Олоҥхо-баттл-2026 саҕаланна
СӨ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн сыллата «Саха» НКИХ ыытар «Олоҥхо-баттл» күрэх саҕаланна.

Быйыл Мэҥэ Хаҥаластан Марфа Аммосова, Бүлүүттэн Сайыына Шамаева, Намтан Назар Филиппов, Уус Алдантан Кондратий Герасимов, Горнайтан Айтал Винокуров, Тааттаттан Афанасий Собакин, Хаҥаластан Эрик Егоров, Амматтан Зинаида Бураева, Дьокуускайтан Егор Никифоров кытталлар.
Ыытааччыларынан бу күрэх кыайыылааҕа Станислав Иванов уонна Үҥкүү тыйаатырын артыыһа Василена Шадрина үлэлии сылдьаллар.
Кыттааччыларга ситиһиини!
Поделитесь этой страницей