Түөрт тылынан аахтылар
Былырыын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо үбүлүөйдээх XV ыһыаҕар улуус кииннэммит библиотечнай ситимэ сонун сүүрээни киллэрбитэ – олоҥхону ааҕыы марафонун.
Ол курдук, оруобуна 100 киһи икки күн устата Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун куолаан аахпыттара. Олор ортолоругар саха тылын дьаныһан үөрэтэр турок Умит эмиэ баара.
Нэһилиэнньэни олоҥхону ааҕыыга көҕүлүүр бу бэртээхэй бырайыагы сэҥэрээннэр, эстафета паалкатын Томтор бибилэтиэкэтэ ылан, эмиэ бэрт сэргэхтик тэрийэн ыытта.
Быйылгы уһун тыыннаах ааҕыы былырыыҥҥыттан уратыта диэн, “Ньургун Боотуру” 4 тылынан аахтылар: эбээннии, сахалыы, нууччалыы уонна ангылычаанныы. Холобура, саха атын ааттаппыт Дугуйдан Винокуров ийэтэ Ирина Христофоровна эбээннии аахта.
— Үчүгэйим нэһилиэгин бибилэтиэкэтин үлэһитэ кэлэн көрдөспүтүгэр, эбээннии тылы дьоҥҥо иһитиннэрээри, бу бырайыакка кыттарга тута сөбүлэспитим. “Ньургун Боотуру” эбээннии Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүн олохтооҕо Дмитрий Кривошапкин тылбаастаабыта. Бэйэм төһө да эбээннии холкутук саҥардарбын, олоҥхону ааҕарга ыарырҕаттым. Бастатан туран, кэпсэтии тылыттан уус-уран хоһуйуу уратылаах. Аны туран, мин Хабаровскай кыраай эбээнэ буолабын. Ол иһин диалекпыт атын-атын. Бу олоҥхоҕо түөлбэ тыла элбэх эбит. Ол эрээри сахалыытын билэр буоламмын, ис хоһоонун толору өйдөөтүм. Олоҥхону маннык түөрт тылынан аахтарбыттара сонун буолла.
Томтор модельнай бибилэтиэкэтин отделын сэбиэдиссэйэ Мария Михайловна Ефимова:
-Биллэн турар, биһиги Томторбут нэһилиэнньэтэ кыра, ол иһин 100 ааҕар киһини булар уустуктардаах соҕус этэ. Сааскыттан дьону кытта кэпсэтэн, атын нэһилиэк бибилэтиэкэлэрин нөҥүө эбии дьону булан, син 90-тан тахса ааҕар киһини испииһэктээбиппит. Онтон атынын кэлбит ыалдьыттартан талан аахтарыахпыт. Маныаха эһиилгигэ баҕа санаа курдук этиэм этэ, Олоҥхо ыһыаҕын балаһыанньатыгар улуустарга ирдэбил киллэриэххэ наада эбит: хамаандаттан булгуччу 3 киһини уһун тыыннаах ааҕыыга кытыннараҕыт диэн. Оччоҕо хабар дойдута да кэҥиэ, дьоно да элбиэ этэ. Дьиҥэр, олоҥхону пропагандалыырга олус көдьүүстээх бачыым эбит. Хаһан да олоҥхону аахпатах дьон аахта. Маныаха анал истиэндэ оҥордубут. Онно кыттыбыт 100 киһи мэтириэтин иилиэхпит, ааттарын, дойдуларын суруйуохпут. Онон кыттыбыт дьон устуоруйаҕа хаалаллар. Итиэннэ хас биирдиилэригэр марафоҥҥа кыттыбыттарын туоһулуур сэртипикээти туттарабыт.
Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэрэ Наталия Кирилловна Петрова:
— Биһиги Үөһээ Бүлүүттэн анаан-минээн кэлэн, маннааҕы кэллиэгэлэрбитигэр сүбэ-ама буолан көмөлөстүбүт. Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа буолар. Олор уһун тыыннаах ааҕыы хайдах ыытылларын билиҥҥиттэн интэриэһиргииллэр. Бэйэлэрэ уларытар-тэлэритэр бырааптаахтар. Дьону сахалыы ааҕыыга угуйарга, төрүт тылларын билэллэригэр, олоҥхолуун алтыһалларыгар олус наадалаах тэрээһин.
Үөһээ Бүлүү улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга департаменын салайааччыта Сардаана Сергеевна Ильинова:
— Биһиги бибилэтиэкэлэрбит олохтообут бу бачыымнара үгэскэ кубулуйуон баҕарабыт. Томтордор салҕаабыттарыгар, иккис төгүлүн ыытылла турарыттан үөрэбит уонна махтанабыт. Өссө силигэ ситэн, тупсан истин!