Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын эбийиэктэрин тутуу бэс ыйыгар түмүктэниэҕэ
Ыам ыйын 17 күнүгэр Амма улууһугар быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа буолла. Суолталаах тэрээһин туһунан Амма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев сиһилии иһитиннэрдэ:
— Сүбэ-мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта Сергей Местников, Ил Түмэн спикерин бастакы солбуйааччы, СӨ Олоҥхо ыһыаҕын иккис Уон сылын бэлэмниир уонна Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, тутуу, урбаан уонна туризм, култуура миниистирдэрэ, успуорт, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, инновация уонна сибээс, тыа хаһаайыстыбатын, ОДьКХ миниистирдэрин солбуйааччылара, биэдэмистибэлэр эппиэттээх үлэһиттэрэ, эбийиэктэри тутар бэдэрээтчиттэр туох үлэ ыытылларын ырыттылар, сүбэлэстилэр.
“Уран-дизайн” бэрэдээтчит тэрилтэ салайааччыта Вячеслав Яроев Муона чараҥар ыытылла турар тутуу үлэтэ барыта бэс ыйын 10 күнүгэр түмүктэниэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Тэрээһин “Муона чараҥа” диэн сиргэ, И.А. Швердин аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар улуус баһылыга Степан Кузьмин өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын регламенын быһыытынан анаан тутулла турар 19 сүрүн эбийиэги билиһиннэриититтэн саҕаланна.
“Уран-дизайн” бэрэдээтчит тэрилтэ салайааччыта Вячеслав Яроев Муона чараҥар ыытылла турар тутуу үлэтэ барыта бэс ыйын 10 күнүгэр түмүктэниэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕын кыттыылаахтара тутулла турар эбийиэк 75% бэлэмин бэлиэтээтилэр. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ 17-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕа Амма сиригэр-уотугар Муона чараҥын пааркатын киин түһүлгэтигэр аһыллыытын сиэрин-туомун бэлэмэ бэс ыйын 12 күнүттэн саҕаланыаҕа.
Мунньахха урбаан уонна туризм миниистирэ Юрий Ханды ыалдьыттары аһатыы, хорчуоппалар үлэлэрин быһаарыы былааннаахтык баран иһэрин иһитиннэрдэ. Бэс ыйын 5 күнүгэр дьону түһэрэр, аһатар боппуруостар быһаарыллан түмүктэниэхтэрэ.
Ааптар: Елена Потоцкая
18.05.2024, 16:55
Хаартыска — Василий Бураев тиксэриитэ.