Аммаҕа Олоҥхо декадата Эмис уһуйааныттан саҕаланна - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Аммаҕа Олоҥхо декадата Эмис уһуйааныттан саҕаланна

Аммаҕа Олоҥхо декадата Эмис уһуйааныттан саҕаланна

Аммаҕа  Олоҥхо декадатын бастакы тэрээһинэ сэтинньи 24 күнүгэр Эмис нэһилиэгин «Чуораанчык» оҕо саадыттан саҕаланна.

Бу дьоро күҥҥэ биһиги үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэ, эҕэрдэ тыл бастыҥын тиэрдэ, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо улуустааҕы ассоциациятын салайааччыта Илларионова Ньургуйаана Ивановна, Амма улууһун үөрэҕин салалтатын исписэлииһэ Давыдова Эмма Валерьевна, уһуйаан иһинэн ыытыллар «Сыарҕалаах атынан айан», «Үүтээн олоҥхото» бырайыактарбыт биир сүрүннээччитэ, уһуйаан гимнин ааптара Константинова Наталья Николаевна уонна тэрилтэлэрбит күндү ыалдьыт буоллулар.

Эҕэрдэ тыллар, инники үлэбитигэр сүбэлэр-соргулар ону тэҥэ элбэх хайҕабыл тыллары анаан олус үөртүлэр, өссө да үлэлииргэ кынаттаатылар. Олоҥхону оҕоҕо иҥэриигэ, сайыннарыыга кылааттарын иһин Новгородова Мавра Юрьевна, Ноговицына Ирина Ивановна, Ноговицына Нонна Николаевна, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта, олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Илларинова Нюргуяна Ивановна Махтал суруктарын туттарда.

«Чуораанчык» уһуйаан иитэр-үөрэтэр үлэтэ саха омуга былыргыттан илдьэ кэлбит баайыгар, олоҥхо тула үрдүк таһымҥа ыытыллар. Россияҕа Педагог уонна Наставник сылыгар, Амма улууһугар 17-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕынан, Олоҥхо иккис ХХ сылыгар анаан, Захарова Алена Семеновна салайааччылаах «Чуораанчык» оҕо саадыгар «Олоҥхо дойдутугар айан» олоҥхо декадатын аһыллыыта үрдүк таһымнаахтык тэрилиннэ.

Сарсыардаттан сахалыы эйгэни тэрийэн, оҕолорбутун хомус дьүрүскэн тыаһынан, сахалыы төрүт астаах сандалынан маанылаан көрүстүбүт. Бу күнтэн саҕалаан, декада тухары сарсыарда ахсын төрөппүттэрбит сахалыы остуол оонньууларын оонньоон саҕалаатылар. Декада түмүгэр кыайыылаах төрөппүт быһаарыллыаҕа.

Олоҥхобут декадатын үөрүүлээх аһыллыытын уһуйааммыт төрөппүтэ Нь.В. Стручкова тойугунан доҕуһуоллаан, иилээн-саҕалаан ыытта. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбытын, төрөппүттэрбитин кыынньар кымыһынан, алгыстаах алаадьынан, минньигэс саламаатынан күндүлээтибит. Кырачаан иитиллээччилэрбит боччумуран олорон, биир дойдулаахпыт Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотуттан быһа тардан толорон, көрөөччүлэри олус долгуттулар. «Тэтим» фольклорнай бөлөх оҕолоро күпсүүргэ норуот матыыптарын толордулар.

Тэрээһиммит долгутуулаах сүрүн чааһынан, уһуйааммыт педагога Ноговицына Нонна  уонна төрөппүт Ноговицына Нина оҕолорго анаан оҥорбут «Олоҥхо — мин Эмиспэр», «Киистэ кэпсээнинэн олоҥхо» диэн ойуулуктар сүрэхтэниилэрэ буолла. Ойуулуктар олус табыллан, көрөөччүлэрбит биһирэбиллэрин, сэҥээриилэрин ылла.

Ол кэннэ «Сир симэҕэ» СӨ норуодунай кэлэктиибин салайааччыта Ефимова Марианна Васильевна «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхону сыанаҕа спектакль гынан туруорбутун кэпсээтэ. Тэрээһиммит иккис түһүмэҕэр, Олоҥхо иккис ХХ сылын үөрэхтээһиҥҥэ туһуламмыт соруктарга олоҕуран, иитээччилэр мультимедийнай, интерактивнай сайыннарар:
— «Олоҥхо үс дойдута», «Кэрэ симэх», «Ат симэҕэ» (Ноговицына Нонна Николаевна).
— хомулук «Олоҥхо геройдара», таайбараҥнар «Сахалыы музыка инструменнара», «Чаппарааҕы киэргэт» (Ноговицына Ирина Ивановна).
— «Бэргэн булчут мүччүргэннээх сырыылара», «Өбүгэ» (Ларионова Елена Ив., Новикова Татьяна Васильевна).
— «Тойон Дьаҕарыма айана», «Саха халандаарын эргиирэ, «Айыы оҕотун сиэрин айана» (Константинова Наталья Владимировна) оонньуулары оҥорбуттарын кэпсээн сырдаттылар, сүрэхтээтилэр, маастар-кылаастары көрдөрдүлэр. Маны тэҥэ «Амма дьэдьэнэ» диэн оонньууну оҕолор оонньоотулар.

Биир сүрүн чааспытынан «Уруйдан, олоҥхо» диэн уһуйаан иитиллээччилэрин кытта үлэһиттэр илиинэн оҥорбут оҥоһуктарынан бэлэх холбукабытын билиһиннэрдибит. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ үлэһиттэр төрүт инструменынан доҕуһуоллатан норуот матыыбынан ырыалары толорон, ыалдьыттары сөхтөрдүлэр.

Түмүккэ, Аммабытыгар Олоҥхо ыһыаҕын уруйдаан, олоҥхобут олоҕор олорсон, оһуохайы дьиэрэттибит.
Биһиги, «Чуораанчыктар», өбүгэлэрбит тылын саамай сүөгэйин-сүмэтин, сиэрин-туомун, алгыһын олоҥхоҕо киллэрэн, оҕолорбутугар сахалыы тыыны иитэн, иҥэрэн, ийэ тылларын сайыннаран, олоҥхоҕо уһуйабыт. Хас биирдии оҕо сахатын тылын билэрэ кини инники олоҕор, атын омуктардыын бодоруһарыгар туһалыыр, өбүгэлэрин кытта ситимниир уонна олоххо бигэ тирэхтиир!

 «Чуораанчык» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Алена Захарова. Ааптар хаартыскалара

Поделитесь этой страницей