2025 сылга Олоҥхо ыһыаҕын Нерюнгрига ыытыыга бэлэмнэнии саҕаланна
Нерюнгри оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччы Матвей Громак этэринэн, муниципальнай тэриллии кэмитиэтэ тэриллэн, түһүлгэ уонна атын даҕаны эбийиэктэр былаһааккаларын схемата быһаарыллыбыт. Нерюнгри оройуонун дэлэгээссийэтэ Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын научнай-методическай кэмпириэнсийэтигэр кыттыбыт.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев экспедиционнай култуурунай-сырдатар, методическай дьаһаллар саҕаламмыттарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, номнуо Олоҥхо тыйаатыра, Опера уонна балет тыйаатыра Нерюнгри оройуонугар бара сылдьыбыттар. Салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин, «Симэх» национальнай киин, Геокултуурунай сайдыы институтун бэрэстэбиитэллэрэ бара сылдьаллара былааннанар.
Дьүүллэһии кэнниттэн тэрийэр кэмитиэт чилиэннэрэ 2025 сылга Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмнээһинин уонна ыытыытын ороскуотун симиэтэтин судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уонна бүддьүөт таһынан үбү киллэрэн туран, дьаһаллар былааннарын бигэргэттилэр.
Сайаана Львова, «Саха Сирэ»https://sakha-sire.ru/olonho-yhyagyn-yytyyga-belemnenii-sagalanna/