Постановки / Олоҥхонон испиктээктэр, опералар
«Туйаарыма Куо» олоҥхо-испэктээк
Былырыын 2023 сыллаахха, Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан, Нам талааннаахтарын күүһүнэн үс көстүүлээх «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» музыкальнай драма-олоҥхо сыанаҕа турбута. Премьерата М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар буолбута.
Испэктээк доҕуһуолун Нам улууһун Үөдэйиттэн төрүттээх, саха идэтийбит муусукатыгар улахан кылааттаах, Сергей Зверев-Кыыл Уола үҥкүүлэрин барытын ноталаабыт Василий Зырянов суруйбут.
Бу олоҥхо-драма бырайыагын ааптара — СӨ искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ, Үҥкүү национальнай тыйаатырын сүрүн дирижера Николай Петров. Испэктээк сүрүн режиссера – алгысчыт Афанасий Федоров, иккис режиссер – Опера тыйаатырын режиссера Прокопий Неустроев, сүрүн худуоһунньук – Намтан төрүттээх, Арассыыйа уонна Саха Сирин ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, Нуучча тыйаатырын кылаабынай худуоһунньуга Николай Попов, көстүүм худуоһунньуга – Марианна Оконешникова, сүрүн хореограф-балетмейстер – Мария Сайдыкулова.
Нам улууһун 11 нэһилиэгиттэн кыттыылаах, аҥаардас аркыастырга 50-ча муусуканнаах «Туйаарыма Куо» олоҥхо-драманы көрүҥ.
Суорун Омоллоон «Ньургун Боотура»
Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, саха норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 117 сылын туолла.
Кини литератураҕа, култуураҕа, искусствоҕа, фольклорга уонна норуоттар доҕордоһууларыгар сүҥкэн үтүөлээх, сүдү үлэлэрдээх.
Олоҥхолортон таҥан суруйбут «Ньургун Боотур» музыкальнай драматыттан биир дойдулаахтара, Чөркөөх нэһилиэгин П.В. Толстяков аатынан норуодунай тыйаатыра 2021 сыллаахха туруорбут испэктээгин көрүҥ.
Опера «Нюргун Боотур» (М.Жирков, Г.Литинский), 1993 год
Опера в 2-х действиях, либретто Суорун Омоллона, постановка А.Борисова. К 100-летию П.А. Ойунского. Из фонда ГБУ РС (Я) «Музей музыки и фольклора народов Якутии».
«Воительница-Джырыбына» (12+) / Театр «Олонхо»
Спектакль поставлен по мотивам олонхо Прокопия Ядрихинского-Бэдьээлэ. Режиссер-постановщик: Матрена Корнилова. Спектакль стал последней постановкой режиссера, в 2019 г. ее не стало. Спектакль был номинирован на Премию «Золотая Маска». За трудным для произношения названием спектакля театра «Олонхо» «Воительница-Джырыбына» скрывается увлекательная, напоминающая фэнтези, сказочная история о девушке, в которой проснулась чудодейственная сила – она стала отважным воином, защищающим Срединный мир (мир людей и животных) от демонов и колдунов. Сражаясь со злом, героиня не только обретает себя, но и находит любовь. Спектакль «Воительница-Джырыбына» – прекрасный пример того, как молодой театр, созданный на рубеже ХХ–ХХI веков, пробуждает в зрителях культурную память, отталкиваясь от опыта классических театров древности, рождает свой собственный театральный язык, оставаясь современным и востребованным. Древний эпос народа Саха, поставленный Матреной Корниловой, опирается на опыт знаний и традиций, накопленных предками, использует мистериальную символику и обращается к шаманскому обряду. Вместе с тем, он представляет собой современное динамичное драматическое действо, где мощный темперамент актерского ансамбля помножен на эффектные пластические решения, завораживающие арии – тойук и обусловленный законами олонхо «интерактив». «Мы живем в Срединном мире между Верхним и Нижним. В олонхо, как и в эпосах каждого народа, речь идет о светлом и темном начале жизни и об ответственности человека не только за все свои поступки, но и за состояние мира. Когда снизу к нам проникает зло, тогда мы становимся недобрыми и надо этому противостоять. Только тогда от нас зависит, каким будет он, наш Срединный мир, благословенный богами».
Источник: Театр Олонхо
Олоҥхо-перфоманс. Толорор ааптар Анастасия Алексеева
Перфоманс по Олонхо к 145-летию А.Е.Кулаковского-Өксөкүлээх Өлөксөй. Исполняет автор Анастасия Алексеева, артистка Театра Олонхо. Анастасия исполняет авторское олоҥхо, написанное в 16 лет. Перфоманс отталкивается от поэмы А.Е.Кулаковского-Өксөкүлээх Өлөксөй «Сон шамана» и от инсталляции «Өксөкү», созданной в июне 2022 года творческой группой «Архетип». Это синтез якутского тойука и композиций от автора электронной музыки Dobun. Между действиями разыгрываются бытовые «речевые» интермедиа — воспоминания из жизни исполнительницы. Действие завершается коллективным танцем осуохай по произведению Алексея Кулаковского «Бүлүүлүү оһуохай».