Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар 19 эбийиэги тутуохтара - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар 19 эбийиэги тутуохтара

Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар 19 эбийиэги тутуохтара

XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар сиэри-туому ыытарга 19 эбийиэк болдьохтоох кэмигэр тутуллуо. Бу туһунан Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Бырабыыталыстыба отчуотугар иһитиннэрдэ.
Хаартыска «Амма олоҕо» улуус хаһыатыттан

«Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии толору баран иһэр. Амма улууһун нэһилиэктэрин олохтохторо бары бэлэмнэнии үлэтигэр кытта сылдьаллар. Барыта 19 эбийиэк тутуллуохтаах, үлэ ааспыт сылтан саҕаламмыта. Бэдэрээччит даҕаны сылаас күн-дьыл үүнэрин кэтэһэн олорбот. Кыһыҥҥы өттүгэр туту араас элэмиэннэрин бэлэмнээтилэр, ыһыах ыытыллыахтаах сиригэр тутууну ыытан эрэр. Тэрээһин буолуор диэри эбйийиэктэр бэлэм буолуохтара уонна Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааһыаҕа диэн эрэнэбин», —  Сергей Местников бэлиэтээн эттэ.

XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа быйыл Амма улууһугар бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин судаарыстыбаннай салайыы көдьүүһэ былаас нэһилиэнньэни кытта аһаҕастык сыһыаннаһарыттан тутулуктааҕын эрдэ бэлиэтээн турар.

Сайаана Львова, «Саха Сирэ»

Поделитесь этой страницей