Эрилик түөлбэтэ – олоҥхо биһигэ
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ уонна сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар Чакырга оһуохайы тэҥэ нуучча хоробуота тэнийэ сылдьыбыт.
Хоробуоту таһаарарынан кэрэ куоластаах ырыаһыт, оһуохайдьыт Гаврил Максимович Кузьмин уһулуччу эбитэ үһү. Дэлэҕэ Матыыптыыр диэн хос ааттаныа дуо?! Саввин Николай Егорович-Ороһу эмиэ аатырара. Ороһу өссө лабаххайынан биһиллибит сылгы кылынан устурууналаан, халыҥ маһынан кырыымпа оҥорон, бэркэ оонньуура кэпсэлгэ хаалбыт. Быраата Мэхээ ыһыахха ыҥырыыга сылдьар ырыаһыт буолан эрдэҕинэ, “дьолгун тоҕо ыллаан кэбиһиэҥ” диэн тохтоппут.
1928 сыллаахха оскуола аһыллыаҕыттан 1952 сылга диэри мунньахтар, оонньуулар ыһыырынньык, чүмэчи, кэлин кыраһыын лаампатын сырдыгар оскуола көрүдүөрүгэр ыытыллаллара.
1938 сыллаахха баай Хаппытыан Макаров дьиэтигэр Ааҕар балаҕан аһыллыбыта. Оттон 1948 сыллаахха Өктөөп бырааһынньыгар Яковлев аатынан холкуос киинигэр Эбэҕэ бэрэссэдээтэл В.В. Кузьмин-Малахта салалтатынан тутуллубут бастакы кулууп малааһына буолбута. Сэбиэдиссэйинэн култуурунай-сырдатар училищены бүтэрбит Эдуард Иванович Монастырев ананан кэлбитэ. Эдуард Иванович С.Ефремов “Ини-бии”, В.Протодьяконов-Кулантай “Манчаары” диэн бөдөҥ драматическай айымньылары туруортаабыта.
Чакыр нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара 1951 сыллаахтан олоҥхону испэктээк быһыытынан туруоруунан үлүһүйэн, дьарыктананан барбыттара. Онон бу нэһилиэги олоҥхо түөлбэтэ диэтэхпинэ сыыспаппыт.
1951 сыллаахха И.Г.Теплоухов-Тимофеев “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотун “Правда” холкуос бэрэссэдээтэлэ Роман Афанасьевич Филиппов Николай Николаевич Протасовынан-Ньукулаччанан туруортарбыта. 1954 сыллаахха П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун Степан Николаевич Анисимов туруорбута. 1957 сыллаахха уус-уран самодеятельность оройуоннааҕы көрүүтүгэр кулууп сэбиэдиссэйэ Степан Анисимов туруоруутунан Суорун Омоллоон “Ньургун Боотур” олоҥхо-тойугун көрдөрбүттэрэ. Ньургун Боотуру-Константин Еремеев, Үрүҥ Уоланы Петр Романов, Түөнэ Моҕол оҕонньору Агафий Адамов, Күн Күбэй эмээхсини Елена Матвеева, Туйаарыма Куону Тамара Яковлева, Уот Уһутаакыны Петр Михайлов, Айыы Умсуур удаҕаны Анастасия Алексеева, Кыыс Кыскыйдааны Николай Макаров, Сорук Боллуру Николай Афанасьев, Аан Алахчын эбэ хотуну-Аал Луук мас иччитин Василий Филиппов ситиһиилээхтик толорбуттара. Эбэ алааһыттан Толооҥҥо киэһэ үлэ кэнниттэн сыарҕалаах атынан эрэпэтииссийэҕэ кэлэллэрэ, түүн үөһэ ааспытын кэннэ дьиэлэрин булаллара. “…Биир да киһи бэлэмнэниигэ хойутаабат, эгэ көтүтүөхпүт дуо?! Реквизити көмөлөөн оҥорбуппут эрээри, сүрүн маастарынан Агафий Иннокентьевич Адамов буолбута. Таһаҕас массыынатынан Чурапчылаан иһэн, ыаллыы нэһилиэкпитигэр олоҥхобутун көрдөртөөбүппүт. Дьон-сэргэ улаханнык хайҕаабыта, сөхпүтэ. Оройуоннааҕы Култуура дьиэтигэр көрөөччү “лыык” курдук мустубута. Дьоммут бары да кылыһахтаах куоластаах бэртээхэй ырыаһыттар этэ. Саала ытыс тыаһынан ньиргийэ олорбута. Бэстибээлгэ бастаабыппыт”, – диэн Н.В.Филиппов ахтыы суруйан хаалларбыта.
1993 сыллаахха, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” олоҥхону Вера Иннокентьевна Оконешникова режиссердаан туруорбута. 2000 сыллаахха П.А.Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” олоҥхотун Оконешникова Вера Иннокентьевна Дириҥнээҕи норуодунай тыйаатыр режиссера Тарабукина Александра Петровналыын иккистээн сценаҕа таһаарбыттара. Ити сыл В.И.Оконешникова оҕолорго анаан П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун литературнай-музыкальнай композиция быһыытынан туруорбута. 2001 сыллаахха П.А.Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” олоҥхото сценаҕа тахсар, режиссер – Сергеева Евдокия Андреевна. 2008 сыллаахха Кирилл Никифоров “Айдааннаах айаннаах Ала Буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур” олоҥхотун Оконешникова В.И., Сергеева Е.А. туруоран, Тааттаҕа Олоҥхо ыһыаҕар кыттыбыттара. 2012 сыллаахха Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан “Буура Дохсун” олоҥхотун үбүлүөйдээх ыһыах кэмигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрбүттэрэ (режиссердар Якимец В.А., Сергеева Е.А.). Маны ааҕыҥ Тандалар үс эдэр уолтан биирин таллылар 2013 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Олоҥхо тыйаатырын сыанатыгар Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун иккистээн атыннык туруоран, Дьокуускай куорат дьоһун-мааны дьонугар көрдөрбүттэрэ. Бу олоҥхону испэктээк быһыытынан көрдөрөргө Култуура дьиэтин дириэктэрэ Ульяна Васильевна Адамова Олоҥхо бырагырааматыгар бырайыак суруйан, 200.000 солк. грант ылбыта. Олоҥхо-испэктээккэ 41 киһи кыттыбыта. Чакырдар урут уруккуттан саха ырыатын-тойугун, саха төрүт үгэһин өрө туппут нэһилиэк буолан, Култуура дьиэтэ уларытыллан, Роман Афанасьевич Филиппов аатынан Фольклор дьиэтэ диэн дорҕоонноох ааттанан үлэлии-хамсыы олорор.
Дьэ, ити курдук, Чурапчы улууһун талба талааннаах Чакыр нэһилиэгэ быйыл биир дойдулаахтара, саха биллиилээх суруйааччыта, олоҥхоһута Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылынан Туоралдьын Толоонугар ыытыллар Олоҥхо улуустааҕы II ыһыаҕар ыраахтан-чугастан ытык ыалдьыттары ыҥыран, үбүлүөйдээх ыһыах ыһаары түбүгүрэллэр, бэлэмнэнэллэр.
Чакырга олоҥхону толоруу 71 сылыгар анаммыт күөн күрэстэр – оҕо, ыччат уонна улахан дьон ортотугар “Олоҥхо кырдьыбат” диэн олоҥхону толорууга, Эрилик Эристиин “Айыы Дьөһүөл” олоҥхотугар хоһуйуллар “Үөкэйдээн Куо” – саха кыыһын күрэҕэ, “Оһуохай үҥкүүтэ – түһүлгэ үөрүүтэ”, “Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах хомус барахсан” диэн улуустааҕы куонкурустар ыытыллыбыттара.
Өбүгэлэрин олоҥхоҕо, фольклорга тапталлара ыччаттарыгар бэриллэн, көлүөнэни көлүөнэ солбуйан иһэрэ олохтоохтору үөрдэр, астыннарар. Чакыр талба талааннара, биллиилээх олоҥхо, оһуохай, чабырҕах этээччилэрэ Григорьев Николай Никитич, Сайаана Попова, Настя Алексеева, Аня Макарова, эдэркээн олоҥхоҕо холонооччулар Нарыйаана, Туйгууна, Чэмэлиинэ Павловалар, тойуксут, оһуохайдьыт М.И. Ширяева, хомусчут Афанасий Ширяев “Кылыһах” фольклорнай бөдөх өбүгэлэрин утумнуур баҕа санаанан салайтаран Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын уу харахтарынан көрөөрү, эт кулгаахтарынан истээри, ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кытта бараары сыал-сорук туруорунан бэлэмнэнэ, күннээҕи үлэлэрин-хамнастарын бары түбүктэрин үмүрүтэ охсон, үөрэхтэрин ситиһиилээхтик түмүктүү охсон, айанныыр, кыттар баҕалаах сылдьаллар. Чакыр нэһилиэгэр саамай бастыҥ олоҥхоһутунан 1875-1939 сс. олорон ааспыт Ырыа Ылдьаа-Кононов Илья Платонович эбит. Кини уһулуччу умсугутуулаах лыҥкынас куоластааҕа уонна олус уус-уран тыллааҕа үһү. Тааттанан, Амманан, чугастааҕы нэһилиэктэринэн кэрийэн ыллаталаабыт. Суруйааччы Эрилик Эристиин дьиэтигэр ыҥыран, хонноро сытыаран, “Буура Дохсун” олоҥхону хаста даҕаны олоҥхолоппут үһү. Бу олоҥхону Эрилик бэйэтин тылыттан Саввин диэн киһиэхэ этэн суруттарбыт тиэкиһэ 1939 с. филиал архыыбыгар туттарыллыбыта. Тэтэрээт 409 илииһигэр 18000 хоһоон строкатынан суруллубут. Ырыа Ылдьаа импровизатор тойуксут быһыытынан А.А.Саввин ырыаларын устан филиал архыыбыгар туттарбыта кэлин элбэхтик бэчээттэннилэр: “Сиппиир ырыата”, “Амма ырыата”, “Кэччэгэй баай”, “Таатта ырыата”. Тиһэх охтуутугар ыалдьан сыттаҕына аймаҕа Устин Нохсоороп Дьокуускайтан тахсан көрсүбүт. Онуоха Ылдьаа, ыллаан иһитиннэр диэн көрдөспүт. Киһитэ ыллаабытын истэн баран: “Кырдьык даҕаны, аатырыаххын аатырар эбиккин”, – диэн хайҕаабыт. (В.Ф.Ермолаев “Кэрэ куолаһынан кэрэхсэппит Ырыа Ылдьаа” ахтыытыттан ыллым – ааптар). Дьэ, ити курдук фольклорга дириҥ силистээх-мутуктаах Чакыр дьонугар үбүлүөйдээх ыһыахтарынан уруй олоҕурдун, айхал ананнын, диэн алгыспытын аныаҕыҥ!
Мария ГЕРАСИМОВА-Сэҥээрэ,
РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын бочуоттаах үлэһитэ.