Сунтаардар олоҥхону дорҕоонноохтук ааҕаллар
Олоҥхо дойдутунан сураҕырар Сунтаар улууһа, чахчыта да, олоҥхону тарҕатыыга уонна олоҥхоһуттарын үйэтитиигэ ситимнээх үлэни ыытар. Ол курдук, Леонид Попов аатынан Киин бибилэтиэкэ “Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону ааҕабыт” диэн бырайыагын чэрчитинэн быйыл төрдүс төгүлүн күөн-күрэс тэриллэр.
-Сыл көтө-көтө ыытабыт. Иллэрээ сыл С.А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылын көрсө, “Айхал эйиэхэ, аар тайҕа” олоҥхо-тойугун сэтинньиттэн ааҕан саҕалаан баран, былырыын сайын үбүлүөйдээх ыһыаҕар түмүктээбиппит.

Оттон бу Олоҥхо күнүгэр аны “Кулан Кыырай бухатыыр” олоҥхону ааҕыыга күрэх биллэрдибит. Петр Игнатьев диэн биир дойдулаахпыт суруйан хаалларбыт олоҥхото буолар.

Бастакы түһүмэҕэ олунньуга Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр диэри салҕанан барыаҕа. Ити кэм устата хас нэһилиэк ахсын дьиэ кэргэттэр – эбэ уонна эһэ, ийэ уонна аҕа, итиэннэ сиэннэр буолан – бары куолаан ааҕалларын видеоҕа устан ыыталлар. Дьүүллүүр сүбэ айымньыны иҥнигэһэ уонна сыыһата суох төһө сөпкө аахпыттарын, персонажтар уобарастарын хайдах арыйбыттарын, устуу хаачыстыбатын көрөн сыаналыаҕа. Иккис түһүмэххэ ааспыт кыттааччылар салгыы улуустааҕыга тахсаллар. Онно сэттэ ыалы талаллар, олор ыһыахха түмүктүүр түһүмэххэ көрсөллөр. Кыайыылаахтарга Сунтаар улууһун салалтата олохтообут улахан суумалаах бириэмийэтэ туттарыллар, — диэн кэпсиир Изабелла Жиркова, Сунтаар улууһун бибилэтиэкэлэрин салайааччыта.

“Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону ааҕабыт” бырайыакка старт Олоҥхо күнүгэр бэриллэригэр нэһилиэктэргэ уонна тэрилтэлэргэ “Кулан Кыырай бухатыыр” олоҥхону дорҕоонноохтук ааҕыы аахсыйата тэрилиннэ.
Биир бастакынан Кириэстээх нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата кытынна:
Сунтаар нэһилиэгин култуура кииннэрин, балыыһалар, оскуолалар, бибилэтиэкэлэр үлэһиттэрэ эмиэ көхтөөх кыттыыны ыллылар:

Ыраах Бүлүүчээҥҥэ бу аахсыйа элбэх киһини түмтэ:

Кутана сириттэн Туйгун уонна Акулина Гоголевтар бэркэ бэлэмнэнэн кытыннылар:
Оҕолор да хаалсыбатылар. Сунтаар оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Мария Федорова ааҕарын истиҥ:
Бэһис кылаастар — маладьыастар (учуутал Галина Намылова):

Сунтаар В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын II «д» кылааһын үөрэнээччилэрэ Е.П Чехордуна Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотунан кырачааннарга анаан таһаартарбыт ойуу-кинигэтиттэн быһа тардан ааҕалларыгар оҥоһуу өй көмөтүнэн ролик оҥорбуттарын көрүҥ:
Дьэ, ити курдук сунтаардар Олоҥхо күнүгэр олоҥхону дорҕоонноохтук аахтылар даҕаны, дьыктаан гына суруйдулар даҕаны.
