События / Бэлиэ түгэннэр
Сахабыт сиригэр сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэниэ. Бу күҥҥэ анаан улууска декада биллэриллэн, араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Биир дойдулаахпыт, Эмистэн төрүттээх ыччат, олоҥхону тарҕатааччы, толорооччу, филологическай билим кандидата Юрий Борисов Арассыыйа наукаларын академията төрүттэммитэ 300 сылыгар анаммыт норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ баран кыттыыны ылан кэллэ. “Москва куоракка «Вклад академической фольклористики в развитие отечественной гуманитарной науки» […]
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҕаламмыт Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, «Сарыал» култуурунай киин «Алгыс» балаҕаныгар олоҥхо кэһиилээх, арыылаах алаадьылаах дьоро күн буолан ааста. Сахалыы сайаҕас кэпсээннээх, өбүгэ оонньуулаах саха балаҕаныгар Ытык Күөл олохтоохторо, оҕолор хото муһуннулар. «Удьурҕай Таатта» этно-бөлөх М.Н. Андросова-Ионова алыптаах олоҥхотун мустубут дьоҥҥо толордо. Оҕолор толорооччу хас биирдии омуннаах-төлөннөөх тойугун болҕойон олорон иһиттилэр, олоҥхо умсулҕаннаах остуоруйатын сэргии, […]
22 ноября в Центре народного творчества “Дом Арчы” города Покровска состоится открытие персональной выставки талантливого мастера Демьяна Колодезникова, посвящённой героическому эпосу Олоҥхо, сообщили в центре «Симэх». Выставка “Удьурҕай ойуута олоҥхо тойугар” станет ярким событием в рамках Декады Олоҥхо, проводимой в Хангаласском улусе Республики Саха (Якутия). Работы народного мастера Хангаласского улуса, победителя республиканских и улусных конкурсов […]
17 ноября Театр Олонхо показал на сцене Московского Губернского театра (худ.рук. Сергей Безруков) спектакль по мотивам олонхо А.Т. Титарова «Хардааччы Бэргэн» в рамках VIII Фестиваля «Биеннале театрального искусства. Уроки режиссуры». Режиссер-постановщик спектакля Андрей Саввич Борисов. Фестиваль проходил при поддержке Президентского фонда культурных инициатив. Перед их отъездом в Москву, лично встретился с актерским составом и пожелал […]
Таатта Уолбатын олохтоохторо Виктория Всеволодовна уонна Иннокентий Трофимович Боппосовтар тиэргэннэригэр туттубут балаҕаннарыгар “ОЛОҤХО АЛЫПТААХ ЭЙГЭТЭ” диэн дьоро киэһэ буолан ааста. Олоҥхону куолаан толорор “Удьурҕай” бөлөҕү тэрийбит, омук сирдэринэн фестивалларга, куонкурустарга кыттыбыт, 2014 с. Хаҥаласка ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон Кыыс Ньургун тойугунан өрөспүүбүлүкэҕэ Гран При буолбут, “Күлкүл бөҕө оҕонньор икки Силлирикээн эмээхсин икки” […]
Мииринэй куорат кыыһа Черданцева чааһы супту нууччалыы олоҥхолуур. Ол түгэнтэн видеону көрүҥ.
Таатта Харбалааҕар И.В. Николаев аатынан сынньалаҥ киинигэр Олоҥхо ыйын арыйар тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу дьоро киэһэни Оҕо ускуустубатын оскуолата сүрүннээн тэрийдэ. Онно үөрэхтээһин холбоһуга уонна нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттыста. Тэрээһин кыттыылаахтара оҕолуун-улаханныын бары сахалыы сайбаччы таҥнан кэлбиттэрэ, киирээти кытта, алаадьы буһан сырылыы турара, арыылаах саламаатынан, сылаас алаадьынан айах туппуттара ураты эйгэни үөскэттэ. “Дабайыы” алгысчыттар […]
Олоҥхо күнэ буолара чугаһаата. Онон тэрээһиннэр номнуо саҕаланнылар. Олоҥхо дэкээдэтин уопсай бырагырааматын бу https://olonkho.nlrs.ru/archives/7168 сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп. Оттон улуустарынан туох хаһан буолара манна “2024 сыл” диэҥҥэ баар https://olonkhotheater.ru/projects/olonkho-decade/ Быйылгы Олоҥхо дэкээдэтэ бу күһүн биһиги кэккэбититтэн туораабыт ытыктабыллаах Агафья Еремеевна Захарова сырдык кэриэһигэр ананар. Кини олоҥхобут аан дойду таһымыгар тахсарыгар, ЮНЕСКО олоҥхону киһи […]
Быйыл Олоҥхо күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар араас куонкурустар, бэстибээллэр, быыстапкалар, испэктээктэр, научнай-быраактыычаскай кэмпириэнсийэлэр, квестар, көрсүһүүлэр, айар биэчэрдэр, кинигэлэр биһирэмнэрэ, олоҥхону толоруу тэрээһиннэрэ былааннаналлар. Хаартыска: SakhaGov Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сэтинньигэ «Ыалга олоҥхолооһун», «Олоҥхоһут – оскуолаҕа», «Олоҥхо дойдутунан олоҥхолоох айан», «Тэрилтэнэн олоҥхону истии», «Истээччини иитии» бырайыактар үлэлиэхтэрэ. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра үөрэх тэрилтэлэригэр «Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор» олоҥхо […]
Датами проведения Ысыаха Олонхо определены 4 и 5 июля 2025 года. Главным режиссером церемоний открытия и закрытия, в том числе обрядовой части, национального праздника утвержден Руслан Тараховский. Организационные вопросы подготовки к проведению масштабного мероприятия рассмотрели на заседании организационного комитета под руководством заместителя председателя правительства Сергея Местникова. Напомним, в целях сохранения и распространения культурного достояния республики, […]
Сэтинньи 21 күнүгэр Аммаҕа ыытыллыбыт ХVII Олоҥхо ыһыаҕын ыччат ортотугар олоҥхону толорууга Кылаан кыайыылааҕа, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Анастасия Алексеева “Кыыһар кыһыл аттаах Кыыс Урсун удаҕан” олоҥхотун толоруутун истэргитигэр ыҥырабыт. Эһигини сахалыы мааны астаах сандалы күүтэр. Киириитэ: 1000 солк. Буолар сирэ: Е. Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл балаҕана Болдьоҕо: 18:30 Билсэр т. 34-03-19
Ийэ олоҥхоһут, алгысчыт, тойуксут, оһуокайдьыт, үлэ бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Прокопий Прокопьевич Максимов төрөөбүтэ 85 сылынан аналлаах олоҥхону бөлөҕүнэн толорууга «Олоҥхо быстыбат ситимэ» диэн күрэс Бүлүү куоратын В.О. Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр сэтинньи 12 күнүгэр буолан ааста. Оҕолорго I миэстэ — «Дьүрүскэн» фольклорнай бөлөх, Халбаакы орто оскуолата сал. С.Н. Петрова, «Сайдам Дуолан бухатыыр» , […]
Олоҥхо театрын тыас-уус оператора Айсен Кысылбаиков сыл устата Никандр Прокопьевичка биир да күнү көтүппэккэ дьарыктанан, олоҥхоһут П.Ф. Игнатьев «Кулан Кыыртай бухатыыр» олоҥхотун толорон, олоҥхону толорооччу быһыытынан сүрэхтэммит бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!
Бүлүү улууһугар сэтинньи ый 11 күнүгэр Олоҥхо декадата үөрүүлээхтик арылынна. Алгыс сиэрин туомун толордо алгысчыт Саввинова Нюргуяна Капитоновна. Кэлбит дьон алгыстаах алаадьыны амсайан сүрдэрин бөҕөргөтүнэн, алгыс ыллылар. В.О.Каратаев аатынан Бүлүүтээҕи олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар народнай коллективын салайааччыта Иванова С.Т. бэлэмнээн таһаарбыт “Бүлүү олоҥхото — быстыбат ситим” кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Бу кинигэҕэ киирбит 14 олоҥхоһуттар олоҥхолорун оллоонноон […]
Быйыл сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар Олоҥхо дэкээдэтэ олоҥхону аан дойду таһымыгар таһаарсыбыт, ЮНЕСКО-ҕа тиийэ туруорсубут, үөрэх кыһаларыгар олоҥхону тиһиктээхтик үөрэтиини тэрийсибит, үйэтитиигэ араас бырайыактары көҕүлээбит, 200-тэн тахса научнай үлэлээх, научнай-методическай үлэҕэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ туһуламмыт Олоҥхо киинин салайбыт улахан учуонай, Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, РФ педагогическай […]
Сэтинньи 25 күнүгэр 17.00 ч. улуу Олоҥхобут декадатын үөрүүлээх аүыллыытыгар ыҥырабыт. Бу күн олоҥхону уһун үйэлээн тылбытын, төрүт үгэстэрбитин сүтэрбэккэ тутан хаалларыыга, үлэлии сылдьар туруу дьоммутугар, оҕолорбутугар анаммыт Анал бириэмийэлэри туттарыы, Олоҥхо тыйаатырын уонна П.И. Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолатын холбоһуктаах бырайыагынан Н.К. Шамаев-Чопчухаан айымньытынан оҕолорго аналлаах «Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхо-испэктээги көрдөрүү буолар. Олоҥхобут алгыстаах түөлбэтигэр […]
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн саҕаланна. Иитээччилэр, «Кулунчук» улахан бөлөх […]
На прошлой неделе в Нерюнгринском районе прошло выездное совещание по организации и проведению в 2025 году Ысыаха Олонхо. На протяжении четырёх дней в поселениях работала выездная комиссия из Якутска, в которую вошли директор научно-исследовательского института Олонхо СВФУ Руслана Анисимова, президент ЯРОО СНЭ «Ассоциация Олонхо» Февронья Шишигина, представитель АУ РС(Я) «Театр Олонхо» Майя Амбросьева. Подготовительные работы […]
Норуоттар сомоҕолоьууларын күнүгэр Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн, «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» диэн күрэхтэһии тэрилиннэ. 2026 сылга Кэбээйи улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа буолуохтаах, онно бэлэмнэнии үлэлэр, мунньахтар хайыы-үйэ ыытыллан эрэллэр. Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ. “Бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр 21 уолан уол көхтөөх кыттыыны ылан, астынныбыт, сүргэбит көтөҕүлүннэ, — диэн кэпсиир А.В. Аргунов аатынан Норуот айымньытын, култууратын дьиэтин […]
ОЛОҤХО — өйү түмүү,Санааны уһугуннарыы,Көмүскэллээх буолуу! Алтынньы ый бүтэһик күннэригэр Чөркөөх бөһүөлэгэр «Көһөҥө көмүстэрэ» оҕо лааҕыра үлэлээн ааста. Барыта 15 үөрэнээччи үс улуустан — Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан — олоҥхо толоруутугар үөрэнэн, чочуллан уонна бэйэлэрин сатабылларын, талааннарын үллэстэн тарҕастылар. Ону таһынан бэйэ-бэйэҕэ сыһыаны, доҕордоһуу, сомоҕолоһуу диэннэргэ, эттэринэн-сииннэринэн, ис санааларынан билэн-көрөн, үөрэн-көтөн, инникигэ соруктаах-ыра санаалаах, төрөөбүт […]