Олоҥхону толорооччуларга өссө биир саҥа аат - Сайт Олонхо
Главная / Журнал Сурунаал / Олоҥхону толорооччуларга өссө биир саҥа аат

Олоҥхону толорооччуларга өссө биир саҥа аат

Петр Феоктистович Игнатьев “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхотугар сонун матыыптар

“П.Ф. Игнатьев олоҥхотун ис хоһооно, айыы бухатыырын сырыыта, ылбаҕай тыла-өһө саха эпическэй айымньытын үгэстэригэр олоҕурбут дьиҥнээх олоҥхо. Тэттик олоҥхо эрээри дириҥ ис хоһоонноох, тыла-өһө киһи өйүгэр түһүмтүө.

Олоҥхоҕо кэрэхсэнэр,  атын айымньыларга соччо көстүбэт, матыыптар бааллар. Ол курдук, холобура, Аан Алахчын саҥарар кэмигэр айылҕа иһийэр, көтөр-сүүрэр чуумпурар. Үс дойду уустара Сир Бадылы уустара диэн ааттаахтар. Охсуһан, айдааны тарпыт  бухатыырдары атын дойдуга Айыы Дьөһүөлдьүт кыталык кыргыттар утаараллар. Араҕас илгэни өлөөрү сытар Кулан Кыыртайга итир былыт аҕалан, самыырга кубулутан, түһэрэр.

Бу маннык сонун матыыптар киирбиттэрэ олоҥхону сэргэхситэллэр. Ити түөрт сонун матыып саха олоҥхотун туругар утары турбаттар”. Ф.н.д., эпосовед Н.В. Емельянов. 1998 с.

Петр Феоктистович Игнатьев “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхотун кылгас ис хоһооно

Орто дойду олохтооҕо Кулан Кыыртай биирдэ Аал Луук маска олохтоох Аан Алахчынтан кимтэн кииннээҕин, киһи буолар кэскилин ыйытар. Онуоха Аан Алахчын Тимир Дьигистээн-Уот Кутаалай айыы аймаҕын атаҕастаан, уоран-талаан баран истэҕинэ, кини Кулан Кыыртайы уонна тулаайах кулуну айыы эбир хамыйаҕынан күөйэ охсон ылан, бэйэтигэр саһыаран ииппитин кэпсиир. Салгыы Аан Алахчын: “Сир Бадылы уустарыгар көтөн тиий. Кинилэр эйигин уһаарыахтара, тимир куйаххын, үҥүүгүн, ох сааҕын оҥоруохтара уонна аартыкка баппат албан ааккын ааттыахтара. Онтон аналлаах аккын Араат байҕалы эргийэ сүүрэ сылдьарын тутан ылан миинэҥҥин, Орто дойдугар, бар дьоҥҥор  халыҥ хахха буолаар”, — диэн алгыыр уонна үрүҥ илгэни илгэн биэрбитин бухатыыр хабан ылан ыйыстан кэбиһэр да, хомпоруун хотойго кубулуйар.

Сир Бадылы уустарыгар көтөн күпсүйэн тиийбитигэр бэйэтин уһаараллар, куйаҕын, үҥүүтүн, ох саатын оҥорон биэрэллэр уонна “Орто дойдуну араҥаччылааччы буол” диэн алгыыллар.

Кулан Кыыртай тус арҕаа айаннаан иһэн, кыыс-дьахтар суланан ытыырын истэр. Ол истэн, кыыс-дьахтар кини аналлааҕа Ньургуйаана Куо буоларын билэр. Айыы бухатыырын миинэр миҥэтэ Кукаакы Кугас ат иччитигэр: “Абааһы уолун атамаана Тимир Дьигистээн-Уот Кутаалай Аллараа дойдуга түһэ илигинэ ситэн тиийдэхпитинэ эрэ Ньургуйаана Куону быыһыахпыт”, — диэн сэрэтэр.

Тимир Дьигистээн-Уот Кутаалай оҕуһугар олорсон, айыы кыыһын хамса сототун курдук баайан баран, төргүүлэнэн иһэрин Кулан Кыыртай көрөр уонна утары сүүрдэн тиийэн, оҕуһу күөнүнэн тоҕо силэйэр. Онуоха Тимир Дьигистээн-Уот Кутаалай ыраах эһиллэн, өйүн сүтэрэн кэбиһэр. Кулан Кыыртай айыы кыыһын босхолоон, атыгар олордор да, айанната турар. Ол кэмҥэ Тимир Дьигистээн-Уот Кутаалай өйдөнөн кэлэр уонна Кулан Кыыртайга Ньургуйаана Куону хотун ойох гына илдьэ баран испитин, оттон Кулан Кыыртайы сорук-боллур уол оҥостуон сөбүн этэн кыһытар.

Икки аарыма бухатыырдар ый отут хонуга туолуор диэри охсуһа сырыттахтарына, Үөһээ дойдуттан Айыы дьөһүөлдьүт кыталык кыргыттар көтөн кэлэн: “Охсуһаҥҥыт Орто дойду сиригэр алдьархайы аҕаллыгыт. Онон Уот Кудулу байҕалга бухатыыр охсуһар буолагар баран охсуһуҥ эбэтэр эйэнэн арахсыҥ”, — дииллэр. Бухатыырдар “салгыы охсуһабыт” диэбиттэрин иһин Айыы дьөһүөлдьүт кыталык кыргыттар иккиэннэрин Уот Кудулу байҕалга бухатыырдар охсуһар буолактарыгар көтүтэн илдьэллэр.

Айыы бухатыыра абааһы атамаанын кытта ый отут хонугар охсуһан, иккиэн сэниэлэрэ эстэн, сыккырыыр тыыннара эрэ хаалар. Кулан Кыыртай Аан Алахчын хотунтан үрүмэтийбэт үүт чөллөрүүн көлүйэтиттэн үрүҥ илгэни көтүтэн аҕалан, айаҕар таммалатарыгар көрдөһөр-ааттаһар, ытыыр-соҥуур. Онуоха итир былыт таҥнары санньылыйан кэлэн, ичигэс самыырынан ибиирбитинэн барар. Кулан Кыыртай эҕирийдэҕин аайы этэ-сиинэ тиллэн, күүһэ-уоҕа оннугар түһэр да, абааһы уолун сиһин үөһүн быһа тардан кэбиһэр.

Тимир Дьигистээн-Уот  Кутаалай тыймыыт кутун Хаан-Дапсы ийэтэ биһигэр тоһуйан ылан, эмсэхтээн иитэригэр көрдөһөр.  Оттон Кулан Кыыртайга: “Уол оҕоҥ чаачар сааланарын саҕана, кыыс оҕоҥ кыптыыйданан кылырдыырын саҕана холумтаныҥ аннынан өрө бургуйан тахсыам”, — диэн саана-саана, өлөр өлүү уутугар тимирэн хаалар.

Кулан Кыыртай Уот Кудулу байҕал иччилэригэр абааһы уолун сүрэхтээх быарынан айах тутар. Өстөөҕүн өһөрөн, өрөгөйө үрдээн, аналлаах атын хоруутаан ыҥырар.  Ата Ньургуйаана Куону олордон тиийэн кэлэр.

Ньургуйаана Куо айыы бухатыырыгар кини Ала Кыырсын диэн аҕалааҕын, Амарах Сээн диэн ийэлээҕин, оттон кыыс Үтүө Өкөрдөөн уонна Сиинэ Далбар диэн төрөппүттэрдээҕин, кинилэр ыаллыы олорбуттарын уонна эдэр дьон уоллаах кыыс оҕолоро улааттахтарына, ыал буолар төлкөлөрүн төлкөлөөбүттэрин кэпсиир. Ол гынан баран,  Тимир Дьигистээн-Уот Кутаалай уолу кыратыгар уоран ылан баран, аны кыыһы бэйэтин 15 сыл буолан баран, уоран истэҕинэ, Кулан Кыыртай кэлэн быыһаабытын этэр. Салгыы Ньургуйаана Куо: “Дьоммут санаарҕаан олороллоро буолуо, төрөөбүт дойдубутугар түргэнник тиийэн, дьоммутун үөрдэ охсуохха”, — диэн этэр.

Кулан Кыыртай аналлаах ата, миинэр миҥэтэ Кукаакы Кугас ат тыбыырбытын иһин: “Атым абааһы аймаҕын кирэ-хоҕо сыстыбытыттан кириргиирэ буолуо”, — диэн, үүт чөллөрүүн көлүйэлэригэр киирэн суунан тахсаллар.

Түмүгэр бар дьонноругар тиийэн, үөрүүлэрэ үрдээн, тэйиччини тэҥсигинэн ыҥыртаран, чугаһы хоболооҕунан хомуйтаран, Дьэргэстэй ыһыаҕын ыһаллар.

Айсен Кысылбаиков – олоҥхону толорооччуларга өссө биир саҥа аат

Олоҥхо тыйаатырыгар онус сылын тойукка, олоҥхоҕо уһуйааччы Никандр Прокопьевич Тимофеев айымньылаахтык үлэлиир. Кини үөрэппит ыччаттара бары өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр олоҥхону толорооччулар. Ол курдук, холобура, Олоҥхо тыйаатырыгар Яна Нюргусова, Василина Баланова, Гавриил Менкяров бааллар. Никандр Прокопьевич 2020 сыллаахха Олоҥхо тыйаатырын артыыстарыгар удьуор олоҥхоһут Петр Феоктистович Игнатьев “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхотун бөлөҕүнэн толорууларын эрчийэн, бар дьон дьүүлүгэр таһаарбыта улахан сэҥээриини ылбыта. Онно олоҥхоһут оруолун Егор Егоров олус бэркэ толорбутун бэлиэтиир тоҕоостоох.

Кэлин Үөһээ Бүлүү Ороһутуттан төрүттээх Айсен Кысылбаиков Олоҥхо тыйаатырыгар тыас-уус операторынан үлэлии кэлбитэ. Кини Никандр Прокопьевичка: “Артыыс буолбатах дьону олоҥхолуурга үөрэтэҕин дуо?” – диэн судургутук ыйытан уонна уһуйааччы сөбүлэҥин ылан, биир да күнү көтүппэккэ, хас сарсыарда аайы үөрэнэ кэлэр буолбута. 2025 сыллаахха Олоҥхо тыйаатырын артыыстарыгар П. Ф. Игнатьев “Кулан Кыыртай”  олоҥхотун иһитиннэрбитэ. Эр киһи, дьахтар тойугун толороругар куолаһын уларытан,  араас матыыптаан туойара киһи болҕомтотун тардыбыта.

Айсен Гаврильевич тарбахха баттанар доҕуһуолдьут, “Айыы Кыһата” оскуолаҕа оҕолору саха төрүт доҕуһуоллуур тэриллэригэр уһуйбута, ол түмүгэр улуу тойуксут С.А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылыгар кини үөрэппит оҕолоро Гран-при үрдүк аатын ылбыттара.

Быйыл алтынньы 28 күнүгэр Б. Ойуунускай аатынан литература музейыгар Олоҥхо тыйаатырын доҕуһуолдьута Айсен Кысылбаиков аан бастаан олоҥхону толорооччу быһыытынан киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Үөрбүтүм уонна долгуйбутум диэн, Айсен Гаврильевич олоҥхо үйэлээх үгэһин тутуһан, уос аһар уонна кутурук салайынар үгэһин тутуста. Онон эдэр киһи олоҥхоҕо чахчы ылсыһан дьарыктана сылдьарын уонна олоҥхоһут үгэһин барытын тутуһарын көрдөрбүтүн бэлиэтиир тоҕоостоох. Бүлүү умнаһын былыргы олоҥхоһуттара уос аһар тойугу туойан баран биирдэ олоҥхолууллара. Оттон олоҥхолоон бүтэллэригэр иччилээх ыар-нүһэр тыллары хоһуйан эппиттэрин-тыыммыттарын уҕалдьытан, холобур, төрөөбүт дойду туһунан туойан, кутурук салайынан кэбиһэллэрэ. Айсен доҕуһуолдьут буолан, уос аһар тойук оннугар ох саа кылыгар оонньоон, куйаар добун дорҕоонун дапсылытан, көрөөччүлэри олоҥхо алыптаах эйгэтигэр тута киллэрдэ. Түмүгэр, Айсен Гаврильевич кутурук салайынарыгар кырыымпаҕа оһуохай матыыбын таһааран, көрөөччү сүргэтин өссө төгүл  көтөхтө. Кэлбит дьон бука бары иһийэн олорон, олоҥхону биир тыынынан иһиттилэр. Онон сылыктаатахха, олоҥхо киэһэлэрин мэлдьи тэрийэр киһи олоҥхо эйгэтэ үөскүөн сөп эбит диэн санааҕа кэлэҕин.

Петр Феоктистович кыра уола Валерий Петрович Игнатьев удьуор олоҥхоһут төрүттээхтэрин аҕынна. Аҕата “Кулан Кыыртай” олоҥхону өссө 1983 сыллаахха суруйан бүппүтүн, “Хотугу Сулус” сурунаалга бэчээттэтээри гыммыта табыллыбатаҕын, онон 1998 сыллаахха Новосибирскайга 3000 экземплярынан бэчээттэппитин эттэ. Олоҥхоһут сиэн балта, сиэннэрэ, Айсен Кысылбаиков абаҕалара, убайа, саҥастара, аймахтара, Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы култуура управлениетын салайааччыта С. Мойтохонова кэлэннэр, олоҥхону толорооччуга махтал тылларын тиэртилэр.

Айсен Гаврильевич олоҥхоҕо кэлиитэ мээнэ буолбатах. Төрүттэригэр олоҥхоһуттар бааллар. Ол курдук иитиллибитинэн хос эһэтэ Бодойбоҕо аата-суола киэҥник биллибит олоҥхоһут Давид Кысылбаиков уонна төрөппүт ийэтинэн хос эһэтин инитэ Кэнтиктэн төрүттээх Василий Харахов-Бадарааҥкы Баһылай буолаллар.

Олоҥхо институтун дириэктэрэ, ф.н.к. Р.Н. Анисимов олоҥхону киэҥ эйгэҕэ аан бастаан толорор А. Кысылбаиков ырыатыгар-тойугар Сунтаар, Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү мелодиката кэрэтик иһиллэн ааста диэн бэлиэтээтэ уонна инникитин биир дойдулаахтарын олоҥхолорун дьонугар-сэргэтигэр иһитиннэрэригэр баҕарарын этэн баран, Үөһээ Бүлүү аатырбыт олоҥхоһута Н. С. Александров-Ынта Никиитэ “Көр Буурай” олоҥхотун кинигэтин бэлэх уунна.

Айсен Кысылбаиковтыын биир тэрилтэҕэ үлэлиир буолан, куруук кэпсэтэбит, алтыһабыт. Биирдэ мин киниттэн олоҥхону үөрэтиэҕиттэн төһө уларыйбытын ыйыппытым. Онно кини миэхэ: “Олоҥхонон дьарыктаныахпыттан ис кутум сааһыланна, киһини бэрээдэктиир. Күннэтэ тылы үөрэтэргэр тулуур, дьулуур уонна тыл абылаҥар ылларыы баар буолар эбит. Киһи олоҕу көрүүтэ, ылыныыта уларыйар, сыаналыыр буолар. Сүдү киһи Никандр Прокопьевич көрдөһүүбүн ылынан, үөрэтэ, эрчийэ сылдьарыгар мэлдьи махталлаах буола туруом”, — диэн эппитэ. Билигин Айсен Гаврильевич  биир дойдулааҕа, аймаҕа Ф. Тимофеев-Биэчэрэ “Түмэн Түүрэй” олоҥхотун үөрэтэ сылдьар. Онон Айсен Гаврильевич Кулан Кыыртайтан кынат үүннэринэн, Бүлүү умнаһын олоҥхолуур үгэһин сөргүтэн, кутун-сүрүн туттарбыт идэтэ тупсан, туругуран истин!

Түмүккэ, Б. Ойуунускай аатынан литература музейа уонна Олоҥхо тыйаатыра бу холбоһуктаах бырайыагар өссө да саҥа ааттары таһаара туралларыгар, дьон-сэргэ болҕомтотун тардар олоҥхо киэһэлэрин утумнаахтык ыыталларыгар эрэнэрбин биллэрэбин.

Майя ВЛАСЬЕВА,

Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,

Олоҥхо тыйаатырын

литературнай-драматическай чааһын салайааччыта.

Хаартыскалар: Майя Власьева тиксэриилэрэ

!

Поделитесь этой страницей