«Куйуур олоҥхото-2027» Намҥа буолуоҕа
Муус устар 28 күнүгэр Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Григорьевич Сокольниковка Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин баһылыга Семен Тимофеевич Тимофеев “Куйуур олоҥхотун” бэлиэтин туттарда. Онон 2027 сылга Нам улууһугар “Куйуур олоҥхото” ыытыллыаҕа. Эстафетаны туттарыы П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр буолла. Бэлиэтээн эттэххэ, муус устар 3-4 күннэригэр Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр “Куйуур олоҥхото-2026” өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль буолан ааспыта. […]
30.04.2026