Олоҥхо ыһыаҕын көрсө 3 тыһыынча олбоҕу бэлэмнээтилэр - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Олоҥхо ыһыаҕын көрсө 3 тыһыынча олбоҕу бэлэмнээтилэр

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө 3 тыһыынча олбоҕу бэлэмнээтилэр

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, Амма улууһун хас биирдии нэһилиэгэ Ыһыах ыалдьыттарын көрсөргө көхтөөхтүк бэлэмнэнэр.

Хас биирдии нэһилиэк сахалыы  олбох уонна ситии саламаны оҥоророр соругун хайыы үйэ толорон, Ньукуолуну уруйдуур тэрээһиҥҥэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыта.

Тэрээһин үлэтигэр нэһилиэк уопсастыбаннаһа, түөлбэлэр көхтөөхтүк кытыннылар.

Болугур нэһилиэгин олохтоохторо саламаттан, олбохтон ураты  сахалыы таҥастары, киэргэллэри кыһыны быһа тэҥинэн тиктилэр. “Арчылаана” эбэлэр түмсүүлэрэ сүрүннээн олбохтору оҥордулар. Уран тарбахтаахтар туос ыаҕыйалары, ситии саламаны өрдүлэр.

Сулҕаччылар Горнай уонна Эдьигээн улууһун дэлэгээссийэтин көрсөргө бэлэмнэнэллэр. Билиҥҥи туругунан Горнайтан —  70, Эдьигээнтэн 40 киһи кэлээри олороллор.

Аммалар уопсайа 3 тыһыынча олбоҕу тигэн, 6 тыһыынча миэтэрэ ситии саламаны хатан туттардылар.

Елена Потоцкая

Поделитесь этой страницей