Эконовтар Олоҥхо балаҕаннарыгар - Сайт Олонхо
Главная / События / Эконовтар Олоҥхо балаҕаннарыгар

Эконовтар Олоҥхо балаҕаннарыгар

Сунтаар олохтоохторо Наталья, Эдуард Эконовтар саҥа балаҕан туттан «Олоҥхо балаҕана» диэн сүрэхтээн, дьоро күннэри тэрийэллэр.

Сэтинньигэ, Олоҥхо уонна Хомус ыйыгар, «Партизан» НАТК көҕүлээһининэн, Сардаана Контогорова бырайыагынан иккис төгүлүн уоскулаҥ киэһэтэ тэриллиннэ. Ааспыкка Александра Яковлева олоҥхону толорорун истибит буоллахпытына, бу сырыыга олоҥхо хонуутугар саҥа үктэнэн эрэр ырыаһытынан, тойуксутунан биллэр Зоя Иванова олоҥхолуурун иһийэн олорон иһиттибит.

Зоя Михайловна Петр Игнатьев «Кулан кыыртай бухатыыр» олоҥхотун чаастан ордук толорон бухатыыры кытта бииргэ араас сирдэринэн айаннаатыбыт. Дьүөгэтэ Галина Новикова тэрээһин саҕаланыыта аал уоту оттон, алгыс тылынан амалыйан, истиҥ түгэни төрүттээтэ, олоҥхону ситэрэн, Айсен Федоров саха ырыатын кынаттаан долгутта, ол кэннэ Роберт Софронов олоҥхо туһунан киэҥ анаарыытын, бэл, олоҥхо аайы имэҥнээх түгэн ойууланарын иһитиннэрэн күлэн, сэргээн бөҕө көрдүбүт.

Зоя кыра сиэнчээнэ эбэтэ олоҥхолуурун истэн, олорорун көрөн, киһи кэрэхсиир, олоҥхо кэннэ эбэтэ олоҥхолуу олорорун уруһуйдаабыт хартыынатын бэлэхтээн манньытта.

Бу уоскулаҥ киэһэ Софья, Артем Чемпосовтар, Зоя дьүөгэлэрэ, Көлүкэчээннэр, кийиитэ, сиэнчээнэ, кулууптар, мин уонна Роберт ыалдьыттаан, саҥа буспут алаадьыны күөрчэххэ булкуйан мотуйа-мотуйа, үүттээх чэй иһэ-иһэ, сэһэн-сэппэн, уоскулаҥ киэһэтигэр астына ыалдьыттаатыбыт.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Поделитесь этой страницей