Олоҥхобутун, бастар бараммат баайбытын, харыстыаҕыҥ - Сайт Олонхо
Главная / Журнал Сурунаал / Олоҥхобутун, бастар бараммат баайбытын, харыстыаҕыҥ

Олоҥхобутун, бастар бараммат баайбытын, харыстыаҕыҥ

Сэтинньи ый 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. 2005 сыллаахтан ЮНЕСКО олоҥхону Аан дойду чулуу айымньытынан билиниэҕиттэн ыла саха дьоно, дьэ, өйдөнөн, олоҥхобут диэки эргиллэн, бу күнү киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир буолбуппут.

Ол эрэн тус бэйэм олоҥхо диэн тугун олох оҕочоос сааспыттан син удумаҕалатар этим. Оччолорго биһиги дьиэ кэргэн, ийэбит ыанньыксыт буолан, ыраах пиэрмэҕэ балаҕаҥҥа хас да ыал буолан дьукаах олорбуппут. Төрөппүттэрбит үөрэҕэ суох дьон буолан, кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ кыраһыын лаампатын сырдыгар кинигэ аахтаран истэллэрэ. Мин бастаан улахан кыргыттар ааҕалларын истэр этим. Онтон төрдүс кылаастан саҕалаан бэйэм ааҕар буолбутум. Доргуччу, дорҕоонноохтук ааҕары ирдииллэрэ. Саха классик суруйааччыларын бөдөҥ айымньыларын (Николай Якутскай «Төлкөтүн», Амма Аччыгыйа «Сааскы кэмин», Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттарын», о.д.а.) аахпыппыт. Олор истэригэр Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун хаста да аахпыппын өйдүүбүн. Олоҥхону ааҕарбын сөбүлүүр этим. Тыла-өһө бэйэтэ бэйэтиттэн төрөөн тахсан иһэрэ, ууһа-урана мин оҕо куппун долгутара.

Артыыс, суруйааччы, олоҥхоһут Гаврил Гаврильевич Колесов ийэбитинэн биһиэхэ аймахпыт буолар.

Кини саҥаһа эмээхсин Харытыана биһигини кытта кыстыгынан, сайылыгынан ыаллыы олорор буолан, Хабырыыс Куолаһап биирдэ эмэ кэлэн хонон-өрөөн барар буолара. Онуоха оҕонньоттор: «Бачча кэлбиччэ, ырыаҕын-тойуккун иһитиннэр эрэ», – диэн үүйэ-хаайа туттахтарына, хаһан да аккаастаабат этэ. Хап-хара куударалаах баттаҕын өрө силэйэн кэбиһэрэ, атаҕын оллооннуу уурара уонна дьэ туойан куйуһутара. Билигин санаатахпына, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан толорор эбит! Онон Үрүҥ Үөт сайылыкка күһүҥҥү киэһэ олоҥхону Хабырыыс Куолаһап толоруутугар истибит дьоллоохпун.

Наахараҕа олоҥхо эмиэ өрө тутуллар кэмнэрдээх этэ. Ол курдук Тамара Романовна Афанасьева, Мелания Федоровна Анисимова кулуупка үлэлиир кэмнэригэр хаста да олоҥхону туруорбуттара. Тамара Романовна аан бастаан «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону» («Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон кылгатыллан оҥоһуллубут олоҥхо) туруорбута.


Маныаха нэһилиэкпит талааннаах дьоно бэркэ кыһаллан, турунан туран үлэлээбиттэрэ. Олоҥхо табыллыбыта, дьон-сэргэ кэрэхсээбитэ. Мелания Федоровна Наахара оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлии сылдьан фольклорнай куруһуогу салайан үлэлэппитэ, оҕолору олоҥхо эйгэтигэр чугаһаппыта. Кини улуу олоҥхоһут Н.А.Абрамов – Кынат олоҕун, айар үлэтин туһунан ахтыылары, араас докумуоннары хомуйан, оҕолорго билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр дакылаат суруйтарбыта, уолаттары олоҥхо тылын ааҕарга уһуйбута.

Билиҥҥи кэмҥэ киэҥник биллэр олоҥхоһут Петр Максимович Тихонов – Тэрчи аан бастакы олоҥхоҕо сүрэхтэниитэ Наахараҕа буолбута диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Бэйэтэ да инньэ диэн ахтан аһарааччы. Кинини аймаҕа Февралина Николаевна Луковцева, кэлин биллэр олоҥхоһут буолбутун кэннэ, биир сайын Наахараҕа ыҥыран олоҥхону дьиэҕэ истии дьоро киэһэтин тэрийбитэ. Онно сүүрбэччэ буолан мустаммыт П.М.Тихонов – Тэрчи толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Боотуру» истибиппит. Кини 2 чаас устата тохтоло суох туойбута. Ис-иһиттэн иэйэн-куойан, илбиһирэн туран! Онно өйдөөбүппүт – ОЛОҤХО диэн сүдү айымньы буоларын, ураты тардар күүстээҕин!

Билигин сыллата Олоҥхоҕо аналлаах дэкээдэ ыытыллар буолбута кэрэхсэбиллээх, эдэр дьону норуот тылынан уус-уран айымньытыгар сыһыарыыга улахан оруоллаах. Быйыл Саха АССР норуодунай артыыһа А.Е.Ефремов аатынан култуура дьиэтэ эмиэ кэккэ тэрээһиннэри былаанныыр. Олортон биирдэстэрэ – ахсынньы 3 күнүгэр Н.А.Абрамов – Кынат хаан сиэнэ Николай Абрамов уонна биир дойдулаахпыт Саргылаана Максимова (Петрова) (Г.Г.Колесов аатынан улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ) кыттыылаах «Кынаттаах олоҥхо» диэн тэрээһин буолуоҕа.

Саха дьоно, олоҥхобутун сүрэхпитинэн ылынан, куруук истэ сылдьыаҕыҥ, бастар бараммат баайбыт курдук харыстыаҕыҥ!

Елена Прокопьева, «Эркээйи» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.

Поделитесь этой страницей