Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, болугурдар сэлэлээн хаамтылар - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, болугурдар сэлэлээн хаамтылар

Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, болугурдар сэлэлээн хаамтылар

Бу күннэргэ Амма улууһугар  XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалбыт үөрүүлээх бэлиэ күнүн көрсө нэһилиэктэргэ араас тэрээһиннэр буола тураллар.
Хаартыска — Евдокия Платонова тиксэриитэ

Болугурдааҕы Майрод Ноговицын аатынан  култуура киинин уус-уран салайааччыта Евдокия Платонова бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин туһунан бу курдук кэпсээтэ:

“Орто туруу дойду төрүт кэскилэ — Олоҥхо” диэн ааттаан «Колосок» уһуйаан иитиллээччилэрэ, Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын учууталлара кыттыылаах өбүгэ үгэһин утумнаан ситии салама баайдылар. Юрий Борисов «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун» олоҥхотуттанн быһа тардан көрдөрдүлэр.

М.А. Ноговицын аатынан култуура кииниттэн нэһилиэк тэрилтэлэрэ, оскуола оҕолоро, уопсастыбаннай түмсүүлэр, быһата, нэһилиэк дьоно бука бары кыралыын-улаханныын сахалыы таҥнан сэлэлээн хааман сынньалаҥ пааркабытыгар тиийэн үөрүүлээх тэрээһиммитин ыыттыбыт.

Поделитесь этой страницей