.

«Толлуман бухатыыр» олоҥхоттон

Маргарита Григорьева «Күүстээх-уохтаах ыас хара аттаах Толлуман бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Алина Поскачина, Бүлүү улууha

«Дуо Бухатыыр» олоҥхоттон

Михаил Шараборин-Кумаарап «Дуо Бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Зинаида Бураева, Амма улууһа.

Дария Томская-Чаайка (Олоҥхо Даарыйа)

Запись сделана Студией звукозаписи «Соли Тутти» в 2001 году.

«Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхоттон

П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Яна Нюргусова, Нам улууһа.

«Уол дуолан бухатыыр» олоҥхоттон

Митрофан Мартынов «Уол дуолан бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Никандр Тимофеев, Сунтаар улууһа.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон

П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Виталий Никифоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһа. НВК «Саха» «Хотугу сулус» биэрии устуута.

Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр толоруутугар олоҥхоттон быһа тардыы

Композиция по мотивам олонхо «Нюргун Боотур Стремительный», исполняет Нина Горохова

«Уордайа Хаан бухатыыр» олоҥхоттон

СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина, Оһуохай үтүөлээх этээччитэ, алгысчыт, СӨ Бочуотун кинигэтигэр киирбит дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, Арассыыйатааҕы “Төрөппүт Албан аата” уордьан-мэтээл хаһаайына, Дьохсоҕон олоҥхоһуттарын бөлөҕүн салайааччыта, 2022 сылга Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын муҥутуур кыайыылааҕа Афанасий Николаевич Попов биир дойдулааҕа, Ийэ олоҥхоһут П.Е. Решетников-Көһүҥэ Бүөтүр «Тоҕус көс сири атаҕын анныгар туора үктүүр, аҕыс көс сири атаҕын анныгар аралдьыта үктүүр ала дьоруо аттаах кылааннаах Уордайа Хаан бухатыыр» олоҥхотун толорор.

«Уолуйа Боотур» олоҥхоттон

«Уолуйа Боотур» олоҥхоттон быһа тардыы. Толорор Василий Осипович Каратаев.

«Куоппат куойбат, Куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр» олоҥхоҕо олоҕурбут айымньы

«Куоппат куойбат, Куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр» олоҥхоҕо олоҕурбут айымньы. Толорор ааптар Валентина Семенова, Үөһээ Бүлүү улууһа.

«Эһэ Хара аттаах Элэс Боотур» олоҥхоттон

Бүөтүр Оҕотоойоп «Эһэ Хара аттаах Элэс Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Диана Петухова, Уус-Алдан улууһа.

«Эрдэҕэс кутуругун эрийэ туппут курдук эриллэҕэс уҥуохтаах Эрбэһин бухатыыр»

“Эрдэҕэс кутуругун эрийэ туппут курдук эриллэҕэс уҥуохтаах Эрбэһин бухатыыр” олоҥхоҕо олоҕурбут айымньы. Толорор ааптар Каролина Харлампьева, Бүлүү улууһа.

«Көҕөн кус уола Күн Ньургун бухатыыр» олоҥхоттон

Алексей Амбросьев “Көҕөн кус уола Күн Ньургун бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардыы Толорор Наталья Эконова, Сунтаар улууһа

«Сүүлэлдьин Боотур» олоҥхоттон «Үрүмэччи» бөлөх

Семен Каратаев «Сүүлэлдьин Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор , «Үрүмэччи» бөлөх, Бүлүү улууha

«Сүүлэлдьин Боотур» олоҥхоттон Христина Осипова

Семен Каратаев «Сүүлэлдьин Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Христина Осипова, Бүлүү улууha

«Үчүгэй Үөдьүгүйээн, Куһаҕан Ходьугур» олоҥхоттон Изабелла Фомина

Дарья Томская-Чайка «Үчүгэй Үөдьүгүйээн, Куһаҕан Ходьугур» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Изабелла Фомина.

«Күн Эрили» олоҥхоттон Марфа Аммосова

Николай Степанов-Ноорой «Күн Эрили» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Марфа Аммосова, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа. Отрывок из эпоса Николая Степанова-Ноорой «Күн Эрили». Исполняет Марфа Аммосова, Мегино-Кангаласский улус.

«Кыыс Дэбилийэ» олоҥхоттон Айсен Федоров, Сунтаар улууһа

Николай Бурнашов-Боодьоҕос “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Айсен Федоров, Сунтаар улууһа. Отрывок из эпоса Николая Бурнашова-Боодьоҕос «Кыыс Дэбилийэ». Исполняет Айсен Федоров, Сунтарский улус.

«Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхоттон Никита Аянитов, Үөһээ Бүлүү улууһа

Кирилл Никифоров-Лөкөчөөн «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Никита Аянитов, Үөһээ Бүлүү улууһа.

«Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхоттон Митрофан Мартынов

Митрофан Мартынов «Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Митрофан Семенов, Сунтаар улууһа.

«Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхоттон

Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Лена Маркова, Нам улууһа.

Отрывок из олонхо Прокопия Ядрихинского-Бэдьээлэ «Девушка-богатырь Джырыбына Джырылыатта». Исполняет Лена Маркова, Намский улус.

«Күүстээх уохтаах ыас хара аттаах Толлуман бухатыыр» олоҥхоттон

Маргарита Григорьева «Күүстээх-уохтаах ыас хара аттаах Толлуман бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Михаил Шамаев, Бүлүү улууha

«Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхоттон

Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы. Толорор Прасковья Лебедева, Дьокуускай куорат.


Отрывок из олонхо сказителя П.Ядрихинского-Бэдьээлэ «Девушка-богатырь Джырыбына Джырылыатта». Исполняет Прасковья Лебедева, г. Якутск.

Видео 1 из 51