Олоҥхону ЮНЕСКО-ҕа иһитиннэрбит кыыс
1993 сыл. Франция Париж куоратыгар ЮНЕСКО-ҕа уһук хоту Саха Сирин быыкаайкаан кыысчаана Мира Самырова, сахалыы сайбаччы таҥнан тахсан, улуу суруйааччы Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан киһи эрэ сөҕүөх, кэрэхсиэх, үөрүөх-көтүөх курдук уһулуччу чаҕылхайдык толорбута.
Оҕолор олоҥхону үөрэтэллэригэр холобур буолбута
Ити саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит суруйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын тэрийсибит уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэл Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ этэ.
Кыысчаан чаҕылхай сулустуу соҕотохто сандаарыс гына түспүтэ. Кини сыанаҕа олоҥхону толоро тахсарын киһи эрэ бары долгуйа күүтэр буолбута.
Кырачаан Мира хорсуннук-хоодуоттук туттан таҕыстаҕына, саала иһэ ытыс тыаһынан өрө хабылла түһэрэ. Тэлэбиисэргэ көстө турар буоллаҕына, дьиэ кэргэн бүттүүн ыҥырсан, кинини сэргээн көрөрө. Иэримэ дьиэлэрин иһигэр, оҕо саадтарыгар, оскуолаларга итинтэн саҕыллан, олоҥхону үөрэтэллэрэ, уһуйаллара, сыыйа-баайа да буоллар, олоххо киирэн, устунан тиһиктэнэн, элбээн барбыта.
Ол эрээри күннэр-дьыллар хотоҕостуу субуллан ааһалларыгар, сүрэҕи-быары өрүкүппүт олоҥхоһут оҕобут көстөрө сэдэхсийэн барбыта. Оттон көрөөччүлэр харахтарын далыгар куруук илдьэ сылдьыахтарын баҕараллара кэмнээх буолуо дуо?! Ол иһин “Олоҥхоһут кыыспыт билигин ханна баарый? Хайа дойду оҕото этэй? Туох үлэһит буолла? Олоҥхолуур дуо?” о.д.а. ыйыталлара элбэх.
Биэс күнүнэн билбитим
Мира Самырова ааспыты маннык ахтар: —Мин Таатта улууһун Чөркөөҕөр 1985 сыллаах бэс ыйын 22 күнүгэр эдэр дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт, бырааттаахпын, балтылаахпын. Икки эбээ, икки эһээ күүтүүлээх бастакы сиэннэрэ буоламмын атаахтаан, далбарданан аҕай биэрэрим. Күнү-күннүктээн кинилэрдиин алтыһан буоллаҕа эбитэ дуу, кыра сылдьан улахан киһи курдук лоп бааччы тыллаах-өстөөх, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах үһүбүн. Ону таба көрөн буолуо, маҥнайгы учууталым Аграфена Ивановна Аржакова 6 саастаахпар (оччолорго бастакы кылааска үөрэнэр этим) П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан, ол тиэкиһи нойосуус үөрэтэрбэр эппитэ. Өйдүүрбүнэн, уонча лиис этэ. Дьэ, мин дьиэбэр тиийэн аах да аах. Эбээм, эһээм истэ сылдьаннар, тылбын-өспүн көннөрөн биэрэллэр. Сөҕөллөр-махтайаллар. Оччоҕо дэбдэс гына түһэбин да, умсугуйан аахпытынан барабын. Дьоммун үөрдэрим кэмнээх буолуо дуо?.. Ийэм киэһэ тугу үөрэппиппин истэр. Учууталым олоҥхо дьоруойдара хайдах туттан-хаптан ыллыылларын-туойалларын барытын көрдөрөн, наһаа үчүгэйдик үөрэппитэ. Онон биэс күн иһигэр барытын билбитим. Итинтэн саҕаламмыта, олоҥхону бастакы толоруум.
Аграфена Ивановна — үлэ диэн баран муннукка ытаабыт, айылҕаттан айдарыылаах Учуутал. Биһигини хайдахтаах курдук кыһаллан үчүгэйдик үөрэппитин сөҕөбүн. Маҥнайгы кылааска мүнүүтэҕэ 90-100 тылы ааҕарбыт, суот-садаача биир оннук таһымнааҕа. Ол түмүгэр үөрэппит оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээх, араас идэлээх дьоммут.
Чөркөөхтөн — Парижка
-1993 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир үгүс тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Ол сайын Чөркөөххө оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыыларга олоҥхоһуттар күрэстэригэр бастаабытым. Күһүн үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир күн дириэктэр хоһугар ыҥыттардылар. Мин кыргыттары кытары эккирэтиһэ оонньоон бокуойа суохпун. “Үчүгэй баҕайытык оонньоон истэхпитинэ” диэн испэр кыһыйдарбын да, кып-кыһыл сирэйдээх киһи кэбиниэт ортотугар биирдэ баар буола түстүм. Онно: «Мира-а, ахсынньыга Парижка барар буоллуҥ ээ. Олоҥхолуу», — диэтилэр. Мин үөрэн, айаҕым ыпсыбат буолан хаалла. Оччолорго да Париж Франция киинэ буоларын, онно Эйфель башнята баар диэн истэн билэр этим. Уопсайынан, дьонум такайар буоланнар, судаарыстыбалар кииннэрин, Африка дойдуларыгар тиийэ билэрим. Дьон дьээбэлэнэн ыйыт да ыйыт буоллахтарына, хоруйдаан чап гыннаран иһэрим.
Үөрүүлээх сонуммун кэпсии охсоору, уруок кэнниттэн дьиэбэр сүүрүүнэн аҕылаан-мэҕилээн аҕай тиийдим. Эбээм эрэ баар эбит. Ийэм аах аймахтарбытыгар барбыттар. Суумкабын ороммор элитээт, куукунаҕа эбээбэр кэлэн эттим да, улаханнык аахайбата. Ол иһин сиирэ-халты аһыы охсоот, дьоммор ыстанным. Туос бөтөрөҥүнэн тиийэн, ийэбэр эппиппин: «Чэ, ону-маны кэпсээмэ, солом суох», — диэн кэбистэ. Мин тохтоон бэрт. Иннигэр күөйэ сылдьан: «Маа, маа, кырдьык этэбин, олоҥхолуу барар үһүбүн ээ, Парижка”, — диибин. Онтон ыксаатым уонна: “Клянусь. Клянусь”, — дии-диибин төҥкөйөн турдаҕына, сирэйигэр чугаһаа да чугаһаа буоллум. Ийэм онно, дьэ, итэҕэйэн, үөрүү бөҕө буолла.
Бэрэсидьиэн наһаа да үчүгэй киһи эбит!
-Ахсынньыбын өр да күүппүтүм. Дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс улуу Ойуунскай төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтии, өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев салайааччылаах дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн, Парижка көттүм.
Парижка тиийбитим, остуоруйа дойдутугар киирэн хаалбыт курдук этим. Эчи кырасыабайын, ырааһын, астара-үөллэрэ минньигэһин! Эйфель башнятыгар, Луврга, Диснейлеҥҥэ сылдьан, мааһым адьас табылынна. Хас да кэнсиэргэ, ЮНЕСКО штаб-кыбартыыратыгар олоҥхолоон биһирэнним. “Олоҥхолообут оҕобут бу баар” диэн сиэтэн илдьэн, бэрэсидьиэн Михаил Николаевы кытта көрүһүннэрбиттэригэр, илии тутуспутум. Хантайан көрбүтүм, олус кырасыабай, мааны. Аны наһаа үчүгэйдик кэпсэтэр. Михаил Ефимович хайҕаабыта, төбөм оройуттан сыллаан ылбыта уонна Микки Маустаах үрүсээк бэлэхтээбитэ. Онно “бу бэрэсидьиэн диэн наһаа да үчүгэй киһи эбит” дии санаабытым. Ол бэлэхтээбит үрүсээгин уура сылдьабын.
Өссө онно сылдьан французтуу ырыаны истэн үөрэппитим. Дойдубар кэлэн баран, көрдөстөхтөрүн аайы харса суох ыллаа да ыллаа. Ону билигин санаатахпына, күлэбин ээ. Туох-туох диирим эбитэ буолла…
Мусукаан буолбатаҕым
-Мин бу саха чулуу айымньытын ЮНЕСКО нөҥүө аан дойдуга иһитиннэрбиппинэн киэн туттабын, олус астынабын. Ол мин өҥөм буолбатах. Түгэнигэр таба көрөн үөрэппит-уһуйбут учууталым Аграфена Ивановна, көҕүлээбит сэҥээрбит эбээлэрим-эһээлэрим, ийэм-аҕам, истээччилэрим үтүөлэрэ дии саныыбын. Билигин сөҕөбүн уонна сүгүрүйэбин бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев кэскиллээх дьаһалларын, далааһыннаах дьайыыларын. Михаил Ефимович саҕалаабыта — сахалар ОЛОҤХО диэн айымньыбыт аан дойду кэрэхсэнэр, чулуу айымньыларын кэккэлэригэр айанын.
Мусукаан оҥороору, 1995 сыллаахха Дьокуускайга Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэттэрэ аҕалбыттара. Фортепианоҕа учууталларым Попова Анна Алексеевна, Григорьева Виктория Георгиевна наһаа кыһаллан уһуйбуттара. Ол гынан баран, ити мин аналым буолбатах эбит. Онон СГУ юридическай факультетыгар киирэн баран, “высшай” математикаттан сылтаан тохтообутум. Тоҕо диэтэххэ, Муусука үрдүкү оскуолатыгар ахсыс кылаас кэнниттэн математика, физика, химия биридимиэттэрин үөрэппэттэр. Онтукайым охсубута. Ол иһин филологическай факультет нуучча тылын салаатыгар киирбитим. Билигин Ньурба улууһун Маалыкайыгар үлэлиибин. Ыал ийэтэбин.
Сардаана БАСНАЕВА.
«Саха Сирэ» хаһыат
Мира Самырова хаартыскаларын архыыбыттан