Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ бигэргэннэ
Быйыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын логотип дэнэр дьаралык бэлиэтин анал хымыыһыйа бигэргэттэ.
Дьаралыгы быһаардахха:
Бастакы күөҥҥэ — аммалар аатырбыт олоҥхоһуттара Т.В. Захаров-Чээбий.
Кэннигэр — быйыл Аммаҕа туруохтаах Аал Луук Мас. Ортотугар үүнүүнү кэрэһилиир оһуор
Чаппараах — — Дьөһөгөй оҕотун симэҕэ, оттон ыһыах диэн Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү буоллаҕа дии. Кымыһы ыһалларын иһин, ыһыах диэн ааттаннаҕа.
Сардаана — Амма өрүс кытылын киэргэтэр сибэкки.
Суругун-бичигин өҥө-дьүһүнэ сайыҥҥылыы: от күөҕэ, тэтэркэй, халлаан күөҕэ.
Поделитесь этой страницей