Тута хоһуйан олоҥхолоотулар - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Тута хоһуйан олоҥхолоотулар

Тута хоһуйан олоҥхолоотулар

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэ биир сонун, хоммут уоһу өһүлэр тэрээһининэн тута хоһуйан олоҥхолооһун уонна ол кэнниттэн санаа атастаһар киэһэтэ буолла.

 

Тэрээһин кэмпириэнсийэ бүппүтүн кэннэ киэһэ 21.00 чаастан Айыы дьиэтигэр ыытылынна.

“Тута хоһуйан, олоҥхону толоруу күрэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар киирбитэ балачча буолла. Ити үчүгэй. Былыр өбүгэлэрбит итинник олоҥхону тута хоһуйан толорон кэллэхтэрэ дии. Тойуксуттар, чабырҕахсыттар даҕаны бары тута хоһуйан толороллоро. Тылынан уус-уран айымньыбытыгар барыта тута хоһуйуу сылдьар. Дьон сөбүлүү истибитин үтүктэн барар, онон тарҕанан барар. Билигин буоллаҕына өйдөрүгэр үөрэтэн баран этэллэр. Уон тарбах арыый таһынан  эрэ бэйэлэрэ этэн, олоҥхо таһааран эрэр дьоннор бааллар. Билигин оннук этиини сайыннарар инниттэн, бу күрэх киирбитэ. Кылгас бириэмэ иһигэр тиэмэ ылан хоһуйаллар”, — диэн тута хоһуйууга дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылын уонна култууратын үнүстүтүүтүн культурология5а салаатын профессора,  педагогика билимин кандидата Галина Попова-Санаайа бу күрэх туһунан быһаарда.

Күрэххэ биэс кыттааччы киирдэ. Кинилэр ким хаһыс уочаратынан киирэригэр сэрэбиэй тартылар. Бу кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим – чинчийэр институтун лингвофольклористика5а салаатын салайааччыта, тыл билимин кандидата Юрий Борисов тиэмэлэрин талалларыгар анал билиэттэри уурталаата.

Кыттааччылар билиэттэрин тардаат, тута ханнык тиэмэтин этэн баран, үс мүнүүтэ иһигэр сааһыланаат,  тута олоҥхолоон бараллар. Туһугар олус уустук сорук эбит. Манна, биллэн туран, кыттааччы төһө уус-уран тыллааҕа, толкуйун дьоҕура, ойуулаан-дьүһүннээн талбыт тиэмэтин көрөрө, олоҥхолорго хоһуйуллар геройдары төһө билэрэ быһаарар оруолу ылар эбит.

Маннык күрэххэ, биллэн туран, хорсуннар эрэ кытталлар. Кимнээҕий ол? Ол курдук Бөтүҥтэн Егор Никифоров, Намтан Вера Цыпандина, Елена Руфова, Мэҥэ Хаҥаластан Аксинья Степанова, Сатаҕайтан Гаврил Орлов бу киэһэ талбыт тиэмэлэринэн олоҥхолоон көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр кинилэри өйөөн, сүрдээх болҕомтолоохтук истэн, “ноо” диэн тэптэрэн биэрэн истилэр. Юрий Петрович быһаарбытынан, тута хоһуйууга уһуннук этии сыаналанар эбит. Кыттааччылар 4 мүнүүтэттэн 6 мүнүүтэ уһуҥҥа тиийэ эттилэр. Күрэхпит кэмигэр уоппут арахсан, хата, маннык киэһэлэргэ бэрт табыгастаах буолан биэрдэ. Онон олох урукку курдук көмүлүөк уотугар, мас тачыгырыы умайар тыаһыгар олоҥхону истэн, ураты эйгэҕэ киирдибит.

Бу күрэххэ бириистэри Олоҥхо үнүстүтүүтэ уонна Амма улууһун дьаһалтата туруорбут. Түмүгү таһаарар долгутуулаах кэм иһигэр иккис тэрээһин саҕаланна. “Сэһэн сэппэн” диэн санаа атастаһыытыгар кэлбит дьон тылы харыстааһын тиэмэтигэр бэркэ умсугуйан, ууларыгар-хаардарыгар киирэн олорон кэпсэттилэр. Кэпсэтиини Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай Олоҥхо Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ  Февронья Шишигина иилээн-саҕалаан ыытта.

«Сахабыт тылын хайдах тыыннаах хаалларабыт?», «Ол инниттэн туох оҥоһуллуон нааданый?», «Туох кыаллыбатый?», «Тоҕо маннык кыһалҕа турда?» диэн тиэмэҕэ бэйэ санаатын үллэстии буолла.

“Маннык кэпсэтии, санаа атастаһыыта былырыын Өймөкөөҥҥө саҕаламмыта. Онно түүннэри балаҕаҥҥа олорон кэпсэппиппит. Ону биһирээн, быйыл эмиэ бырагыраамаҕа киллэрэн, бу кэпсэтии бара турар. Олус наадалаах тэрээһин. Бачча көрсөн баран ыалдьа сылдьар боппуруоспутун ырыппатахпытына, хаһан ырытыахпытый? Манна саха туһугар тугу эрэ толкуйдуу сылдьар дьон мусталлар уонна кэпсэтиэхтэрин баҕараллар. Былырыын Өймөкөөҥҥө эрдэ былааннаабаккабыт, сонно тута хомуллубуппут. “Бачча көрсөн баран хайдах утуйа сытыахпытый” дэһээт, балаҕаҥҥа барбыппыт. Онно үчүгэй баҕайытык, оһох отто-отто өр кэпсэпиппит. Быйыл маны былааҥҥа киллэрэн, өссө тута олоҥхону хоһуйуу күрэхтээх эҥн ыыттыбыт. Бары тууйулла, саҥарыахтарын баҕара аҕай сылдьар дьон кэлэн кэпсэтиигэ кыттар” , — диэн Галина Семеновна тоҕо бу көрсүһүү  тэриллэрин быһаарар.

Дьэ, чахчы да кэлбит дьон, этэргэ дылы, өрөөбүт уостарын өһүлэн, хоммут уостарын хоннорон, киэҥ кэпсэтии буолла. Ону Февронья Васильевна үөрүйэх киһи быһыытынан салайан биэрэн, кэпсэтии олус үчүгэйдик барда. Манна кыттыыны улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Нюргуяна Илларионова ылла.

Дьэ, тута хоһуйуу кыайыылаахтарынан кимнээх буоллулар? Саамай бастыҥынан Айыы уонна Абааһы бухатыырдарын охсуһууларын тиэрдибит Намтан Вера Цыпандина буолла. Галина Семеновна -Санаайа билиһиннэрбитинэн, Намтан Вера Прокопьевна ыччат буолан баран, олоҥхоҕо сыстыбыт. Кини бу тута хоһуйууга олоҥхо быраабылатын тутуспут, ырыатын олох үчүгэйдик толорбут, тиэмэтин да арыйбыт.

Онтон бэрт кыранан хаалан, иккис миэстэни Бөтүҥтэн учуутал, соторутааҕыта эрэ илин эҥэргэ «Бастыҥ учуутал» ааты сүкпүт Егор Никифоров ылла. Кини уруу алгыһын олус үчүгэйдик бэйэтин тылынан хоһуйбутун дьүүллүүр сүбэ бэлиэтээтэ уонна кини олус кэскиллээҕин эттилэр. Онтон үһүс миэстэ «Ардьамаан-Дьардьамаан» диэн олоҥхо үчүгэйэ суох геройун уобараһын көрдөрөн хоһуйбут Сатаҕайтан Гаврил Орлов буолла.

Кыайыылаахтар харчынан бириэмийэлэнэллэрин туһунан сэртипикээттэри уонна бары кыттааччылар күрэххэ кыттыбыттарынан Туоһу суруктары туттулар. Дьүүллүүр сүбэ барыларын аны сайын Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллар тута хоһуйуу күрэҕэр хайаатар да кытталларыгар ыҥырда.

Манна даҕатан эттэххэ, научнай-практическай кэмпириэнсийэ кэмигэр маннык тута хоһуйуу күрэҕэ аан бастакытын ыытыллыбыт. Кэпсэтии, күрэх кэмигэр кэлбит дьон бары сахалыы баахыла амсайан, үүттээх чэй, быырпах иһэн, чахчы да, урукку өбүгэлэрбит балаҕаҥҥа мунньустан, сарсыардааҥҥа диэри кэпсэтэр, олоҥхолуур үтүө киэһэлэрин санатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Поделитесь этой страницей