Ыччат дьону уһуйаары... - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах / Ыччат дьону уһуйаары...

Ыччат дьону уһуйаары…

Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, олоҥхону толорооччу ахсаана сылтан сыл ахсын элбээн-эбиллэн иһэр эбит. “Ыччат бөлөҕөр урукку өттүгэр 10-15 киһи күөн көрсөр эбит буоллаҕына, быйыл 25-тэр”, — диэн холобурдаан кэпсээтэ.   

Оҕолор кыттыылара эмиэ көхтөөх. Ол буоллаҕа дии, бу Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн ситиһиитэ – үүнэр көлүөнэни төрүт култуурабытыгар уһуйуу, сыһыарыы, тарҕатыы.   

Амма Бөтүҥүн кыргыттара Нарыйа Борисова, Лена Степанова, Сандаара Слепцова

Олоҥхону биирдиилээн толорууга II миэстэ буолбут уонна “Истээччи биһирэбилэ” ааты ылбыт Никита Лукин кэпсиир:

-Мин Уус Тааттаттан сылдьабын. Аҕам, эбэм эмиэ манна бааллар, кинилэр ансаамбылынан кытталлар. Оттон мин Бүөтүр Оҕотоойоп “Эһэ хара аттаах Элэс Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан, чаас аҥаара курдук толорон иһитиннэрдим. “Бачча уһуну хайдах өйгөр тутаҕын?” – диэн ыйытааччылар. Таах мээнэ нойосуус үөрэтэр буолбатахпын. Бастаан ис хоһоонун өйдөөрү, хаста эмэ ааҕабын. Оччоҕо остуоруйа курдук харахпар барыта көстөн кэлэр. Туох кэнниттэн туох кэлэрин өйдөөн хаалабын. Ол иһин биирдэ эмэ тылбын умуннахпына, төрүт мунаахсыйбаппын: бэйэм айан этэбин. Оннук биллэрбэккэ, иҥнибэккэ баран иһэбин. Нойосуус үөрэтэр оҕолор биир тылы умуннулар да, онон тохтоон эбэтэр бутуллан хаалаллар.  Онон сүрүн күлүүһэ – ис хоһоонун өйдүөх тустаахпыт.

Олоҥхолуур буолуохпуттан тылым саппааһа биллэ эбилиннэ. Ол үөрэхпэр туһалыыр. Өйтөн суруйарбар этиилэрбин уустаан-ураннаан оҥоро сатыыбын,  кэпсиирбэр санаабын сатаан сааһылаан тиэрдэр буоллум.

Мин олоҥхоҕо сыыйа кэлбитим. Эбэм Христина Михайловна үчүгэйдик ыллыыр-туойар. Аҕам Федот Федотович Лукин Тааттаҕа “Ырыа Бэргэн” ааты ылбыт ырыаһыт, ийэм Надежда Гаврильевна – үҥкүүһүт. Онон култуура эйгэтигэр уһуйуллан улааттым. Кыра эрдэхпинэ эдьиийим наар музыкальнай оскуолаҕа барара. Мин кинини сайыһан батыһарым. Онно Айта Егоровна Егорова олоҥхоҕо үөрэтэрин сэҥээрэн истэрим. Маҥнайгы кылааска киирээт, фольклор куруһуогар сылдьан саҕалаабытым. Хомустуубун, норуот ырыаларын толоробун, тойуктуубун. Кэлин олоҥхонон күүскэ үлүһүйэн эрэбин. Бастаан Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыаттатыттан” быһа тардан ааҕарым, онтон бу “Элэс Боотуру”, аны билигин “Ньургун Боотуру” үөрэтэн эрэбин. “Өбүгэ оонньуулара” өрөспүүбүлэкэтээҕи күрэххэ олоҥхоһутунан барсааччыбын.

Бу манна кэлэрбэр миигин Майя Кононовна дьарыктаата. Кини Култуура колледжын бүтэрэн, дойдутугар үлэлии кэллэ. Мин эмиэ эһиил ити үөрэх кыһатыгар туттарсыам. Гитараҕа оонньуубун, эстраднай ырыалары эмиэ ыллыыбын.

Биһиги Алдан нэһилиэкпит олохтооҕо Александр Багардынов Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Кылаан чыпчаал” ааты ылбыта. Олоҥхолуурбар кини сүбэлиир. Мин эмиэ хаһан эмиэ олоҥхоҕо кини курдук муҥутуур кыайыылаах буолуохпун  баҕарабын.

Элбэх олоҥхоһут уутуйан үөскээбит Чакырыттан тардыылаах, билигин Чурапчыга олорор Нарыйаана, Туйгууна уонна Чэмэлиинэ Павловалары ийэлэрэ Татьяна Михайловна олоҥхоҕо уһуйар эбит.

-“Үс чуораан” диэн бөлөх тэриммиппит. Оччолорго Чэмэлиинэбит 4 эрэ саастааҕа уонна олоҥхолуура.

Эбээбит Татьяна Ивановна Адамова Олоҥхо тыйаатырын артыыһын, киэҥник биллэр кэскиллээх олоҥхоһуту, биһиги биир дойдулаахпытын — Настя Алексееваны — дьиэтигэр ыҥыран дьарыктыыра. Ону көрөн, биһиги эмиэ кини курдук олоҥхолуохпутун баҕарбыппыт. Анастасия Алексеева – биһиги кумирбыт.

Эрилик Эристиин түөлбэтиттэн төрүттээх буоламмыт, суруйааччы “Айыы Дьөһүөлүн” толоробут. Оруолларынан үллэстэн ыллыыбыт, ааҕабыт. Холобура, тоҕустаах Чэмэлиинэбит бухатыыр куолаһынан туойар.  Уопсайа биир чаас курдук толоробут. Дьон сэҥээрэн истэр.

Давид Канаев, Өймөкөөн VII кылааһын үөрэнээччитэ:

-Мин кыра эрдэхпиттэн ыллыыбын. Ол иһин учууталым Сардаана Уйгун Өймөкөөн олоҥхоһута Максим Аммосов “Дугуйа Бөҕө” олоҥхотуттан быһа тардыына үөрэтэргэ эппитэ. Бу Олоҥхо ыһыаҕа биһиэхэ буоларынан сибээстээн, элбэх оҕо олоҥхону аахта, үөрэттэ, табыллан толорбуттар күрэхтэһиигэ холонон көрдүбүт.

***

Давид этэрин курдук, Олоҥхо ыһыаҕа ыһылларынан кэнчээри ыччат олоҥхоҕо, тойукка, хомуска, чабырҕахха холонон-толорон көрөр. Онон сахалыы сиэргэ иитэргэ олус туһалаах тэрээһин буоларын өссө төгүл бигэргэтэбит.   

Поделитесь этой страницей