Ил Дархан Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэтэ
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Ытык-мааны Өймөкөөн улууһун олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо XVI ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!
2005 сыллаахха ЮНЕСКО биһиги олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) билиммитэ.
Олоҥхо саха норуотун тылынан искусствотын муҥутуур чыпчаала буолар. Бу улуукан айымньыга аналлаах бырааһынньык аан бастаан 2006 сыллаахха тэриллибитэ, онтон ыла Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыгар ыытыллан кэллэ.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит бу сүдү айымньыбытыгар норуоппут үйэлэргэ умнуллубат кэриэһэ, литературата, устуоруйата иҥэн сылдьар. Ол курдук, Олоҥхоҕо сырдык күүс хара дьайы кыайыыта, холооно суох хорсун быһыы, киһи санаатын күүһүгэр эрэнии, аҕа саастаахтарга ытыктабыл, кыраны-кыамматы көмүскүүр аһыныгас быһыы-майгы хоһуйуллар.
Урукку өттүгэр Олоҥхо ыһыаҕа Хотугу улуустартан Үөһээ Дьааҥы улууһугар ыытыллыбыта. Быйылгы ыһыаҕы Тымныы полюһунан аатырбыт, суон сураҕырбыт Өймөкөөн улууһугар ыытар дьоһун суолталаах тэрээһининэн буолар. Бу маннык киэҥ хабааннаах тэрээһин улуустарбытын социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайыннарарга уонна ураты үгэстээх култуурабытын чөл хаалларарга төһүү буолара чахчы.
Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэбитигэр төрүт култуураны өйүүргэ судаарыстыба өттүттэн улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, Олоҥхо дьиэлэрин кэлим тиһигэ тэрилиннэ. Былырыын Олоҥхо күнүгэр олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар Ил Дархан ыйдааҕы истипиэндьийэлэрэ аан бастаан туттарыллыбыттара. Оттон быйылгыттан Саха Сирин норуотун маастардарыгар истипиэндьийэлэр олохтоннулар. Онон, номнуо үгэскэ кубулуйбут Олоҥхобут ыһыаҕар төрүт култуурабытын үйэтитээччилэрбит бу күҥҥэ туох-ханнык ситиһиилээхтэрин илэ-чахчы көрүөхпүт.
Бырааһынньык иннинэ Өймөкөөн олохтоохторун былыргы үгэстэрин сөргүтэн, чөлүгэр түһэрэн, Үөһээ Айыыларга сүгүрүйэр, уйгуну-быйаҥы көрдөһөр алгыс сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Ыһыах аһыллыытыгар тыйаатыр туруоруутун сүрүн дьоруойунан Өймөкөөн уус-уран айымньытын бухатыыра Дугуйа Бөҕө буолуоҕа.
“Өбүгэлэрбит хаалларбыт үйэлээх баайдара” быыстапкаҕа саха уустарын оҥоһуктарын: былыргы уонна аныгы ньыманан оҥоһуллубут быһахтары, араас кэмнээҕи хомустары, батыйалары, былыргы истииллээх үрүҥ көмүс киэргэллэри көрдөрүөхтэрэ. Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы ат симэҕин V күрэҕэр Саха СЧириттэн, Тываттан уонна Алтайтан 15 толору симэҕи оҥорбут талба талааннаахтар кытталлара күүтүллэр.
Олоҥхо ыһыаҕар уопсайа култуура 80-тан тахса тэрээһинэ, успуорт 15 күрэхтэһиитэ, 20 куонкурус ыытыллыаҕа. Олоҥхоһуттар, оһуохай тылын этээччилэр, уустар, хомусчуттар, норуот уус-уран айымньытын жанрдарын толорооччулар, норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардарын ортолоругар кыайыылаахтар – төрүт култуурабытын бастыҥ үйэтитээччилэр быһаарыллыахтара.
Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түһүлгэтигэр Саха сирин бастыҥ олоҥхоһуттара түмсүөхтэрэ. Ол онно дуулаҕа бухатыырдар хорсун быһыыларын, сырдык уонна хараҥа күүстэр киирсиилэрин, үтүө мэлдьи кыайарын туһунан хатыламмат устуоруйалары истиэхпит, бу билиҥҥи судургута суох кэмҥэ сүргэбитин көтөҕүөҕэ, куппутун-сүрбүтүн бөҕөргөтүөҕэ. Күн бүгүн Сахабыт сирин боотурдара төрөөбүт дойдубутун – Улуу Россияны көмүскүү сылдьаллар. Онуоха биһиги кыайыахпыт диэн эрэнэбит. Олоҥхо ыһыаҕын алгыһа биһиги буойуттарбытыгар тиийдин, уҕараабат күүһү, энчирээбэт эрчими эптин!
Күндү доҕоттор! Умнуллубат кэрэ бырааһынньыгы, өҥ-быйаҥ сайыны, таһаарыылаах үлэни, чэгиэн-чэбдик туругу уонна бары үтүөнү баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев