Олоҥхо силистээх төрүт тылбыт үтүө түһүлгэтэ түстэннэ
Төрүт тылбыт сүмэтин ууһатар улуу олоҥхобут үс дойдуну үрүлүтэр үтүө эйгэтэ норуоппут олоҕу анаарар далааһыннаах көрүүтүн, тыйыс тымныыны сыһытар күүстээх санаатын дьүһүйэр. Олоҥхо алыптаах туонатын оҕурук тымырыгар өбүгэбит кэс тыла кэйиэлии устар, арылыйар аартыктары арыйар чулуу кистэлэҥ килбэйэ тыгар. Өбүгэбит баараҕай бэлэҕин — Олоҥхону — олох дьалҕааннаах долгунун охсуутуттан сүрэхпит сылааһынан харыстаан кэнчээри ыччакка тиэрдии, үйэтитии — ытык иэспит буолар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Байанай ыйа Олоҥхо дэкээдэтинэн барҕарда.
Сэтинньи 17 күнүгэр Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр кииннэнэн турар Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтигэр оһуордаах-дьарҕаалаах олоҥхо силистээх төрүт тылбыт үтүө түһүлгэтэ түстэннэ.
Бу күн Ил Дархан бирииһигэр ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттар I өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэстэрин түмүктүүр түһүмэҕэ ыытылынна. Уус тыл удьуорун, төрүт тыл төлкөнүн түстүүр күөн күрэс икки түһүмэҕэ Дьокуускай куоракка, улуустарга тэриллибитэ. Сүүмэрдиир түһүмэхтэргэ олоҥхоһуттар биир уонна түөрт чаас устата оллоон олорон туойбуттара, кэрэхсэбиллээхтик кэпсээбиттэрэ.

Таһымнаах күрэскэ улууспут бастыҥ олоҥхоһуттара Аксиния Степанова, Любовь Платонова, Гаврил Спиридонов, Петр Тихонов ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Кылаан олоҥхоһуту талар, 8 чаас устата олоҥхолуур түһүмэх улуустарынан ыытылынна.
Тиһэх түһүмэх кыттыылааҕа, Нам улууһун бастыҥ олоҥхоһута Елена Маркова Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьонугар-сэргэтигэр олоҥхо алыптаах эйгэтин бэлэх уунна.

Бэлиэ түгэнинэн мустубут бар дьону култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина, улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Данил Осипов, Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Айта Васильева эҕэрдэлээтилэр.

Салайааччылар бастыҥ олоҥхоһуттары түмэр күөн күрэс төрөөбүт тылбыт кэскилин түстүүрүн бэлиэтээтилэр. Улуустарынан ыытыллан өбүгэлэрбит алааһынан олорон ситимнэһэр үтүө үгэстэрин салгыырын туһунан санааларын үллэһиннилэр.
Аҕыс чаастаах Кылаан Чыпчаал олоҥхону толоруу түһүмэҕэр 38 кыттааччыттан 9 олоҥхоһут киирбитин сырдаттылар. Өбүгэлэрбит олоҥхо бухатыырдарын кытта күнү күннээн үс дойдунан атынан көтүтэллэрин, Аал Луук Мас анныгар арчыланан айхалланалларын сэһэргээтилэр. Онон аҕыс чаас устата олоҥхону толоруу — айылҕаттан бэриллибит талба талаан, ураты дьоҕур, үрдүк маастарыстыба буоларын тоһоҕолоотулар.
Бу күн ааттаах олоҥхоһут Елена Маркова Николай Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотун толордо. Истээччилэр олоҥхоҕо хоһуйуллар үс дойду сөҕүмэр эйгэтин кэрэхсээтилэр, бухатыырдары кытта үрүҥ күҥҥэ дьулуһар ахсаат аттарынан көтүттүлэр, дьураа кустуктаах маҥан халлааҥҥа кыырайа дайдылар. Олоҥхо аптаах эйгэтигэр аҕыс чаас биллибэккэ ааста. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күөн күрэһи сүрүннүүр дьүүллүүр сүбэҕэ төрөөбүт тылбытын үйэтитиини көҕүлүүр ытык дьоммут — Олоҥхо Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина, педагогика билимин хандьыдаата, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора, доцена Галина Попова — Санаайа, Олоҥхо киинин сүрүн исписэлиистэрэ Елена Протодьяконова, Зоя Сысолятина, А. Д. Макарова аатынан култуура уонна исскусство колледжын уһуйааччылара Мария Боппоенова, Александра Васильева, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин сүрүн исписэлииһэ Александра Васильева үлэлээтилэр.
Уран тыл түһүлгэтин Дархан этээччи Денис Оконешников алгыһынан арчылаата. Үлэни өрө туппут
өбүгэлэрбит олоҥхону иистэнэ олорон истэр үгэстэринэн «Мэҥэ уус» көмүс тарбахтаахтара иис түһүлгэтин тэрийдилэр.
Бу курдук, норуоппут чулуу айымньыта — Олоҥхо төрүт түөлбэлэргэ дуораһыйан норуоппут үгэһин өлбөт-сүппэт тыынныыр, кэнчээри ыччаппытын өбүгэ үгэһигэр угуйан урааҥхай бастыҥа, саха саарына буоларга иитэр.
Изабелла Романова