Аудиостатьи / Аудио киэптээх ыстатыйалар
1
Бүгүн уус тыллааҕынан, чуор куоластааҕынан биллибит, бэйэтин кэмигэр туруу үлэһитинэн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыт Нам олоҥхоһута, култуура үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Прокопий Прокопьевич-Бэдьээлэ (28.03.1901—04.02.1979) төрөөбүт күнэ.
Онон ситимнээн кини туһунан Нам педагогическай кэллиэһин уһуйааччылара Тамара Васильевна Румянцева, Прасковья Дмитриевна Баянаева аудиоыстытыйаларын истиҥ.
2
Дьөһөгөй саха норуотугар суолтатын ырытыы
П.А.Ойуунускай «Якутская сказка «Олонхо» ее сюжет и содержание» научнай ыстатыйаларыгар олоҕуран ырытыы.