Архивы Журнал - Сайт Олонхо
Главная / Журнал

Журнал

">
«Хардааччы Бэргэн» олоҥхо-испэктээккэ көрөөччү санаата

Москубаҕа «Биеннале театрального искусства. Уроки режиссуры» буола турар. Олоҥхо тыйаатыра Андрей Титаров «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотунан рок-испэктээги көрдөрдө. Ону көрбүт Ольга Сычева диэн нуучча кыыһа санаатын суруйбутун таһаарабыт. Атын киһи хараҕынан хайдах эбитин, олоҥхону хайдах ылыналларын ааҕыҥ. Сегодня предложила вниманию зрителей якутскую рок-оперу Олонхо-театра «Хардааччы Бэргэн» на основе эпоса Олонхо.Перед началом спектакля на сцену вышел режиссер […]

21.11.2024
">
Перевод олонхо на языки народов мира

Впервые якутский героический эпос – олонхо – в литературе упоминается с 1844 г., когда во время путешествия по Восточной Сибири (1842–1845 гг.) академик А.Ф. Миддендорф обратил внимание на пение неизвестного олонхосута-импровизатора, которое его очень заинтересовало. Тогда он записал начало олонхо «Эриэдэл Бэргэн» латинским алфавитом на языке оригинала, а затем основное содержание в сжатой форме изложил […]

14.11.2024
">
Олоҥхо — саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа

“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).  Олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Бухатыырдар охсуһууларын көрдөрөр героическай эпос. Саха олоҕу анаарыыта, историята, философията, өркөн өйө. Олоҥхо уратыта – бөдөҥ айымньы, 30 тыһыынчаттан тахса строкалаах буолар. Фольклор бары жанрдара түмүллүбүт. Биир киһи өйүттэн […]

11.11.2024
">
Ньургун Боотур пааматынньыгын биир сомоҕо буолан туруорсуоҕуҥ!
07.11.2024
">
Булгуруйбат бигэ санаа диэн киниэхэ баара

Агафья Еремеевна Захаровалыын дьылҕам оруобуна 40 сыл анараа өттүгэр көрүһүннэрбитэ. Кини — оскуоланы саҥа бүтэрбит, муммут-тэммит эдэркээн кыысчаан, уйаара-кэйээрэ биллибэт олох киэҥ суолун төрдүн буларбар, айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьар идэбин таба тайанан үөрэнэрбэр, тирэх буолбут дьонтон биирдэстэрэ этэ. «Этэ» диэн суруйарга дууһаҕа нааһа да ыарахан, курус… Дьиҥэ, бу суруйуум олунньуга учууталым 80 сааһын туолар үбүлүөйүгэр тахсыахтааҕа. […]

16.10.2024
">
«Дьэс солуур түгэҕин тиэрэ баттаабыт курдук…»

Сахалартан бастакынан Нуучча географическай уопсастыбатын кыра кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт уустук уонна ураты дьылҕалаах, дэгиттэр дьоҕурдаах саха чулуу дьахтара Мария Николаевна Петрова киэҥник биллибит араспаанньата Андросова-Ионова. Урукку Байаҕантай уонна Боотуруускай улуустарын кирбиилэригэр, Таатта үрэх хочотун Таастаах диэн түөлбэтигэр, билиҥҥинэн Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин Даккы учаастагын сиригэр төрөөбүт кыыс эрдэҕинээҕи аатынан Маайака, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибитинэн Бөҕө Маарыйа, […]

14.10.2024
">
Олоҥхо тыйаатырын сүрүн режиссера кэпсиир

Олоҥхо тыйаатырын сүрүн режиссера көрөөччүлэрдиин билсиһэ таарыйа, быйылгы былаанын сэһэргиирин көрүҥ

14.10.2024
">
ВОПРОСЫ ЖАНРОВОЙ НОМИНАЦИИ ЯКУТСКОГО ГЕРОИЧЕСКОГО ЭПОСА И АВТОРСКИХ ПРОИЗВЕДЕНИЙ В СТИЛЕ ОЛОНХО

С возникновением фольклористики как науки вопросы жанровой номинации стояли остро. В начальном ее этапе ученые, собиратели допускали разного рода «вольности», и это было нормальным явлением, учитывая уровень этой дисциплины. В последующем фольклористы стали больше обращать на это внимание. Используя народные номинации, начали создавать научные термины относительно жанровой маркировки. Что касается якутского фольклора, казалось бы, на […]

10.10.2024
">
Олоҥхо-баттл кыттааччыларын туһунан

Субуота аайы 19.00 чаастан олоҥхоҕо сүгүрүйээччилэр, тэлэбиисэр иннигэр олорон, олоҥхону толорооччулары истэбит. Ааспыт субуотаҕа, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, бэртээхэй толорооччулар быһа тардан ыллаан-туойан аастылар. Хайдах эрэ, куйаартан түспүт дьон курдук, кинилэри киһи сэргиир эбит. Төһө да дьэрэкээн ойуулаах, хомуһуннаах тыллаах олоҥхоттон тыһыынча гыммыттан биирин толордоллор , көрөөччү дьулайынан киирэр олоҥхо барахсан. Били уһуйаан, оскуола оҕотуттан […]

07.10.2024
">
Фольклорист Прокопий Ефремов долган олоҥхотун чинчийиитин туһунан

Биллэр фольклорист Прокопий Елисеевич Ефремов  былырыын төрөөбүтэ 90 сыла буолан ааспыта. Кини улахан өҥөтүнэн урут анаан дириҥник үөрэтиллэ илик долган фольклорун уонна хотугу сахалар олоҥхолорун үөрэтиитэ, хомуйуута буолар. Хаартыска П.Ефремов аймахтарын архыыптарыттан. Прокопий Елисеевич өр сылларга «Знание» уопсастыбаҕа лектордаабыта. Кини долган омук өйүн-санаатын, норуот быһыытынан уратытын көрдөрөр тылынан уус-уран айымньыларын уонна төрөөбүт тылларын баайын былыргыттан […]

02.10.2024
">
Олонхо-баттл как новая форма популяризации и сохранения якутского эпоса

Из всех жанров якутского фольклора олонхо является самым крупным, он выделяется бо-гатой фантазией содержания, большим разнообразием сюжетов, красотой художественных описаний и особенностями исполнения. В олонхо поэтически описывается героическая борьба богатыря айыы с богатырем абаасы, которая аллегорически воспевает стремление народа к по-беде добра над злом, торжеству справедливости. Бесценное духовное богатство нашего народа сегодня живо, благодаря многим […]

30.09.2024
">
Олоҥхо киэҥ эйгэтигэр оҕону сыһыарыы

Олоҥхону кыра оҕоҕо билиһиннэрии, тиэрдии үгүс сыраны, ураты сыһыаны эрэйэр. Иитээччилэр бэйэлэрин дьоҕурдарын, сатабылларын туһанан, көрдөрөн, үтүгүннэрэн, дьарыктаан оҕону олоҥхо кэрэ эйгэтигэр уһуйаллар. А.А. Черемных аатынан Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта Татьяна Александровна Томская алгыстаах Амма сиригэр Олоҥхо ыһыаҕар иитиллээчитин, Амматааҕы орто оскуола I кылааһын үөрэнээччитэ Катя Никонованы кытыннарда. 8 саастаах кыыс оҕо Петр Решетников […]

24.09.2024
">
Тойугу уонна олоҥхону туох ситимниирий?

Тойук – саха омугун биир сүдү баайа, уратыта. Саха тойуга үгэс буолбут култууратын жанра. Бу бэртээхэй ырыа жанра күн бүгүнүгэр диэри оннуyан хаалла. Тойук ис хоһооно ханнык баҕарар улахан суолталаах тиэкис эбэтэр тематика араас уратыта диэн сыаналанар. Денис Оконешников санаатын маннык үллэстэр:– Мин Мэңэ Хаңалас Дьабыыл нэһилиэгиттэн сылдьабын.– Эн санааҕар, тойук уонна олоңхо туох ситимнээҕий?– […]

24.09.2024
">
Култуура үрдүк үөрэҕин кыһата аһыллыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх

Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай үнүстүүтүн ректорын, кэлэктиибин,  үөрэнэр уонна бүтэрбит устудьуоннарын ааттарыттан ытыктыыр, таптыыр күндү киһибит Агафья Еремеевна, бу күн сириттэн букатыннаахтык барбытынан, кини дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар, доҕотторугар, биир идэлээхтэригэр дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит. Агафья Еремеевна өрөспүүбүлүкэбитигэр култуура уонна ускуустуба үрдүк үөрэҕин кыhата баар буоларыгар сүҥкэн өҥөлөөх, улахан сабыдыаллаах. Ол курдук, 90-с сылларга хаһыакка […]

19.09.2024
">
Олоҥхо өлбөт-сүппэт үйэлэнэригэр дьоһун үлэни ыытыспыта

Олоҥхо театрын бар дьоно Б. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, РФ педагогическай уонна социальнай наукаларын академиятын чилиэнэ, тыл билимин хандьыдаата, Уус Алдан улууһун Ытык киһитэ Агафья Еремеевна Захарова бу дьыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр биһиги кэккэбититтэн букатыннаахтык барбытынан чугас дьонугар, аймахтарыгар, дьиэ кэргэнигэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит. А.Е. Захарова өрөспүүбүлүкэ билимин уонна култууратын эйгэтигэр биир сэдэх […]

17.09.2024
">
Тапталтан тыллыбыт Таатта талба талаана

Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр ураты талааннаах Далбар Хотун баар диэн истибитим син ыраатта. Биир үтүө күн бииргэ үөрэммит дьүөгэм, биһиэхэ олус көхтөөх, бэһиэлэй, артыыска баар диэбитэ. Кимий диэн ыйыталаспытым, Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, элбэх бэлиэ, мэтээл хаһаайката, олоҥхону толорооччу, Былатыан Ойуунускай аатынан Норуодунай тыйаатыр артыыһа, сыана бэтэрээнэ Валентина Петровна Харайданова-Эбээ Валя […]

16.09.2024
">
“Улахан дьолум, олоҕум күндү бэлэҕэ – эн”

Володя уонна Оля Бөлөххө киир: Ольга Дорофеева уонна Владимир Михалев – Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, “Бэйбэрикээн” киинэҕэ Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһа Алтаана Куону уонна Хаардьыт Бэргэни оонньообут артыыстар. Эчи, иккиэн эдэрдэрэ, кэрэлэрэ да бэрт! Бу ааспыт сыл кинилэр ыал буолан, ахсынньы 31 күнүгэр уол оҕолоннулар. Киинэҕэ көстөр уоттаах таптал олоххо да күөдьүйэн кэлэр эбит! Оля Таатта улууһун […]

13.09.2024
">
Олоҕу олоҥхолуу анаардахха

Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх Номоҕон Арчыманы көрсөммүн, үс чаас устата ирэ-хоро сэһэргэстим. Кини үгүс хоһоон, ырыа, «Үс кут» остуол оонньуутун ааптара, өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо күрэстэрин кыттыылааҕа, муҥутуур кыайыылааҕа. Бу ураты айар куттаах, олоххо тус көрүүлэрдээх, бэрт интэриэһинэй кэпсээннээх эдэр киһилиин сэһэргэһиим кып-кыра лоскуйун сэгэтэн ааҕааччыбар билиһиннэрэбит. Сахалыы ааттаныы — Кэпсэтиибитин эн ааккыттан саҕалыахха. Төрөппүттэриҥ биэрбит ааттарын туох санааттан […]

13.09.2024
">
“Саха омук” уопсастыба, олоҥхоһуттар уонна маркетинг

Буолан ааспыт устуоруктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр II кэмпириэнсийэлэригэр биир дакылаат ураты болҕомтону тарта. Ол – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта оскуолатын психолог-учуутала Вероника Александрова-Эрэлкээнэ “Саха омук” уопсастыбаннай түмсүү билиҥҥи кэмҥэ суолтата” диэн үлэтэ. Биһиги биир үксүн уруккуну үөрэтэргэ “ол  сабыытыйа бачча сыллаахха буолбута, ол киһи бачча сыллаахха төрөөбүтэ” диэн халыып буолбуту хатылыыбыт. Ол устуоруйаҕа интэриэһи көбүппэт, […]

12.09.2024
">
Гавриил Колесов уонна олоҥхо

Мэҥэ Хаҥалас улууһун көҕүлээһининэн, РСФСР үтүөлээх, саха норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уһуйааччы, саха олоҥхотун киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга үтүмэн үгүс үтүөлээх  Гавриил Гавриилович КОЛЕСОВ аатын үйэтитиигэ анаммыт үлэни торумнуур киэҥ ыҥырыылаах мунньах 2021 сыллааха Дьокуускайга буолавн ааспыта. Ол туһунан суруналыыс Татьяна Маркова суруйбутун ааҕыҥ. Кэпсэтиини Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Олоҥхо […]

11.09.2024