Олоҥхоһут Кумаарап туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхоһут Кумаарап туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт

Олоҥхоһут Кумаарап туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт

Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн сэтинньи 17 күнүгэр 15.00 чаастан Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар «Өлүөхүмэ сирин улуу олоҥхоһута М.Т. Шараборин-Кумаарап» («Великий олонхосут Олекминской земли М.Т. Шараборин-Кумаарап») кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт.

i (59).webp

Тэрээһин Михаил Шараборин-Кумаарап төрөөбүтэ 160 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура, Өлүөхүмэ улууһугар Норуот айымньытын сылларыгар ананар. 

Михаил Терентьевич Шараборин — Кумаарап (1866— 1944) — олоҥхоһут, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Өлүөхүмэ улууһугар төрөөбүтэ. Кини тылыттан «Улуу Даарын Бухатыыр» олоҥхо суруллубута. Михаил Шараборин «Балтааса» сатирическай чабырҕаҕа киэҥник биллибитэ. «Өрөгөйбүт үрдээтин» («За наше торжество») диэн сэбиэскэй патриоттары уруйдуур кинигэтэ 1943 сыллаахха бэчээттэммитэ. 

 

Поделитесь этой страницей