Олоҥхоһуту тутан олорон истии ураты иэйиини уһугуннарда - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхоһуту тутан олорон истии ураты иэйиини уһугуннарда

Олоҥхоһуту тутан олорон истии ураты иэйиини уһугуннарда

Өбүгэттэн кэлбит, сахабыт тылын сүмэтин илдьэ сылдьар олоҥхобут ЮНЕСКО билиниитин ылан, 2005 сыл сэтинньи 25 күнүттэн Аан дойду барҕа баайынан буолбута. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ 2006 сыл сэтинньи 15 күнүттэн бэлиэтэнэр.

Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Майатааҕы Итэҕэл балаҕаныгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын олоҥхоҕо стипендиата, СӨ оһуокайга Дархан этээччитэ, СӨ култууратын туйгуна, Олоҥхо ыһыахтарын үс төгүллээх кылаан кыайыылааҕа, Лоомтука олохтооҕо, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Виталий Никифоров ыҥырыллан ыалдьыттаан, олоҥхо дьоро күнэ үүннэ.

Виталий Витальевич өбүгэбит үгэһинэн, көмүлүөгүн күлүбүрэччи оттон, арыылаах алаадьынан аал уотун айах тутан, бу дьоро күн хас биирдиибит баҕарар ыра санаабыт барыта туоларыгар алгыс маанытын анаата. Ол кэннэ Үрдүк Айыылартан көҥүл ылан, улуу Ойуунускай суруйан хаалларбыт саха норуотун сүдү баайа буолбут “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан толордо.

Ойон тахсар күннээх, охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах, аҕыс иилээх-саҕалаах Аан Ийэ дойду айыллыаҕыттан саҕалаан, Айыы хаан аймахтара хайдах төрөөн-үөскээн, Орто туруу дойдуга олорбуттарын, Орто дойду дьоно, айыы аймаҕа күн туллар күһэлгэнэ буоллаҕына көмүскүүр улуу бухатыыр киһилэммиттэрин олоҥхолоон, туойан иһитиннэрдэ. Олоҥхоһуту илэ көрөн олорон истии бэйэтэ тыйаатыр кэриэтэ, хас биирдии истээччигэ ураты иэйиини уһугуннарда.

Олоҥхоһут  Виталий Никифоров Христофор Максимов “Кимий диибин, кини дииллэр” ырыатын олоҥхону сэргээччилэригэр бэлэх уунна. Бу кэннэ дьоро күнү уруйдаан оһуокайдаан ойдубут, эһиэкэйдээн эйээрдибит.

Итии чэйдээх сандалы тула олорон аһаҕас кэпсэтиигэ Виталий Никифоров олоҥхону истэр дьон баалларыттан үөрэрин эттэ, “Сырдык Айыы сыдьаайа” түмсүү дьонугар, салайааччы Анна Климентоваҕа махтанна. Киниэхэ Олоҥхо ыһыахтарын элбэх төгүллээх кыттыылааҕа, “Түһүлгэ”, “Айыллыат” фольклор түмсүүлэрин салайааччыта Евдокия Петровна Семенова олоҥхону салгыы сайыннара турарыгар баҕаран туран, бэйэтин сэмэй бэлэҕин туттарда.

Истээччилэр идэтийбит олоҥхоһут ыҥырыыны ылынан кэлбитигэр сүгүрүйэ махтаннылар. Бу курдук, икки өттүттэн олус сэргэх көрсүһүү тэриллибитигэр бары астыннылар, үөрдүлэр. Олоҥхо күннэрэ салгыы ыытылла туралларыгар, элбэх истээччилээх буолуоҕар, аҕа саастаах көлүөнэ үүнэр көлүөнэ ыччакка олоҥхону истэ үөрэнэригэр холобур буола сылдьарыгар баҕа санаалар этилиннилэр.

Түмсүү дьоно Виталий Никифоров “Дьулуруйар Ньургун Боотур”  олоҥхо салгыытын толоро кэлэрин күүтэ хааллылар.

Марелла Баишева.

Эркээйи

Поделитесь этой страницей