Олоҥхо кэмпириэнсийэтигэр 200-тэн тахса киһи үлэтин көмүскүүр
«Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа: эпос, утум салҕаныыта, сайдар саҕахтар» XIV научнай-практическай кэмпириэнсийэ олуктарынан үлэтэ 15 хайысханан икки күнүн буола турар.
Манна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, куораттарыттан барыта 200-тэн тахса кыттааччы бииртэн биир интэриэһинэй, сонун тиэмэлэрдээх үлэлэрин кэпсииллэр, экспердэр иннилэригэр көмүскүүллэр.
Икки күннээх олуктарынан үлэни наука дуоктардара, кандидаттара, доценнар, култуура, ускуустуба эйгэтин үлэһиттэрэ сыаналыыллар.
Кыттыы тиэмэлэрэ даҕаны киэҥ. Уопсайа 15 олук Амма 1-кы №-дээх оскуолатыгар үс этээһинэн үлэлииллэр.
«Саха сирин норуоттарын эпостарын чинчийии, ырытыы тутаах боппуруостара», «Уһуйааҥҥа олоҥхо оҕону иитэр, үөрэтэр, сайыннарарт кыаҕын үлэҕэ туһаныы хайысхалара, ньымалара», «Оскуолаҕа, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар Олоҥхо иитэр, үөрэтэр, сайыннарар кыаҕын үлэҕэ туһаныы хайысхалара, ньымалара», «Олоҥхону оҕо анаарыыта», «Олоҥхо — саха норуотун идэтийбит ускуустубатын төрүтэ: литэрэтиирэ, тыйаатыр», «Ыһыах суолтата. Ыһыаҕы тэрийии уратылара: өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк, үөрэх тэрилтэлэрин таһыма», «Оһуокай үгэстэрин, түөлбэнэн уратыларын үөрэтии, тарҕатыы», «Кыраайы үөрэтиигэ аныгы кэмҥэ турар тутаах соруктар», «Өбүгэ ооньууларын тарҕатыыга үлэ ньымалара», «Саха омугун кэскилэ — тыа сирин туруктаах олоҕор, саха ыалын төрүт дьарыктарыгар (тыа сирин, тыа ыалын экономиката)», «Саха сиригэр тимиринэн уһаныы:түҥ былыргыттан бүгүҥҥүгэ», «Олоҥхоттон олохтоох саха ырыатын сайдар саҕахтара», «Уолан баранар уулаах, охтон баранар мастаах орто дойду бигэ туруга», «Сахалыы эмтэнии үгэстэрэ» диэн олуктарынан кыттааччылар үлэлэрин кэпсээтилэр.
-Былааҥҥа киирбитинэн, 2026 сыллаахха биһиги улууспутугар, Кэбээйигэ, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах. Онно уопут ыла, уһун айаны айаннаан кэлэн кытта сылдьабыт. Дьиҥинэн, элбэх буолан кэлиэхтээх этибит даҕаны, айылҕабыт былааммытыгар уларытыылары киллэрэн, улахан тыал кэннэ суол суох буолан, бэһиэ буолан кытта сылдьабыт. Мин библиотека үлэһитэ буоларым быһыытынан, сүрүннээн тэрээһин өттүн болҕойон көрдүм. Барыта ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаммыт, онон киһи астына көрөр-истэр кэмпириэнсийэтэ,- диэн ыалдьыт Светлана Оконешникова санаатын үллэстэр.
Оҕолору, эмэн дьону барыларын биир сомоҕо гына түмпүт киэҥ киэмпириэнсийэ олугунан үлэтэ бүгүн эмиэ салҕанар. Эбиэттэн киэһэ маастар кылаастар буолаллар.
«Амма олоҕо»