Архивы Передачи - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Передачи

Передачи / Анал биэриилэр

Ыччакка олоҥхону көҕүлүүр бэртээхэй бырайыак — «Олоҥхолоох айан: НОО!»

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Олоҥхолоох айан: ноо!» диэн кыттыгас бырайыактарын чэрчитинэн, ыччат десана Таатта, Амма улуустарынан сырыытын туһунан ролигы көрүҥ.

Чопчулаан эттэххэ, нэһилиэнньэҕэ олоҥхону көҕүлүүр, билиҥҥи кэм олоҥхоһуттарын уонна толорооччуларын устан үйэтитэр «Олоҥхолоох айан» бырайыак десана 2022 сыл сааһыгар Бүлүү бөлөх улуустарын кэрийбитэ.

Ол кэнниттэн 2023 сыллаахха Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын граныгар кыайан, ахсынньы 11-16 күннэригэр Тыараһанан, Чөркөөҕүнэн, Кыйынан, Амманан, Бөтүҥүнэн сылдьыбыттара. Хас нэһилиэк аайы олоҥхо дьоро киэһэлэрэ тэриллибиттэрэ, Национальнай бибилэтиэкэ “Олоҥхо” саайтыгар матырыйаал хомуллубута.

Бу айар бөлөҕү АГИКИ проректора Зоя Стрекаловская уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, суруналыыс Анисия Иевлева салайан илдьэ сырыттылар. Оператор уонна ролигы таҥан оҥордо — Михаил Эверстов.

Олоҥхоһуттар сыдьааннара

Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сыл ыам ыйын 17 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ үбүлээһининэн, олоҥхо энциклопедията хомуллан-таҥыллан оҥоһуллуохтаах.

Бу научнай үлэ 5 томнаах буолар: бастакыта – олоҥхоһуттарга, иккиһэ – олоҥхо сюжеттарыгар, үсүһэ – олоҥхо персонажтарыгар, төрдүһэ – олоҥхо уопсастыбаҕа суолтатыгар, бэсиһэ – олоҥхону билим таһымыгар үөрэтии түмүктэригэр ананыаҕа.

Олоҥхоһуттар тустарынан бастакы том номнуо кэлэр 2024 сылга бэчээттэнэн тахсыахтаах, онон билигин күүстээх үлэ бара турар.

-2006 сыллаахха олоҥхобутун ЮНЕСКО көрүүтүгэр ыытарга анаан 700 олоҥхоһут аатын испииһэктээн киллэрбит эбит буоллахпытына, кэлин анал эспэдииссийэлэри тэрийэн, улуустарынан сырытыннаран, ити испииһэги 1530 киһиэхэ диэри тиэртибит, – диэн сырдатта Руслан Анисимов, Олоҥхону чинчийэр  билим үнүстүүтүн дириэктэрэ.

Дьэ, ити хомуллубут чахчылары чуолкайдаары, ситэрээри уонна эбии саҥа сибидиэнньэлэри хомуйаары, ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускайга олоҥхоһуттар сыдьааннарын уонна үйэтитээччилэрин түмэн, улахан сугулааны  Олоҥхо иккис 10 сылын ыытар национальнай кэмитиэт, Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, Олоҥхо үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията, Олоҥхо тыйаатыра, Норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ кыттыһан тэрийдилэр.

Олонхо — философия Якутии

Учебная работа студента Санкт-Петербургского государственного университета кино и телевидения Ильи Литвинова

О Гавриле Колесове в передаче «Кинолетопись Якутии»

Выпуск передачи «Кинолетопись Якутии» посвящен легендарному талантливому актёру, писателю, народному артисту Якутской АССР, заслуженному артисту РСФСР Гаврилу Гаврильевичу Колесову. Гаврил Гаврильевич родился 8 марта 1932 года во II Батаринском наслеге Мегино-Кангаласского района Якутской АССР. В 1957-1997 годах работал артистом якутского драмтеатра имени П.А. Ойунского. Играл во многих драматических классических и современных спектаклях, создал целый ряд острых характерных образов, выступал в основных партиях- ролях в оперных спектаклях, музыкальных комедиях, выходил с остальными мимическими ролями в балетных спектаклях. Гаврил Колесов был не просто артистом, певцом, писателем, он внёс огромный, неоценимый вклад в сохранение якутского языка и национальной культуры народа Саха. О его жизни и творчестве вспоминает советский и российский актёр драматического театра и кино, заслуженный артист Российской Федерации, народный артист Республики Саха (Якутия), Анатолий Павлович Николаев.

«Уус уола Уустарабыс» телевизионнай биэрии

Олоҥхоһут, алгысчыт, отоһут, мас ууһа Алексеев Семен Григорьевич-Уустарабыс (1900—1995) туһунан «Бэрдьигэс» телестудия устубут биэриитэ.

«Олоҥхо-баттл»: түмүк (21.10.23)

«Олоҥхо-баттл» түмүктүүр түһүмэҕэр кыттааччылар олохтон быһа тардан толордулар уонна аан дойду айыллыытыгар баттлга күрэхтэстилэр.

Дьүүллүүр сүбэ ( Агафья Захарова, Юрий Борисов, Валентин Исаков) быһаарыытынан, «Көрөөччү биһирэбилэ» Амматтан Анна Кириллина буолла. Бирииһэ — 100 тыһ. солк. Оттон кыайыылаах үрдүк аатын Бүлүүттэн Станислав Иванов ылла. Киниэхэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин култуураҕа солбуйааччыта Сергей Местников 5000 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээти туттарда.

«Олоҥхо баттл» (14.10.23)

«Олоҥхо баттл» телевизионнай күрэхтэһии төрдүс түһүмэҕэр кыттааччылар саха туттар тэрилин, биир малын олоҥхо тылынан тута хоһуйдулар. Ол кэннэ, дьэ, дьиҥнээх баттл буолла. Бухатыырдар охсуһууларын куолаан толордулар. Онтон талааннарын көрдөрдүлэр. Ким чабырҕахтаан, ким тойуктаан. Дьүүллүүр сүбэ (фольклорист Варвара Обоюкова, Айыы кыһатын учуутала, суруйааччы Рустам Каженкин, Арассыыйа худуоһунньуктарын чилиэнэ Наталия Христофорова) быһаарыыларынан, Спиридианна Николаева (Үөһээ Бүлүү) туораата.

Сиһилии «Саха «НКИХ устуутун көр.

«Олоҥхо баттл»: тута хоһуйуу түһүмэҕэ (30.09.23)

Ыччакка олоҥхону тарҕатар, көҕүлүүр «Олоҥхо баттл» телевизионнай күөн күрэс иккис түһүмэҕэр кыттааччылар билиэтинэн тиэмэ талан, тута хоһуйан олоҥхолоотулар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Агафья Захарова (Олоҥхо киинэ), Юрий Борисов ( Олоҥхо үнүстүүтэ), Петр Тихонов (Олоҥхо стипендиата) үлэлээтилэр.

Бу түһүмэхтэн күрэхтэһээччилэри сыыйан саҕалаатылар. Бастакынан Тааттаттан оҕо уһуйаанын иитээччитэ Альберт Шестаков туораата.

«Олоҥхо баттл»: бастакы түһүмэх (23.09.23)

«Саха» НКИХ ханаалыгар субуота ахсын көстөр «Олоҥхо-баттл» күрэх бастакы түһүмэҕэр 10 толорооччу кытынна — Арчыман Номоҕон (Таатта), Айта Васильева (Мэҥэ Хаҥалас), Михаил Шамаев (Бүлүү), Спиридианна Николаева (Үөһээ Бүлүү), Станислав Иванов (Мэҥэ Хаҥалас), Диана Петухова (Уус Алдан), Александр Ефремов (Амма), Сандал Прокопьев (Бүлүү), Анна Кириллина (Амма), Альберт Шестаков (Таатта).

Суруналыыс Альберт Капрыновтуун Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Анастасия Алексеева ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Мария Турантаева (Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ), Валентин Исаков (Олоҥхо бириэмийэтин стипендиата), Айталина Дмитриева (Тыл үнүстүүтүн олоҥхону чинчийээччитэ) үлэлээтилэр.

Бу түһүмэх бэйэни билиһиннэрии кэриэтэ, онон ким да туораабата. Бары билжрбит курдук. кыайыылаах 500 тыһ. солк. ылар.

Бүлүү бөлөх улуустара олоҥхо тула түмсэллэр

Саха норуотун төрүт өйдөбүлүн илдьэ сылдьар олоҥхобут билиҥҥи балысхан сайдыы кэмигэр сүппэт-симэлийбэт суолун тобулар сорук турар.

2018 сыллаахха Ньурбаҕа Бүлүү бөлөх улуустарын «Олоҥхо» ассоциацияларын көһө сылдьар сугулаана буолбута. Онно дьоһуннаах кэпсэтии, салгыы хайдах быһыылаахтык үлэлиир сорук, кэлэр сылларга былаан торумнаммыта. Ол историческай көрсүһүү туһунан биэриини көрүҥ.

Олоҥхо бастакы ыһыаҕа

Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕа аан бастаан 2006 сыллаахха Сунтаар улууһугар ыытыллыбыта. Ити сыл ЮНЕСКО олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан биллэрбитэ. Онон Олоҥхо бастакы 10 сыла биллэриллибитэ.

О судьбе олонхо доктор искусствоведения Эдуард Алексеев, 2009

Видео взято с сайта eduard.alekseyev.org.

СПРАВКА: Эдуард Ефимович Алексеев (1937, Якутия — 2021, США) ― советский этномузыковед. За годы своих научных изысканий провёл множество обширных полевых исследований традиционной музыки коренных народов Сибири и других регионах бывшего Советского Союза. Его работы посвящены теоретическим проблемам лада, мелодической интонации, тембра и нотной записи, а также социологическим и психологическим аспектам музыкального восприятия. С 1972 по 1992 год Эдуард Алексеев был председателем фольклорной комиссии Союза советских композиторов. Он также занимал должность заведующего кафедры общей теории фольклора в Государственном институте искусствознания в Москве. Окончил Московскую консерваторию, где был учеником профессора Льва Мазеля. Продолжил обучение в аспирантуре в Государственном институте искусствознания; его научным руководителем был видный этномузыковед профессор Виктор Михайлович Беляев. Получил степень кандидата и доктора искусствоведения в ГИИ. Эдуард Алексеев является автором более 100 научных публикаций на русском языке, в том числе таких монографий, как «Проблемы формирования лада (на материале якутской народной песни)» (1976), «Природа подачи в примитивном пении» (1986), « Фольклор в контексте современной культуры» (1988) и «Нотная запись народной музыки: Теория и практика» (1990). С 1997 г. проживал в Бостоне, штат Массачусетс, США.

Документальный фильм «Олонхосут». Автор сценария, оператор С. Андреев. Якутск: ГНХКД , 2009 год.

Фильм повествует о талантливом и уникальном олонхосуте Петре Егоровиче Решетникове – Көһөҥө Бүөтүр. Петр Егорович Решетников- один из последних олонхосутов Якутии, который исполняя произведения Олонхо, не пользовался готовыми текстами, а придумывал их на ходу. Богатый словарный запас, склонность к импровизации и феноменальная память позволяли Петру Егоровичу сочинять уникальные музыкальные рассказы прямо на глазах слушателей. Ийэ Олонхосут Петр Егорович Решетников – Көһөҥө Бүөтүр родился 8 июня 1929 г. в Кюняйском наслеге Таттинского улуса. В 1951-1953 гг. учился в Якутском учительском институте. В 1954-1969 гг. работал учителем математики и физики в с. Баахынай Жиганского района. В 1969-1974 гг. – учитель, завуч, директор Черкехской средней школы, в 1974-1979 гг. – председатель сельсовета наслега. С. 1979 г. работал председателем профкома совхоза “Таатта”. В 1991 г. впервые исполнил олонхо на республиканском конкурсе олонхосутов в честь 100-летия Сергея Зверева-Кыыл Уола. Первое свое олонхо “Сүүрэр сулус сырыыта тырыылаах Сыыйылла Хара Сүүрүк аттаах аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай” создал в 1998 г. В 2004 г. создал второе олонхо “Тоҕус көс сири туйаҕын анныгар туората үктүүр, ала дьоруо аттаах Уордаах кылыннаах Уордайа Хаан Бухатыыр”. Награжден Почетными Грамотами Президиума Верховного Совета ЯАССР, обкома КПСС. Почетный гражданин Таттинского, Жиганского улусов, Октябрьского наслега Таттинского улуса. Стипендиат ЮНЕСКО. Ушел из жизни 29 сентября 2013 г.

Афанасий Ноев: Ысыах Олонхо на «Полюсе холода» продемонстрировал всю красоту северного фольклора

В Якутии состоялся главный национальный праздник — Ысыах Олонхо. В этом году он впервые прошел на территории «Полюса холода» в селе Томтор Оймяконского района. О ходе и итогах праздника рассказывает первый заместитель министра культуры и духовного развития РС(Я) Афанасий Ноев.

Эдэр олоҥхоһут Анастасия Алексеевалыын атах тэпсэн олорон…

Автор: Ulusmedia

Анастасия Алексеева | Оҕо сааһа, бастакы олоҥхото, киинэ, музыка, тыйаатыр эйгэтигэр

О создании мультфильма «Ньургун Боотур Стремительный» по олонхо П.А.Ойунского

Сценарий: А. Решетникова Монтаж: И. Яковлев Якутск, ГБУ РС(Я) «Музей музыки и фольклора народов Якутии»

Сэргэй Сибиэрэп-Кыы Уола: норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, тойуксут, үҥкүүһүт, суруйааччы

Сценарист, диктор: О.Н. Громова, оператор, монтаж: И.А. Яковлев ГБУ РС(Я) «Музей музыки и фольклора народов Якутии», 2020 сыл.

Олоҥхо. Оһуохай. Ыһыах.

Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону, оһуохайы толоруу таһыма хайдаҕый? Олоҥхо ыһыахтарын тэрийии, ыытыы сыала-соруга туохханый?

Норуот тылынан уус-уран айымньы жанрдарын аныгы кэмҥэ туругун туhунан учуутал уонна билим салайааччыта, эпосовед Василий Илларионов кэпсиир. Биэриини Игорь Данилов ыытар.

Естественнэй наука ньымаларынан олоҥхону чинчийии

Саха фольклористикатыгар саҥа ньыма, ураты чинчийии туһунан Олоҥхону чинчийэр билим үнүстүүтүн үлэһитэ Марианна Сатанар «Сырдат» подкаска кэпсиир. Олоҥхо мифологиятыгар саха мындыр билиитэ, айылҕа сокуоннара көстөр дуо? Олоҥхоҕо архетипическай, эмпирическэй ньымалары туттуу, бэлиэ, символ, код көстүүтэ. Бүдүмүк өй-санаа диэн тугу этэбитий?

Биэрии ыытааччыта — Игорь Данилов.

Олоҥхоһут уонна олоҥхону толорооччу уратылара

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет “Сырдат” подкаст биэриитэ.

Наука хараҕынан олоҥхоһут диэн кими ааттыыбытый? Олоҥхоһут уонна олоҥхону толорооччу туох уратылаахтарый? Ийэ уонна утум олоҥхоһут диэн кимнээҕи этэбитий? Бүтэһик олоҥхоһут, этиитиилээх олоҥхо уонна билиҥҥи кэм олоҥхоһуттарын туһунан билим уонна култуура эйгэтин үлэһиттэрэ санааларын истиҥ.

Ыалдьыттар:

1. Василий Васильевич Илларионов, тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр

2. Айталина Ахметовна Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар туһуламмыт үнүстүүт фольклорга уонна литератураҕа отделын үлэһитэ.

3. Мария Васильевна Турантаева, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ.

4. Юрий Петрович Борисов, тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ Олоҥхо үнүстүүтүн научнай үлэһитэ.

5. Сахая Даниловна Львова, ХИФУ Олоҥхо үнүстүүтүн научнай үлэһитэ.

«Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо ис хоһоонуттан кэпсиир Валентин Исаков 

Дмитрий Говоров «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо ис хоһоонуттан кэпсиир Валентин Исаков, олоҥхоһут, Олоҥхо театрын артыыһа.

Олоҥхо персонажтарын билиһиннэрэр Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр, Олоҥхо театрын артыыһа

Образы Олонхо в театральных костюмах. Рассказывает Сардаана Федотова

Образы Олонхо в театральных костюмах. Творческая встреча с Сардааной Федотовой, художником по костюмам Саха театра и Театра Олонхо. Встреча состоялась в рамках IV Международного фестиваля «Встреча шедевров ЮНЕСКО на земле Олонхо».

Олоҥхоҕо уһуйааччы Маргарита Григорьеваны кытта сэһэргэһии

Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолатыгар 1996 сыллаахтан оҕолору олоҥхоҕо дьарыктыыр Маргарита Егоровна Григорьевалыын сэһэргэһиини көрүҥ. Маргарита Егоровна төрүттээбит «Үрүмэччи» бөлөҕө өрөспүүбүлүкэ бэстибээллэрин, күрэхтэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа. Биэрии ыытааччыта Зоя Стрекаловская, олоҥхону толорооччу, чинчийээччи, уһуйааччы. Смотрите интервью с Маргаритой Егоровной Григорьевой, педагогом олонхо Тасагарской средней школы Вилюйского улуса. Основанная ею в 1996 году группа исполнителей эпоса «Үрүмэччи» многократный победитель конкурсов, фестивалей Якутии. Ведущая передачи — Зоя Стрекаловская, исполнитель, исследователь, педагог олонхо.

Видео 1 из 24