Олоҥхоһут Кумаарап туһунан саҥа кинигэ таҕыста
Кумаарап туһунан истибиккит дуо? Бука, эдэр уонна олоҥхоттон ыраах дьон истибэтэх ааттара. Бу күннэргэ, 1900 сс. саҥаларыгар Өлүөхүмэ улууһугар олорон ааспыт биллиилээх олоҥхоһут Михаил Терентьевич Шараборин-Кумаарап туһунан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Ларионова хомуйан оҥорбут “Великий олонхосут Олекминской земли М.Т. Шараборин — Кумаарап” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Хаартыска: Людмила Попова.
Кумаарап туһунан истибиккит дуо? Бука, эдэр уонна олоҥхоттон ыраах дьон истибэтэх ааттара. Бу күннэргэ, 1900 сс. саҥаларыгар Өлүөхүмэ улууһугар олорон ааспыт биллиилээх олоҥхоһут Михаил Терентьевич Шараборин-Кумаарап туһунан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Ларионова хомуйан оҥорбут “Великий олонхосут Олекминской земли М.Т. Шараборин — Кумаарап” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэни хомуйан оҥорбут ааптар Мария Ларионова кинигэ улуу олоҥхоһут Кумаарап төрөөбүтэ 160, Саха сиригэр Култуура, Өлүөхүмэ улууһугар Норуот үгэһин сылларыгар ананарын эттэ. “Кини туһунан информация букатын аҕыйах. Бу кинигэни оҥороору элбэхтик архыыбы хаһыстым, онтон тугу булбуппун киллэрдим. Сүбэһиттэрим – В.В. Илларионов, Р.Н. Анисимов, У.М. Флегонтова миэхэ улаханнык көмөлөстүлэр. Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын иитинэн Кумаарап туһунан эмиэ кылгас-кылгас матырыйааллары хомуйан кинигэлэри таһаарбыппыт. Онно үксүн айар үлэтэ, олоҥхолоро киирбиттэрэ. Кумаарап биэс улахан хараллан хаалбыт олоҥхолоох, онтон да элбэх айымньылааҕа буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Кини олоҥхолорун харайан хаалларбыт дьону чулуу дьонунан ааҕабын. Кинилэр истэн олорон бэлиэтээн сурукка тиспэтэхтэрэ эбитэ буоллар, бүгүн М.Т. Шараборин-Кумаарап айымньыларын билиэ суох эбиппит. Аймахтара Н.П. Фокина, Л.И. Алексеева тугу билбиттэрин-көрбүттэрин үллэстэн, барыта биир кинигэҕэ түмүллэн таҕыста. Кумаарап курдук улуу олоҥхоһут олорон ааспытын өлүөхүмэлэр бэйэлэрэ даҕаны билбэттэр.
Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтата миэхэ сүктэрбит илдьитин толоробун – бу кинигэни оҥорон таһаарбыт, көмөлөспүт дьоҥҥо улаханнык махтаналлар. Антодина Анатольевна уонна Семен Викторович Николашкиннар кинигэни таһаарбыттарын таһынан, өссө аҥаарын бэйэлэрэ үбүлээтилэр” – диэн бэлиэтээтэ уонна кинигэ күн сирин көрөрүгэр өйөбүл, көмө-тирэх буолбут, сүбэлээбит-амалаабыт дьоҥҥо махтал суруктары туттарда.
Кумаарап туһунан оннооҕор өлүөхүмэлэр билбэттэр дииллэрэ оруннаах. Дьэ, бу олорон ааспыт аатырбыт олоҥхоһут, култуура эйгэтин аатын даҕаны урут олорон ааспыт дьонун үйэтитэр туһугар Мария Ларионова үгүс сыратын-сылбатын уурарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кинигэ биһирэмигэр кэлбит аҕыйах эрээри, ыйааһыннаах, ыллыктаах тылы эппит дьон итини эмиэ бэлиэтээтилэр.

“Олоҥхо ыһыахтара көннөрү көр-нар курдук буолбакка, сахалар, атын даҕаны омуктар ийэ тылбытын, глобализация кэмигэр хайдах харыстаан тыыннаах хааллара биир ньымабытынан буолар. Улуустарга ыытарбытыгар өйдөөбөт, утарылаһар даҕаны дьон баар буолааччылар. Мария Дмитриевна курдук улуустарын, дьоннорун-сэргэлэрин туһугар “ыалдьар” дьон көмөтүнэн биһиги ыһыахтарбыт олус үчүгэйдик тэриллэллэр. 2018 сыллаахха Мария Дмитриевна туруорсуутунан Өлүөхүмэ улууһун нэһилиэктэринэн эспэдииссийэ тэрийэн, олус элбэх кырдьаҕаһы кытта көрсөн кэпсэтэн, элбэх матырыйаал хомуллубута.
Саха балаҕаныттан көһөн тахсыбытын кэнниттэн, 1950-1960-с сыллартан дьиҥнээх классическай олоҥхолооһун сүтэн барбыта. Биһиги сорукпут – классическай олоҥхону өбүгэлэрбит ыллыыр куоластарынан толороллорун, аныгы олоҥхоһуттар импровизациялыыр таһымнара сайдан иһэрин ситиһиэхтээхпит”, — диэн тыл билимин хандьыдаата, Олоҥхо билим-чинчийэр институтун дириэктэрэ Руслан Анисимов эттэ.
М.К Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэпиэссэрэ Василий Илларионов: “Мин Өлүөхүмэҕэ олоҥхо күүскэ сайда сылдьыбыт түөлбэтин курдук өйдүүбүн. Ол сайдыытын сүрүн төрүөтүнэн Аанньаах Бодойбоҕо кэлэр-барар суол аартыга буолан, киин, Бүлүү бөлөх, атын даҕаны улуустар ааттаах олоҥхоһуттара сылдьан ааспыттар уонна Өлүөхүмэҕэ олоҥхолооһуну улаханнык сайыннарбыттар, сэргээбиттэр дии саныыбын. Иккис гильдиялаах атыыһыккыт Идельгин ону олус сөбүлүүр, олоҥхоһуттары ыҥыран олоҥхолотор, сорохторун хамнаска үлэлэтэр эбит. Онон Өлүөхүмэҕэ олоҥхолооһун ураты эйгэтэ үөскүү сылдьыбытын туһунан, биһиги Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэн ыытыллыытынан сибээстээн этэр, суруйар буоллубут. Кырдьык, үөрэтэн-чинчийэн көрдөххө, Шараборин-Кумаарап, Ырыа Бабанча даҕаны Өлүөхмүэҕэ кэлбит дьону кытта куоталаһан олоҥхолууллар эбит. Инньэ гынан, Өлүөхүмэҕэ олоҥхо тиэмэтигэр хас даҕаны кинигэни таһаардыбыт. Шараборин-Кумаарап 1940-с сылларга Саха сиригэр киэҥник биллибит талааннаах олоҥхоһут буолар” – диэн эттэ. Өссө Былатыан Ойуунускай баарын саҕана олоҥхоһуттары кытта үлэ күүскэ ыытыллыбытын, улуустарга баар олоҥхоһуттары учуокка ылан, 1939 сыллаахха Саха сирин суруйааччыларын маҥнайгы сийиэһигэр уон бастыҥ олоҥхоһуту ССРС Суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн ылбыттарын, бу олоҥхоһуттары улаханнык өйөөһүн буоларын ыйда. “М.Т.Шараборин-Кумаарап Сойууска киирбит уон олоҥхоһуттан бэйэтин олоҥхолорун сурукка-бичиккэ түһэттэрбитэ. Олоҥхолоро бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспаттар, хатыламматтар. Тыл ууһун маастара диэн Шараборин-Кумаарап буолар” – диэн сыаналаата.
Олоҥхо тыйаатырын Олоҥхо киинин билим-мэтиэдикэ үлэтигэр уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ сүрүннүүр исписэлииһэ Ульяна Флегонтова: “Ханнык баҕарар улууска омуктар култуураларын харыстыыр, хамсатар, бэриниилээх энтузиаст дьон баар буоллахтарына үлэ тахсыылаах. Өлүөхүмэ улууһугар оннук киһинэн Мария Дмитриевна буолар. Биирдэ Кумаарап “Топпот Дубаарыйа Бааһынай” туһунан наһаа үчүгэй остуоруйалааҕын, Өлүөхүмэҕэ араас омук олорорун, кинилэр бары билэллэрэ наадатын иһин нууччалыы тылбаастыырга санаммытын туһунан эппитэ. Аны Өлүөхүмэ оскуолаларыгар “Олоҥхо уонна билиҥҥи оҕо” диэн мониторины ыыттарбыта. Ол түмүгэр олоҕуран, үөрэх управлениетын кытта кэпсэтэн, олоҥхо дэкээдэтигэр олус элбэх оҕо кыттыбыта. Ити курдук туһалаах диэбит толкуйун тута олоххо киллэрэн иһэр. Билигин Олоҥхо дэкээдэтин иитинэн Өлүөхүмэ оскуолаларыгар олоҥхону нууччалыы ааҕыыны тэрийэ сылдьаллар эбит. Мария Ларионова уонна Өлүөхүмэ олоҥхото быстыспат өйдөбүллээхтэр” – диэн тоһоҕолоон эттэ.
Онтон кинигэни бэчээттээн таһаарбыт, үбүлэспит “Сфера” кинигэ кыһатын салайааччылара Антодина уонна Семен Николашкиннар: “Урут биһиги Мария Дмитриевнаны поэтесса, мелодист быһыытынан билэрбит. Кэлин олоҥхо туһунан иккис кинигэтин оҥордубут. Олоҥхо саха киһитин былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит тылынан баайа, саха култууратын, олоҕун көрүүтэ буолар. Бу кинигэни кэлин олоҥхону үөрэтээччилэр, ыччаттар туһаныахтара дии саныыбыт” – диэн бэлиэтээтилэр.

Кумаарап биир дойдулааҕа, кийииттэрэ Наталья Фокина М.Т.Шараборин-Кумаарап аата үйэтитиллэн, кэнчээри ыччакка хааларыттан үөрэллэрин эттэ, кылгастык Кумаарап хантан хааннааҕын, ханан олорбутун билиһиннэрдэ. Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээхтэр, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Василина Баланова тыйаатыр уонна тус бэйэтин аатыттан, “Түмсүү” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Лидия Алексеева, Кыыллаах Арыытыттан төрүттээхтэр “Сомоҕо” түмсүүтүн салайааччыта Надежда Корнилова олоҥхону үрдүктүк тутар киһилэригэр махтаналларын эттилэр. Мария Дмитриевна сыралаах үлэтин, чинчийэр талаанын көмөтүнэн уһулуччулаах норуот ырыаһыта, импровизатор-олоҥхоһут М.Т. Шараборин-Кумаарап нэһилиэстибэтин кытта билсэр кыахтанныбыт дэһэллэр. “Интэриэһинэй, устуоруйаны сырдатар, аныгы кэмҥэ олус туһалаах, баай ис хоһоонноох кинигэ тахсыбыт” – диэн үрдүктүк сыаналаатылар. Тэрээһини СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Гоголева иилээн-саҕалаан ыытта, өрөспүүбүлүкэҕэ букатын биллибэккэ сылдьар олоҥхоһут Е.Я. Торговкин-Ырыа Бабанча сыдьаана Василина Баланова М.Т.Шараборин-Кумаарап “Дуо Бухатыыр” диэн аҕыс чаастаах олоҥхотуттан быһа тардан толордо, “Кыыллаах Арыы кыргыттара” ансаамбыл ырыанан киэргэттэ.
Аны буруолуу сылдьар кинигэ туһунан аҕыйах тылынан билиһиннэрэн аастахха маннык. Бастакытынан, олоҥхоһут М.Т. Шараборин-Кумаарап туһунан туспа, баар матырыйаал барыта кэриэтэ түмүллэн тахсыбыт аан бастакы кинигэ буолар. Иккиһинэн, М.Т. Шараборин-Кумаарап олоҥхолорун чинчийииттэн матырыйааллар, урут киэҥ араҥаҕа биллибэтэх чахчылар киирбиттэр. Үсүһүнэн, кинигэни хомуйан оҥорбут ааптар Мария Ларионова бэйэтэ да этэринэн, Шараборин-Кумаарап олоҥхотугар түөлбэ тыла элбэҕин, бу туһугар интэриэһинэйин, кинини лингвист да быһыытынан көрдүм диэн ыйар. Төрдүһүнэн, Михаил Шараборин-Кумаарап айымньыларыгар кэмэнтээрийдэри, анал ааттары, персонажтар ааттарын ыйынньыктарын, сир-дойду ааттарын киллэрбиттэрин кыраайы үөрэтээччилэр, топонимистар даҕаны биһирии ааҕыыһылар диэн сабаҕалыахха сөп. Бэсиһинэн, кинигэ научнай-популярнай буолан, олоҥхоһут туһунан билиэн-көрүөн, чинчийиэн баҕалаах оҕоҕо-ыччакка тоҕоостоох.
“Великий олонхосут Олекминской земли М.Т. Шараборин-Кумаарап” кинигэ баара-суоҕа 150 эрэ ахсаанынан тахсыбыт. Онон атыыга турара саарбах. Кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит уонна бу эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо бэлэх быһыытынан ууннулар. Ону таһынан, Өлүөхүмэ улууһун бибиэлэтиэкэлэригэр барытыгар тарҕатыахпыт диэн эрэннэрдилэр.
Людмила Попова, «Саха сирэ» хаһыат