Ысыах
“Айыы санаа айана” өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVI Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэннэ. Ол эрэн, ыһыах дуораана, ыһыах туһунан сэргэх кэпсээн, истиҥ сэһэргэһии барыта кэнэҕэһин даҕаны уос номоҕор хаалыа турдаҕа. Соторутааҕыта Өймөкөөн улууһун баһылыктара, ыһыаҕы тэрийээччилэр Дьокуускай куоракка кэлэн ыһыах түмүктэрин таһааран, СӨ бырабыыталыстыбатыгар отчуоттаатылар, тустаах наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр. Ону сэргэ, ыһыах хас биирдии кэрэхсэбиллээх түгэнин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар сырдатар, көрдөрөр аналлаах […]
Аммаҕа Олоҥхо XVII ыһыаҕар «Кутуллар кылыһах-кырыымпа дорҕооно» күөн күрэс 150-кэ кыттааччыны түмэн, саҥа тутуллубут «Кылыһах-кырыымпа» түһүлгэҕэ көхтөөхтүк буолан ааста. Бу кыл струналаах кылыһах-кырыымпаҕа толорооччулар күрэхтэрэ Олоҥхо ыһыаҕар иккис төгүлүн ыытылынна. Бастакы күрэх Үөһээ Бүлүүгэ буолбута. Онно Василий Неустроев салайааччылаах “Кыл кылыһах” бөлөх Кылаан чыпчаал кыайыылаахтара буолбуттара, онтон Василий Алексеевич, норуокка биллэринэн Байаан Бааска, биирдиилээн толорооччуларга […]
От ыйын 1-2 күннэригэр кэрэ айылҕалаах Өймөкөөн улууһун Томтор бөһүөлэгэр тэриллибит Олоҥхо 16-с өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕар оһуокайдьыттар күрэхтэригэр Бүлүү улууһун биллэр оһуокайдьыта Каролина Харлампьева бүлүүлүү оһуокайы толорон, Кылаан бирииһи ылары ситистэ. Быйыл сайын тэриллибит оһуокай өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэхтэригэр бүлүүлэр, чуолаан, Үгүлээттэн төрүттээхтэр Федора Донская уонна Каролина Харлампьева дьоһуннук кыттыбыттарын, дойдуларын ааттаппыттарын, өрөгөй кыайыыларынан биир дойдулаахтарын үөрдүбүттэрин […]
Сегодня, 18 июля, в Национальной библиотеке Якутии состоялась презентация книги фольклорных материалов «Бардам Баабый». В книге впервые как целостное собрание представлены неопубликованные фольклорные и рукописные материалы, собранные в 1945-1947 гг. одним из фиксаторов и одновременно носителей устной традиции, внештатным корреспондентом Научно-исследовательского института языка, литературы и истории Андреем Гаврильвичем Местниковым и в настоящее время хранящиеся в Рукописном фонде Архива Якутского […]
«Айыы санаа айана» Олоҥхо XVI ыһыаҕа өрөгөйдөөх Өймөкөөн сиригэр Томтор сэлиэнньэтин “Көмүс күрүө” этнокультурнай комплекска икки күннээх түүн киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна. Уус Алдан улууһа 70-тан тахса киһилээх кэлэн, Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөх кыттыыны ыллыбыт. Дэлэгээссийэни улуус баһылыгын солбуйааччы Семен Бурнашев, улуус култуураҕа управлениетын начальнига Иннокентий Аммосов салайдылар. Икки күннээх Олоҥхо ыһыаҕар биир дойдулаахтарбыт ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол […]
Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыах күн араас эгэлгэ күрэхтэр ыытыллыннылар. Ким сатаан тойуктуур, оһуохайдаан дьиэрэтэр, уран да тарбахтаахтар кинилэргэ анаммыт күрэхтэргэ көхтөөхтүк кытыннылар Биир саамай сэргэх тэрээһин – Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотун күргүөмнээхтик ааҕыы. Бэрт интэриэһинэй буолла. Манна ананан оҥоһуллубут түһүлгэҕэ 44 киһи кэлэн кыттыыны ылла. Бу […]
Былыргы былдьаһыктаах дьыллар быралыйар быраман мындааларыттан, урукку охсуһуулаах дьыллар уларыйар уорҕаларыттан, ааспыт араллааннаах дьыллар анараа таһааларыттан саха норуотун мындыр өйүн, аан дойдуну, олоҕу анаарыытын түмэн көрдөрөр, киһи кыаҕын уруйдуур, ийэ тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэриммит сүдү айымньыбыт олоҥхо буолар. Олоҥхо — норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала, бухатыырдар хорсун сырыыларын хоһуйар эпическэй айымньы. Олоҥхо дириҥ суолтатын өйдөөн, 2005 […]
Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков этиитэ: — Күндү доҕоттор! Бука барыгытын Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин! Үгүс үйэлэр анараа өттүлэригэр, сүүһүнэн көс сири уҥуордаан, биһиги аймах билэ дьоммут – бороҕоттор, байаҕантайдар, боотур уустара, намнар, онтон хаҥаластар, бүлүү бөлөхтөр – бу өйүмэлээх Өймөкөөн сирин сөбүлээн, ыҥырсан-сирдэтэн кэлэн олохсуйбуттара. Онон […]
«Таатта улууһа» МО дьаһалтатыгар Өймөкөөн Томторун «Көмүс күрүө» этнокультурнай комплексыгар ыытыллыбыт «АЙЫЫ САНАА АЙАНА» Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи XVI ыһыаҕын кыайыылаахтарын чиэстиир тэрээһин ыытылынна. Киэн тутта ааттыыр, биир дойдулаахтарбытын чиэстиир долгутуулаах түгэн сомоҕолуур күүстээх өрөгөй ырыатыттан саҕаланна. Үөрүүлээх тэрээһини улууһун баһылыгын солбуйааччы Егор Ноенохов Олоҥхо ыһыаҕар Тааттаттан уопсайа 120 кыттааччы, сүрүннүүр тэрийээччи тиийэн, ытык Таатталарын ааттатан, үһүс […]
Өймөкөөн улууһун Томторугар ыһыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Айыы санаа айана» Олоҥхо ыһыаҕа бэрт үрдүк таһымнаахтык ааспытын туоһута — дьон-сэргэ истиҥ махтал тыла. Күн бүгүҥҥэ диэри улуустартан ыыппыт Махтал суруктар Өймөкөөн улууһун бассаап бөлөхтөрүгэр тарҕана тураллар. Анаабыр национальнай (дулгаан-эбэҥки) улууһуттан «Анаабыр уоттара» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Попова-Сарыада санаатын маннык үллэһиннэ: — Кырдьык да, Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллыбыт Өймөкөөнө […]
Олоҥхо ыһыаҕар кини култуура волонтерунан үлэлии барбыта. Өймөкөөн Томторугар хас да күн иннинэ тиийэн, үлэ бөҕөтүгэр түспүттэрэ: хомуйуу-сууйуу, илдьии-таһыы, оҥоруу-толоруу… Олоҥхотугар анаан бэлэмнэнэр да солото суох сылдьыбыта. Соннук утуйар-утуйбат икки ардынан сынньаммакка да түбүгүрэ сылдьан, ыччат олоҥхоһуттар күрэстэригэр кыттара бу кэлбитин өйдөөн, тиэтэлинэн оҥосто охсон, күөн күрэс буола турар сиригэр тиийбитэ, номнуо улахан аҥаардара олоҥхолорун […]
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, саха норуотугар бүттүүнүгэр даҕаны улахан суолталаах тэрээһин – Олоҥхо Ыһыаҕа Аан дойдуга тымныы оройунан билиниллибит ытык Өймөкөөн сиригэр үрдүк таһымнаахтык тэриллэн, сир-сир аайыттан ыалдьыт бөҕө тоҕуоруһан, дьиҥ сахалыы ыһыахтаан, үөрэн-көтөн, ыалдьытымсах, үлэһит Өймөкөөн дьонугар-сэргэтигэр уһун кэмҥэ умнуллубат махтал-алгыс тылларын этэн тарҕастылар. Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн тэрийсээччи, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков эппитин курдук: «Тыһыынчанан киһи […]
Олоҥхо ыһыаҕар Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Мэндэ Бухатыыр» олоҥхону көрдөрдө. Айымньы ааптара — оҕо суруйааччыта Евдокия Иринцеева-Огдо. Испэктээк туруорааччы режиссера — СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец, туруорааччы худуоһунньук — СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова. «Мэндэ Бухатыыр» испэктээкили Олоҥхо ыһыаҕар оҕолорго аналлаах түһүлгэҕэ көрдөрдүлэр. Дьон-сэргэ саҥа туруорууну дуоһуйа көрдө-иһиттэ. Манна артыыстар талааннарын араас өттүттэн арыйан, чаҕылыта оонньоттулар. […]
Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, олоҥхону толорооччу ахсаана сылтан сыл ахсын элбээн-эбиллэн иһэр эбит. “Ыччат бөлөҕөр урукку өттүгэр 10-15 киһи күөн көрсөр эбит буоллаҕына, быйыл 25-тэр”, — диэн холобурдаан кэпсээтэ. Оҕолор кыттыылара эмиэ көхтөөх. Ол буоллаҕа дии, бу Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн ситиһиитэ – үүнэр көлүөнэни төрүт култуурабытыгар уһуйуу, сыһыарыы, тарҕатыы. […]
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Ытык-мааны Өймөкөөн улууһун олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо XVI ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин! 2005 сыллаахха ЮНЕСКО биһиги олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) билиммитэ. Олоҥхо саха норуотун тылынан искусствотын муҥутуур чыпчаала буолар. Бу улуукан айымньыга аналлаах бырааһынньык аан бастаан 2006 сыллаахха тэриллибитэ, онтон ыла […]
«Олоҥхо ыһыаҕа – 2023” киэҥ хабааннаах национальнай бырааһынньыкка өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан, Арассыыйа куораттарыттан уонна тас дойдулартан 5 тыһыынчаттан тахса киһи муһунна. Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээбитинэн, олоҥхо көмөтүнэн саха норуотун аата аан дойдуга билиннэ. Олоҥхо ыһыаҕар 80 тахса тэрээһин – “Дугуйа Бөҕө” олоҥхо-испэктээк премьерата, олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи марафона, уустар, оһуохайдьыттар, олоҥхоһуттар күрэстэрэ, ат симэҕин көрүүтэ, успуорт национальнай көрүҥнэригэр […]
Олоҥхо дьоруойдарын тэҥэ аныгы кэм Үрүҥ Уоланнара суолталаах тэрээһин ыытыллар сылыгар төрөөбүт Өймөкөөннөрүн аар-саарга дорҕоонноохтук сураҕырдан, уолаттар Олоҥхо ыһыаҕын сынаарыйыгар киирдилэр. Бу сонун көстүү туһунан сценарист Майя Власьева маннык быһаарда: — Олус сүгүрүйэ ааттыыр фольклориһым Сэһэн Боло сэрии аҕай иннинэ сурукка тиспит Өймөкөөн олоҥхоһуттара Максим Аммосов “Дугуйа Бөҕө”, Николай Атласов “Күн Эрили” олоҥхолоруттан сюжет ылан, эбэн-сабан суруйбутум. Түмүгэр […]
Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ХVI ыһыаҕар өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан ыалдьыттар ыраахтан-чугастан айаннаан кэлэн, ыһыах бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан, Олоҥхо ыһыаҕын сиэрин-туомун ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Норуот баай ускуустубата – оһуохай, тойук, олоҥхо, хомуска оонньооһун, маастартар, уустар күрэстэригэр бэйэлэрин да көрдөрдүлэр, уопут да ыллылар. Чурапчы улууһуттан кэлбит дэлэгээссийэ Олоҥхо ыһыаҕар сырыытын уонна ситиһиилэрин туһунан Чурапчытааҕы Олоҥхо киинин исписэлииһэ Оксана […]
Кыһыннары тоҥмот өйүмүлээх, сайыннары ууллубат тарыҥнаах, халлааҥҥа харбаспыт хаардаах хайалардаах, күүгэннэрэ күрүлүүр күрүлгэннээх Өймөкөөн сиригэр от ыйын 1-2 күннэригэр ыһыллыбыт ыһыах түмүктэннэ. Тэрийэн ыыппыт Томтор бөһүөлэгин, чопчу эттэххэ, II Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров санаатын үллэстэр: -Былырыын 2022 с. Үөһээ Бүлүүгэ Өймөкөөн дэлэгээссийэтэ баран, Олоҥхо ыһыаҕын хайдах тэрийэллэрин анаан көрбүппүт. Туох кистэлэ кэлиэй, үрдүк таһымыттан […]
Олоҥхо ыһыахтара төһө да биирдиҥи халыыптаахтарын иннигэр, ханна ыытыллалларынан көрөн, уратылаах буолаллар. Түөрт сүдү сис хайаларынан тулхадыйбат тулааһыннаах, өйүмүлээх Өймөкөөн сиригэр, Томторго, «Көмүс күрүө» этнокомплекска от ыйын 1-2 күннэригэр ыһыллыбыт ХVI Олоҥхо ыһыаҕа ол үгэстэн туораабата – ыһыаҕы арыйыы сиэригэр-туомугар Өймөкөөн улууһун уратыта да арылынна, күрэхтэһиилэргэ саҥа көрүҥнэр да баар буоллулар. Өксөкүлээх ыһыаҕыттан саҕыллан Өймөкөөн […]