Аҕыс чаас олоҥхолуур түһүмэх — Чурапчыга
Сэтинньи 18 күнүгэр Чурапчытааҕы норуот аймыньытын «Айылгы» дьиэтигэр СӨ Ил Дарханын бирииһигэр олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи І күөн күрэс түмүктүүр үһүс түһүмэҕэ буолан ааста.

“Айылгы” дьиэтин далбар хотуттара түһүлгэни арчылаан ыраастыылларыттан, Виктор Игнатьев аал уоту айах тутан, алгыс түһэриититтэн саҕаланна.

Салгыы Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, Олоҥхо ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина эҕэрдэлээтилэр, кыттааччыларга ситиһиини баҕардылар.

- Бүгүн Чурапчы туонатыгар Саха сирин историятыгар киирэр тэрээһин буолар. «Ханнык улуустары аҕыс чаастаах олоҥхону истиинэн маанылыыбытый?» диэн толкуйдаан, сүүмэрдээн баран, түөрт улууһу таллыбыт: Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Горнай, Чурапчы. Онон улахан чиэскэ тиксэн олороргутунан эҕэрдэлиибин. Чурапчыны былыр-былыргыттан олоҥхо уутуйан туран олохсуйбут сирэ уонна күн бүгүн олоҥхону тарҕатар, киэн туттар дьоммут Сусанна Лазарева, Николай Григорьев, Анатолий Христофоров, Николай Дьячковскай баар буолан таллыбыт.

Күрэхпит туһунан кылгастык сырдаттахха, 20 сыл устата олоҥхону сөргүтүүгэ, киэҥ араҥаҕа таһаарарга үгүс үлэни-хамнаһы ыыттыбыт. Бу үлэ түмүгэр өр кэм устата уһуннук олоҥхолуур дьон баарын-суоҕун билээри, бу күрэҕи тэрийдибит. Бастакы түһүмэххэ кыттааччыларбыт биир чаас устата олоҥхону толоруохтаах этилэр. Манна 75 киһини испииһэктээн ыҥырбыппытыттан 36 киһи сөбүлэһэн кэлбитэ. Кинилэртэн 21 киһи биир чаас олоҥхолообуттара. Иккис түһүмэххэ түөрт чаас устата олоҥхону толоруохтаахтара. Бу түһүмэҕи 21 киһиттэн 9-һа ааспыта. Онон үһүс түһүмэххэ, 8 чаас усталаах олоҥхону толорууга, 9 киһи холонон көрөр, — диэн Февронья Шишигина куонкуруһу сырдатта.

Түмүктүүр түһүмэх кыттааччылара:
Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, “Күн сандаар” этнофольклор ансаамбылын салайааччыта, Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх Василина Баланова.

Олоҥхо, оһуохай, чабырҕах, тойук өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин кыайыылааҕа, саха тылын уонна култууратын көхтөөх тарҕатааччы, Муома улууһуттан төрүттээх Айталина Николаева.

Василина биир дойдулааҕа М.Т. Шараборин-Кумаарап «Турбутунан төрөөбүт Дуо бухатыыр», Айталина Д.М. Слепцов “Көтөр Мүлгүн” олоҥхолорун толордулар.

Үһүс түһүмэх ирдэбилинэн кыттааччылар 8 чаас устата олоҥхолуохтаах этилэр. Айталина Николаева 7 чаастан ордук, Василина Баланова 8 чаастан ордук олоҥхолоотулар.
Людмила Горохова.