Олоҥхону сайыннарар оруннаах дуо?
Уус Аодан улууһугар Олоҥхо уонна Хомус декадатын көрсө, оскуола оҕолоруттан олоҥхо туһунан туох өйдөбүллээхтэрин, төһө сэҥээрэллэрин, улууспутугар олоҥхону сайыннарыыга туох санаалаахтарын туоһуластыбыт.


Володя Музофаров, Найахы орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Олоҥхону ыччат билэрэ наада дии саныыбын. Улууспутугар олоҥхону сайыннарыыга бэйэм успуорка сыһыаннаах, тустуунан дьарыктанар буоламмын, ыччакка аналлаах «Олоҥхо бөҕөстөрө» диэн күрэс баар буолуон баҕарабын; «Олоҥхо лааҕыра» диэн тэрилиннэҕинэ, үөрэнээччилэр сөбүлээн сылдьыахтара этэ уонна, олоҥхону билиһиннэрэр төлөпүөҥҥэ сыһыарыы айылыннаҕына, оҕолор интэриэһиргиэхтэрэ этэ дии саныыбын.

Сандаара Самсонова, Түүлээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону үөрэтии наадалаах дии саныыбын. Олоҥхобутун тутан хааллахпытына эрэ тылбыт-өспүт, култуурабыт инникилээх буолуоҕа. Биһиги олоҥхону кыра сааспытыттан ааҕабыт. Уһуйааҥҥа сырыттахпытына, Зинаида Куприянова дьарыктыыр этэ. Онон кыра сааспытыттан олоҥхо суолтатын билэбит. Олоҥхону сайыннарыыга улууспут киинигэр араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Нэһилиэктэргэ эмиэ тэрээһиннэри элбэтиэххэ сөп. Итиэннэ улууспут олоҥхону толорооччуларын нэһилиэктэринэн кэритэн билиһиннэриэххэ сөп. Аныгы олоххо дьон олоҥхону телевизорга көрөн сэҥээрэр, ылынар буолла дии саныыбын.

Павел Лугинов, Хомустаах сүрүн оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Сотору Олоҥхо, Хомус күнүн бэлиэтиэхпит. Оскуолаҕа «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону аахпыппыт, сөбүлээбитим, өйдөөбүтүм. Олоҥхону билигин уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан үөрэтэллэр, саха телевидениетыгар олоҥхо күрэхтэһиитэ буолар. Биһиги оскуолабытыгар олоҥхоҕо аналлаах викториналар, уруһуй күрэстэрэ буолааччылар. Уус Алдан улууһа саамай элбэх олоҥхоһуттаах улуус буолар. Билиҥҥи оҕолор, ыччат олоҥхону интэриэһиргииллэр, онон олоҥхо сүтүө суоҕа, сайдан иһиэ дии саныыбын.

Дайаана Шелковникова, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 5-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ:
– Ыччаты уонна оҕолору олоҥхоҕо угуйарга «Олоҥхо уһуйааннарын» хас биирдии нэһилиэк аайы арыйан, олохтоох кырдьаҕас толорооччулары кытта ситими күүһүрдүөххэ сөп. Цифровизация уонна медиа үлэтинэн улууспут иһигэр баар олоҥхоһуттар толорууларын аудио-видео куруһуоктарга устан, подкаст форматынан тарҕатар эмиэ биир суол баар. Маны тэҥэ олоҥхо матыыптарынан комикстары, аныгы оонньуулары, анимациялары айар эдэр дьон граннарын уонна күрэстэрин тэрийии олоҥхону ыччакка үөрэтэр биир ньыма буолуон сөп.
Анна Горохова