Ытык ыалдьыттары маанылаан…
Олоҥхо ыһыаҕын биир үтүө үгэһэ – бастыҥ олоҥхоһуттары маанылаах сандалыга ыҥыран, үрдүкү салалта бэрэстэбиитэллэрин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһии буолар.
Өймөкөөҥҥө буола турар бу Олоҥхо ыһыаҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Олоҥхо XVI ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников ытык ыалдьыттары көрүстэ, күндүлээтэ.
-Кэрэ айылҕалаах Өймөкөөн сиригэр Олоҥхобут ыһыаҕа ыһыллар түгэнэ тосхойдо. Маныаха балачча үлэ ыытылынна. Араас омук тоҕуоруһан олорор улууһа олоҥхону чугастык ылынан, ис дууһаларыттан кыһаллан бэлэмнэннилэр. Олоҥхо ыһыаҕар тирэҕирэн, норуоппут барҕа баай култуурата сайдар. Ол курдук, аҕа көлүөнэни солбуйар эдэр олоҥхоһуттар үүнэн таҕыстылар. Оскуола саастаах оҕолор сэҥээрэн үөрэтэр буоллулар. Бу Олоҥхо ыһыаҕыттан тирэҕирэн, уустарбыт-иистэрбит дьарыктара, сахабыт таҥаһа-саба , аһа-үөлэ, кымыһа, хомуһа, үҥкүүтэ-битиитэ, ырыата-тойуга, сиэрэ-туома, алгыһа – барыта сөргүтүлүннэ, саҥа таһымҥа таҕыста.
Олоҥхо ыһыаҕа диэн икки күн оһуохайдаан, оонньоон баран тарҕаһыы буолбатах. Бу – эдэриттэн эмэнигэр диэри сомоҕолоһон, төрүт култуурабыт тула түмсүү, үйэлээх баайбытын хаҥатыы, тарҕатыы, ыччакка тириэрдии.
Ил Дархан олоҥхобут өссө сайдарыгар төһүү күүс буоллун диэн, уустарга, оһуохайдьыттарга, олоҥхоһуттарга истипиэндьийэ анаабыта. Аны бу саас норуот маастардарыгар эмиэ оннук биһирэм бириэмийэ баар буолла. Олоҥхо дьиэлэрэ биир ситиминэн үлэлииллэригэр, матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй өттүнэн кыаҕыралларыгар өйөбүл олохтонно. Ити дьаһаллар көдьүүстэрин сыыйа билэн иһиэхпит.
Саха уус-уран хомоҕой тылын иҥэринэ, илдьэ сылдьар ытык дьоммут ыһыахтан дуоһуйан барыаххыт диэн эрэнэбит.
Бу үтүөкэн тэрээһин ыытааччыта, “Олоҥхо” ассоциация бэрисидьиэнэ Февронья Шишигина олоҥхоҕо салалтабыт болҕомто уурарын бэлиэтээтэ.
Ол курдук, былырыын 5 мөлүйүөн солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, быйыл 11 мөлүйүөнү анаабыттар. Итинтэн 6 мөл. солк. олоҥхоһуттар тустарынан энциклопедияҕа тыырыллыбыт, хаалбыт 5-һэ бу Олоҥхо ыһыаҕын курдук тэрээһиннэргэ туттуллар эбит. Маннык ботуччу үп-харчы олоҥхобутун үйэтитиигэ туһуланара – норуот дьокутааттара бүддьүөтү ылыныыга куоластаан быһаарыыларын ситиһиитэ. Ити иһин Февронья Васильевна Ил Түмэҥҥэ махталын көрсүһүүгэ кэлбит Сахамин Афанасьевынан тириэртэ.
Олоҥхону 40 сыл чинчийбит бэрэпиэссэр Василий Васильевич Илларионов солбук буолар саҥа каадырдары, наука өттүттэн үөрэтэр эдэр учуонайдары үтүө тылынан аҕынна. Кини бу астаах-үөллээх көрсүһүүнү тэрийбит Сергей Васильевичка уонна Сахамин Милановичка махтанна. Манна даҕатан, бу икки сахалыы куттаах салайааччыбыт эһээлэрэ устар ууну сомоҕолуур олоҥхоһуттарын сырдатта.
Ыҥырыылаах ыалдьыттары Өймөкөөн улууһун култуураҕа управлениетын салайааччыта Аксиния Сивцева эҕэрдэлээтэ:
-Бытархан тымныыттан куттаммат, сылгыны, ынаҕы, табаны тэҥинэн иитэн олорор өймөкөөннөр ааттарыттан эҕэрдэ буолуохтун! Бу ыһыаҕы кэтэспиппит ыраатта. Тоҕо диэтэххэ, бу тэрээһин Өймөкөөн туһунан бэрт үчүгэй кэпсээни, өйдүбүлү дьоҥҥо хаалларыа дии саныыбыт. Иккиһинэн, ыччаппыт сайдарыгар олук буолуоҕа. Үсүһүнэн, олохтоохторго саха култууратын муҥутуур чыпчаалын – олоҥхону – иһитиннэрээри.
“Айыы санаа айана” ыһыахпыт кэнсиэпсийэтэ айылҕабыт ураты килиимэтиттэн саҕыллан оҥоһуллубута. Тыйыс тымныылаах аар айылҕабыт ытык эргиирэ тулхадыйбатын диэн соруктан. Ол курдук, кыһыны сайын, тымныыны сылаас, хараҥаны сырдык солбуйа туруохтаах…
Түгэнинэн туһанан, Аксиния Семеновна олоҥхоһут Иван Евсеевич Варламовка 70 сааһынан бэлэх туттарда.
Түмүккэ Февронья Шишигина үс олоҥхоһут бэҕэһээ олоҥхолоон баран, бу маннык кэрэ айылҕалаах сиргэ тыл бэйэтэ суккуллан тахсан иһэрин билиммиттэрин эттэ. Онон бу икки күн устата кэрэхсэбиллээх толоруулары истиэхпит.
Итиэннэ Өксөкүлээх Өлөксөй ыалдьыттаабыт Сыромятников балаҕаныгар саха омук сайдар кэскилин, Кырбаһааҥкын өтөҕөр урбаан, меценатство, биисинэс туһунан кэпсэппиттэрин кэпсээтэ. “Соннук аны Чысхаан резиденциятыгар олоҥхоһут диэн кимин тула сэһэргэһиэхпит”, -диэн кэпсэтиигэ ыҥырда.
Онон Олоҥхо ыһыаҕа аҥаардас ырыа-тойук буолбакка, саҥа саргылаах санаа саҕыллар түһүлгэтэ буолуохтун!