Олоҥхо ыһыаҕа Муона Чараҥар буоулуоҕа - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Олоҥхо ыһыаҕа Муона Чараҥар буоулуоҕа

Олоҥхо ыһыаҕа Муона Чараҥар буоулуоҕа

Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын бырагыраамата бигэргэннэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһин Муона чараҥа диэн сиргэ И.А. Швердин аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар ыытыллыаҕа.

Олоҥхо аһыллыытын сиэригэр-туомугар 1200-тэн тахса киһи кыттыаҕа. Ол курдук, Олоҥхо тыйаатырын, Судаарыстыбаннай цииркэ, С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан үҥкүү Национальнай тыйаатырын, АГИКИ,  култуура кэллиэһин айар кэлэктииптэрэ — сүрүн кытааччылар. Амма улууһуттан  900 киһи кыттыаҕа.

Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын сиэрэ-туома бэс ыйын 20 күнүгэр 11 чаастан, сабыллыыта бэс ыйын 21 күнүгэр 18 чаастан буолуоҕа.
Ыһыах бырагыраамата олус дириҥ ис хоһоонноох. Ол курдук, араас куонкурустары таһынан, 6 испэктээҕи көрдөрүөхтэрэ. «Олоҥхону ааҕабыт» 3-с өрөспүүбүлүкэтээҕи марафоҥҥа Тимофей Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун ааҕыыга улуустартан кэлбит 100 киһи кыттыаҕа.  «Сэһэн түһүлгэтэ» диэн дискуссия былаһаакката үлэлиэҕэ. » Тыыннаах дорҕоон» диэн   этнобэстибээл буолуоҕа.
Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматыттан салгыы сиһилии билиһиннэрэн иһиэхпит.

Поделитесь этой страницей