Олоҥхо ыһыаҕар 10 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах Олонхо / Олоҥхо ыһыаҕар 10 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр

Олоҥхо ыһыаҕар 10 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Аммаҕа бэс ыйын 20-21 күннэрин эргин ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии боппуруоһунан сүбэ мунньаҕы ыытта.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар Олоҥхо ыһыаҕа 2006 сылтан ыытыллар. Ону тэрийэн ыытарга анаан анал эбийиэктэр тутуллаллар, култуура тэрилтэлэрин материальнай-тэхиньиичэскэй баазалара бөҕөргүүр, суол-иис өрөмүөннэнэр, уопсастыбаннай эйгэ тупсарыллар.

Ил Дархан Айсен Николаев мунньах саҕаланыытыгар ыһыаҕы тэрийэргэ булгуччу бары быраабыла уонна санитарнай нуорма тутуһуллуохтааҕын ыйда. Маны таһынан, тырааныспар боппуруоһугар уонна «Амма» айан суолугар куттал суох буолуутун хааччыйыыга болҕомтотун уурда.

Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, Олоҥхо ыһыаҕар уонтан тахса тыһыынча ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр. Кинилэргэ табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх, тэрээһин логистиката үчүгэйдик толкуйдаммыт буолуохтаах, — диэн соругу туруорда Ил Дархан.

Туспа сорудахтар далааһыннаах бырааһынньык кэмигэр уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин уонна өрүһү туоруурга паром сырыытын тэрийиигэ бэрилиннилэр. Сүбэ мунньахха үп-харчы уонна тэрийии боппуруостара кэмигэр быһаарыллыбыттара этилиннэ.

Аммаҕа быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа биир саамай кэрэ, үчүгэй тэрээһининэн буолуохтаах. Аммаларга уонна уопсайынан Саха сирин бары дьонугар-сэргэтигэр өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр иҥиэхтээх, — диир Айсен Николаев.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

Быйыл сайын Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын ыытарга 19 эбийиэк тутуллара былааннаммыт. Олор ортолоругар «Аал Луук мас» уонна сиэри-туому толорорго тутуулар, ыалдьыттары көрсөр миэстэлэр, үгэс буолбут күөн күрэстэр ыытыллар сирдэрэ, о.д.а. баар буолуохтаахтар. Маны сэргэ, Аар баҕах — ытык сэргэ, Аал уот олоҕо (холумтан), Күнү көрсөр түhүлгэ, уо.д.а. былааннаналлар. Олоҥхо түһүлгэтигэр (олоҥхоһуттар түһүлгэлэригэр) Туос ураhа – олоҥхоһуттар ураһалара, Мас ураhа (бабаарына), Оҕо олонхоhут балаҕана, оһуокай түһүлгэтэ, Уус түhүлгэтэ дьону-сэргэни түмүөхтэрэ. Оттон ыалдьыттар тырыбыналара, Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытын уонна түмүгүн көрдөрөргө анаммыт былаһаакка, Тойон Аан, Моҕол ураhа болоҕомтону тардаллара саарбахтаммат. Эрдэ былааннаммыт эбийиэктэртэн ураты Хомус түhүлгэтэ, култуура уонна успуорт тэрээһиннэрин ыытарга былаһааккалар баар буолуохтара.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаларга Андрей Сорокин түһэриилэрэ, СИА

Поделитесь этой страницей